Сахалыы


IMG_2981Эрдэ биллэрбитин курдук,  "Ситим" РОО муус устар 7 күнүгэр, Дьокуускай куорат хаба ортотугар Орджоникидзе болуоссакка  дойду салалтата коррупцияны утары ыытар политикатын өйөөн уонна быраабы араҥаччылыыр уоргаттар ортолоругар "погоннаах абааһылары" утары санаатын этэр миитин тэрийдэ.

Суут – мэкчиргэ төбөтө

Пятница, 06 Апреля 2012 09:51

Киһи айылҕата оннук – ханнык баҕарар ыарахан балаһыанньаҕа да түбэспитин иһин, ыралаах буолар. Ол сиэринэн, Афанасий Максимов уонна Игорь Чикачев кырдьыктара кыларыйан тахсарыгар эрэнэллэр. Ол гынан баран, хас суут истиитэ, көрүүтэ, дьүүлэ түмүктэнннэҕин аайы эрэл кыыма кыччаан иһэр дуу…

Бу күһүҥҥүттэн саҕалаан, Дьокуускай куорат федеральнай  суутугар "Афанасий Максимов дьыалата" диэн ааттанан айдааннаах дьыала уһун синньигэстик салҕанан барар, көстөр түмүгэ, бүтэр уһуга баар буолуо дуо?

Саха Республикатын Үөрэҕин министиэристибэтэ, Саха Республикатын Национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениета, С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназията 2012 сыл муус устар 5 күнүгэр Чурапчы улууһугар саха тылын оскуолаҕа үөрэтии саҕаламмыта 90 сылыгар аналлаах «Төрөөбүт тыл алгыстаах аартыга: олоҥхо педагогиката» республикатааҕы тэрээһиннэр чэрчилэринэн “Олоҥхо педагогиката: иитии-үөрэтии соруктара» научнай-практическай конференцияны тэрийэн ыытар.


Бары көрө-билэ сылдьар буолуохтаахпыт, Саха киһитэ сахалыы ааттаныан сөп диэн элбэх кэпсэтии барбыта. Бу боппуруоска өрөспүүбүлүкэбит бэрэсидьиэнэ Егор Борисов санаата баара буоллар диэн кини анал сайтыгар
www.egorborisov.ru сурук суруйбутум.

timthumbСоторутааҕыта дьиэм аттыгар турар маҕаһыынтан фасоль кэнсиэрбэтин атыыластым. Үөрэн-көтөн дьиэбэр кэлэн салаат оҥоруох буолбутум, кэнсиэрбэм иһигэр фасоль буолбакка күөх горох сылдьар эбит.

IMG_2956(Хаартыскаҕа - Ф.Захарова, И. Шамаев, М.Богословская, В.Габышева). Бүгүн, кулун тутар 28 күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин Общественнай палатата уонна СӨ Үрдүкү суутун иһинэн тэриллибит Общественнай хамыыһыйа көҕүлээн, норуот дьокутаата Афанасий Максимов дьыалатыгар общественнай истии ыытылынна.

Ис дьыала министиэристибэтин салайааччылара былыр-былыргыттан Москубаттан ананан кэлэллэрэ. Арай, «суверенитет кэмигэр» Михаил Николаев уонна Борис Ельцин доҕордоһууларын түмүгэр, 1992 сыллаахха аан бастакынан саха киһитэ – Валерий Федоров ИДьМ миниистиринэн анаммыта. Федоров кэнниттэн 1999 сыллаахха Семен Назаров ананыыта эмиэ «көҥүл кэмнэр» тиһэх дорҕооннорун кэриэтэ этэ.

_DSC5269Кытай ырыынагар соччо сылдьыбаппын. Биирдэ дьону кэтэһэ таарыйа,  «харахпын сымнатыам» диэн киирэн ону-маны көрүтэлии сырыттым. Хата, харахпын сынньатыахтааҕар буолуох, харахпын дэлби аалларан, кыһыйан-абаран, хомойон таҕыстым.

Тарааһабыс таптала 48 саастаах

Вторник, 20 Марта 2012 11:55


16-5- Баһылай Тарааһабыс, хайа муҥун бэлиитикэни бэллигириэхпитий, саас кэлбиччэ таптал туһунан кэпсэтиэххэ.

- һэ-һэ-һэ… - Тарааһабыс баһын быһа илгистэ-илгистэ тэбэнэттээхтик күлэр. Онтон - 70-наах киһиттэн «таптал» туһунан сураһар, хайдаҕа эбитэ буолла? - диэн баран  «Саха» араадьыйатын, телевидениетин ханаалыгар «Эргимтэ» биэрии ыытааччыта Баһылай Тарааһабыс Уйбаныаб төттөрү бэйэбиттэн ыйытар.

- Хайдах буолуой, олох иһин-таһын билбит сааска үктэммиччэ, эгэ эрэ буоллаҕа.

<< Первая < Пред. 181 182 183 184 185 След. > Последняя >>
Страница 182 из 194
Aartyk.ru