Таптал - олох уолбат угута

Четверг, 22 Ноября 2012 18:34
Оцените материал
(24 голосов)
Олох хамсаабат сыаннаһа - ТАПТАЛ, ханнык да бириэмэҕэ бэриммэт, кэмҥэ суураллыбат киһи-аймах ыраас, сырдык иэйиитэ. Тапталы билбэтэх киһи бу сиргэ дьолу билбэтэҕин кэриэтэ. "Аартык.ру" редакциятыгар икки атахтаах тулхадыйбат иэйиитин хоһуйар суруктар киирэллэриттэн сиэттэрэн "Ытарҕа" диэн саҥа рубриканы арыйабыт.
Ааҕааччы, баҕар,  тоҕо "Ытарҕа" диэн ааттанна диэн мунаахсыйыа. Ол гынан баран, күннээҕи түбүккэ эриллэр-мускуллар аныгы эр дьон таптал курдук нарын-намчы иэйиини туойарга сололоро да суоҕа буолуо, ол иһин суруктар ааптардара бары кэриэтэ дьахталлар. Дьахтар өйө-санаата, дууһата-кута  булкуур-дьалхаан үөһүттэн быыс-арыт булан кэрэни кэрэхсээн көрөрө хайҕаллаах. Онон сүрэх ытарҕатын ырыатын дьахталлар толорууларыттан  саҕалыыбыт. Биир эмэ эр киһи кыттыһар буоллаҕына, бука үөрүөхпүт буолуо. 
***
Эн уонна Мин

Мин ыалдьар кутум ыраас утаҕа, ыйыллыбыт санаам ыар ынчыга, тууйуллубут туспам көҥүлгэ дьулуһуута Эн этиҥ дуо?
Түүннэри-күнүстэри түлэй-балай түлэкэччийэн иһэн, эмискэ Эйиигин санаатым эрэ ыарыым бохсулларга, хараҕым сырдыырга, күнүс күлэргэ, санаам сайҕанарга дылы буолара. Эн - туора дойду туруу уолана өркөн өйгүнэн, кэрэмэс бэйэҕинэн сүрэхпин сүһүртэҕиҥ, санаабын тууйдаҕыҥ, суоҕу баар дии саныырбар төрүөт буоллаҕыҥ.
Билэбин, мин Эйигиттэн атын аартыктаахпын, ураты тыыннаахпын, туспа суоллаахпын. Оо, элбэх да кыс хаар ууллан түстэҕэ мин санньыйбыт ыар санныбар, күлүмүрдэс күн сырылаччы тыктаҕа мин харахпар, эмиэ да буурҕа улуйдаҕа, хаар типтэҕэ мин тулабар.
Күнү-түүнү араарбат, биир кэм сыҕарыйар, устар, сыыллар үөрүүтэ-көтүүтэ суох курус күннэринэн бохсуллан, орто дойдуга үтүөнү күүтэрбиттэн сылайбыт чоҥкучах алааска чуҥкук олохтоох Кыыс Дьахтар этим буоллаҕа. Оттон Эн күҥҥэ да тиийиэх дохсун санаалаах, күлүү-үөрүү чалбараҥ олохтоох, ый-сулус арыалдьыттаах, күн курдук көмүскэс санаалаах Күн Айыы оҕото буоллаҕыҥ. Ол да иһин Дьылҕа Тойон тууйуллубут дьоллоотоҕо, кэрэгэй көрсүһүүнү ыйаахтаатаҕа...
Оччолорго, кыстык угун саҕа кыракый балаҕаммар бүгэн олорон, Эйигин, Көҥүл Дохсун Айыы оҕотун кэтэһэрбиттэн күнүс арҕаалаабыта да буоллар, син биир хаһан эрэ кэлиэхтээххин сэрэйэрим. Араас да санаалар тууйаллара ытыс таһынар ыас хараҥа түүн, эҥинэ бэйэлээх ыра санаалар симэлийэллэрэ им сүтүүтэ. Ол да буоллар ыгыллыбыт, ыйыстыбыт ынырык ыар түүннэрбэр, биирдэ эмэ күлүм-чаҕыл мичилийбит минньигэс күннэрбэр син-биир Эйиигин эрэ мин кэтэһэрим, Эйиэхэ эрэ курдаттыы таттарарым!!!
...Сыллар ааһан испиттэрэ, дьыллар дьыбарга сүппүттэрэ... Ону кытары кыракый эрэлим уоллар-уолан испитэ, көрсүһүү күнэ-дьыла күүтүллүбэт да буолбута. Эдэр бэйэм эмэнсийэн, толуу бэйэм тулаайахсыйан мин ыра  санааларбын ат миҥэ гынан көтөрүм улам уурайан испитэ, көҥүл баҕа санааларым олох уустук будулҕаныгар тиийэн иҥэн-сүтэн хаалбыттара. Ким да суох этэ тулабар, санаабын сайгыах тыынар куттаах суох этэ аттыбар. Оо, олус да чуҥкуга олох диэннэрэ, Суо Хаан Дьылҕа кытаанах да этэ соҕотох киһиэхэ!!!
Онтон биир киэһээ эбитэ дуу, күнүһүн буоллаҕа дуу, кыстык угун саҕа балаҕаным аана аргыый аҕай аһыллыбыта. Айанньыт киирэн кэлбитэ. Ааһан иһэр айанньыкка холуйан мин бастаан Эйигин аахайбатаҕым. Арай көмүлүөк оһох сырдыгар чугаһаабыккар санньыйбыт, сылайбыт харахтаргын уун-утары көрө түһээт "дьик" гына түспүтүм, сыныйан одууласпытым. Ол көрдөҕүм ахсын мин Эн буоларгын сэрэйбитим. Сэрэйбитим уонна дьолбуттан ытамньыйбытым. Үйэм тухары күүппүт дьолум илэ-бааччы кэлбитин уонна... ааһа барыахтааҕын. Ону төһө да биллэрбин, аҕыйах мүнүүтэ устата Эйигин кытары биир муостанан хаамарбыттан, биир салгынынан тыынарбыттан уоскуйбутум. Адаҕайыахтаах арахсыыны, буолуохтаах атаарсыыны төһө да биллэрбин ол биир түгэнинэн, биир чыпчылҕан кэминэн саатар биирдэ толорутук, дьоллоохтук олорорго быһаарыммытым. Онтон атын суол суоҕа даҕаны...

