Сылайыы...
Суббота, 29 Ноября 2014 11:10
Аһаҕас буолуу дьиксиннэрэр
Боростуой майгы сонньутар
Туруору саҥарыы кэлэтэр
Көнө киһи күлүүгэ киирэр
Боростуой майгы сонньутар
Туруору саҥарыы кэлэтэр
Көнө киһи күлүүгэ киирэр
Ньылаҥнааһын- алыс элбэх
Олоҕо суох арбааһын-
хардыы ахсын
Ситиһиини күүркэтии- үрдэ суох
Киһиргэнии,кэпсэнии- кэмэ суох
Албынныыртан тыыммыт кылгыыр
Сымыйалыыртан сылайыы барда
Сирэй көрбөхпүт бэйэбит гиэнэ
Дьону үктэтии хардыы ахсын
Бу бадараантан сылайдым
Ханна эрэ куотуохпун
баҕардым.
ххх
Надежда ИЛЬИНА.
Комментарии
Ситэриэххэ кэннэруэххэ диэтэххэ
Араас этиини истэ5ин
Онтон эмиэ салла5ын
Тыый дьыбардаахха санарыма
Туманнаахха этинимэ
Бэйэбитигэр тэннуэ5э
Дьон саната тиийиэ5э...
Оччо5о эмиэ сааранныыгын
Сыра-тура толкуйдуугун
инннини быьа этинимии
тугуу да5аны гынымыахха
елууну эрэ кэтэьиэххэ...