Ытарҕа
«Дьиэ кэргэн төрдө — тылга уонна итэҕэлгэ»
Четверг, 25 Декабря 2014 01:21
Аныгы кэмҥэ хаһыат, сурунаал эгэлгэтэ атыыланар. Олор быыстарыгар тас көстүүлүүн, ис хоһооннуун арыый ураты таһаарыы баар буолан биэрдэ. Сурунаалы тэрийэн, бэлэмнээн таһаарбыт редактор Мария Дегтярева-Күндүүнэ кэпсиир:
Мин былыр хаһан эрэ...
Суббота, 13 Декабря 2014 23:28Төрөөбүт алааһым миигин алгыыр
Пятница, 05 Декабря 2014 17:40
Төрөөбүт алааһым миигин алгыыр
Тиэргэним иччитэ куруук араҥаччылыыр..
Саҥа олохсуйбут сириҥ- уотуҥ бастаан атыҥырыыр
Сиэри-туому тутуһуоххар диэри кэтиир.....
Тиэргэним иччитэ куруук араҥаччылыыр..
Саҥа олохсуйбут сириҥ- уотуҥ бастаан атыҥырыыр
Сиэри-туому тутуһуоххар диэри кэтиир.....
Санаам түөрт истиэнэтигэр хам хараҕаланан...
Среда, 03 Декабря 2014 00:00
Санаам түөрт истиэнэтигэр хам хараҕаланан
Өйүм күрүөтүн иһигэр тула холоруктаан
Саҥарар санаам сыппаатаҕыан,
Этэр этим кэлэҕэйдээтэҕиэн...
Өйүм күрүөтүн иһигэр тула холоруктаан
Саҥарар санаам сыппаатаҕыан,
Этэр этим кэлэҕэйдээтэҕиэн...
Сылайыы...
Суббота, 29 Ноября 2014 11:10
Аһаҕас буолуу дьиксиннэрэр
Боростуой майгы сонньутар
Туруору саҥарыы кэлэтэр
Көнө киһи күлүүгэ киирэр
Боростуой майгы сонньутар
Туруору саҥарыы кэлэтэр
Көнө киһи күлүүгэ киирэр
Алдьархай
Воскресенье, 08 Июня 2014 09:04
Байбал кыыһырбыт омунугар илиитэ хаан-билик буолбутун дьиэтин таһыгар кэлэн баран биирдэ эрэ өйдөөн көрдө. Өссө сирэйим хайдаҕа биллибэт, аны дьиэлээхтэрим куттаныахтара диэн, туох эмэ киһи соттуон айылааҕы көрдөөн тула-мала эргичиҥнээтэ. Штакетник иһигэр хоҥкуйбут хатыҥ төрдүгэр аҕыйах хаар туртайарын тобулу көрдө. Аны онно киирээри тоһоҕоҕо ыстаанын хайа тардан кэбистэ. Оруобуна эмэһэтинэн!
Аныгы эр киһи аҕыс мэтириэтэ
Четверг, 05 Июня 2014 14:39
Хас эмэ сыл көрсүбэтэх дьүөгэлэр биирдэ “девичниктаатыбыт”. Тыл этээһин, баҕа санааны үллэстэр кэм кэлбитигэр биир кэргэнэ суох дьүөгэбит туран: “Эр дьоҥҥутун харыстааҥ!” - диэн этэн соһутта. Онуоха: “Бастаан бэйэҥ олорон көр, онтон ханнык тылы этэргин көрүөхпүт”, - диэн буолла.
Ньургун көрүдьүөс кэпсээннэрэ
Четверг, 29 Мая 2014 13:46- Чэ, истиҥ! Сорохтор истибиккит да буолуо... “Дружба” эрбии саҥа үөдүйбүтүн кэннэ, син эстэхтэрэ буолуо, син ыйааһыннаах ээ, ити сэбиҥ! Мас охторуута буолбут. Саамай бөҕө киһилэригэр туттарар эбиттэр. Дьэ, туспа хаар ыраастааччы диэн, таба тэллэҕэ тэлгээччи диэн, эрбиини эһэн биэрээччи диэн, маһы анньааччы диэн – үп-үллэҥнэс киһи буолара үһү. “Дружбистара” ыйан биэрэр эрэ: итини тэҥнээ, маны көбүт диэн. Хантан билиэхтэрэй, сытан эрэ эрбииллэрэ эбитэ үһү.
Все работают по методу Робинзона Крузо - ждут пятницу!
Пятница, 16 Мая 2014 22:48
Самый долгожданный день недели наступил. Давайте немножко расслабимся и почитаем анекдоты:
Уу чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй
Вторник, 18 Февраля 2014 16:19
Үгүс дьон оҕолорун кыахтаах, баай-талым ыалга кийиит, күтүөт оҥоруохтарын баҕараллар. Төрөппүт оҕотугар үтүөнү баҕарара кэмэ суох буоллаҕа. Ол гынан баран, халыҥ аймахтар, ордугургаһар уруулар эдэрдэр олохторугар аһара орооһон, эдэр дьон истиҥ иэйиилэрин ыһан кэбиһэллэрэ баар суол.