Ытарҕа
Күһүҥҥү иэйии
Воскресенье, 25 Ноября 2012 14:46Сир бөһүйдэ. Хотугу байҕал кырыалаах-дьыбардаах чэҥ тыынын уораанын күһүҥҥү тыалга ындыыстаан ыытара быыһа-арыта ыпсан барда. Сыгынньах салаа лабааларга аҕыйах сэбирдэх ыйаммыта аара ааһар тыалга бэринэн толугуруу мөхсөөт төлө көтөн салгын сүүрүгэр кулахачыйа сөрөнөн кыырайа көттө. Ханна тиэтэйдиҥ? Кимҥэ ыксыыгын? Буору кытары буор, быылы кытары быыл буола охсоору тулуйбакка-тэһийбэккэ дуоһуйбаты сырсаҥҥын тэлимнэһэ оонньуугун?
Таптал - олох уолбат угута
Четверг, 22 Ноября 2012 18:34Олох хамсаабат сыаннаһа - ТАПТАЛ, ханнык да бириэмэҕэ бэриммэт, кэмҥэ суураллыбат киһи-аймах ыраас, сырдык иэйиитэ. Тапталы билбэтэх киһи бу сиргэ дьолу билбэтэҕин кэриэтэ. "Аартык.ру" редакциятыгар икки атахтаах тулхадыйбат иэйиитин хоһуйар суруктар киирэллэриттэн сиэттэрэн "Ытарҕа" диэн саҥа рубриканы арыйабыт.