Надежда ПЕТРОВА.    

Комментарии 

#1
Дьегуессэ 22.11.2012 20:11
Аата бу Надежда миигин да маннык таптаабатаҕын :cry:
#2
Хатын, 22.11.2012 20:12
Дьон маннык куускэ таптыыра кырдьык дьол буоллага.
#3
Уол 22.11.2012 20:56
Дьегуессэ, эйигин итинник таптаан сордоммотохторо - учугэй ээ.

Бу миигин итинник таптаабыт кыыс аЬара элбэх, онтон уЬуннук дьолломутум суох, эрэй эрэ буолла5а дии.
#4
9 23.11.2012 08:37
эчи, хаарыаны
#5
Lika 23.11.2012 11:54
Уол наьаа санаммыккын дии. Итинник куускэ таптаабатахтар эбит. Куустээх таптал учугэйи эрэ агалар.
#6
наьаа учугэй дии 23.11.2012 23:06
:eek: :eek:
#7
7 24.11.2012 09:37
бу маннык анаардастыы таптал ки4ини ыарыыга тириэрдэрэ буолуо, дьллуурунаа5ар. мин маннык тапталтан куттанабын
#8
Бааска 24.11.2012 12:38
хата бэрт рубрика аспыккыт, отуо киртэн-хохтон киьи сылайар.
#9
Мыына 24.11.2012 12:39
шизофрения какая-то...
#10
Далбар 24.11.2012 13:20
Куускэ таптыыр уонна ону хоьуйан суруйар диэн улахан талаан. Надежда, то5о кинигэ суруйбаккын? Олус уус-уран илбистээх тыллаах эбиккин.
#11
Цикломена 24.11.2012 19:33
Таптал араастаах. Кырдьык,шизофре ния курдук. Уоскуйа5ын кини аттыгар баарыттан, биир салгынынан тыынаргыттан, биир халлааны, сулустары керергуттэн, биир суолунан хаамаргыттан... Онтон потихоньку перебаливаешь, остаются приятные воспоминания, улыбки, сердце щекочет.
#12
Эркин55 25.11.2012 08:12
Надежда, эн наhаа учугэйдик суруйбуккун, ол аата итинник иэйии туругун билбит эбиккин, ыраас, кэрэ санаалаах, талааннаах эбиккин. Бар дьонно ессе да арас айымньыларгын бэлэхтии тур!
#13
уу дьэ! 25.11.2012 14:35
онтон тохтообокко баран хаалла дуо?! наьаа ынырык муччаанье ди! хэппи энд наада этэ...
#14
88 26.11.2012 08:25
Таптал диэн талаан.Ону сатаан суруйар эмиэ талаан.
#15
72 26.11.2012 11:01
эмиэ да дьоллоох, эмиэ да сордоох олох...
#16
татыйаас 26.11.2012 16:31
Биирдэ кэлэр олоххо кыратык да таптаан,таптата н аа4ар дьол буолла5а! :roll:
#17
Дьуегэ 26.11.2012 20:44
Таптал диэн улахан дууьа, ей-сурэх илистиилээх улэтэ. А от работы и кони дохнут...
#18
Татыйык 26.11.2012 20:45
киьи итинник иириэр диэри таптаата5ына учугэйгэ син биир тиэрдибэт.
иирбэккэ эрэ таптыахха наада.
#19
ДЖ 26.11.2012 20:47
Иирбэккэ эрэ таптыыр диэн таптал да буолбатах буоллага. Таптыыр буоллахха дьицнээхтик таптыахха наада, еле-сутэ, кэннигин хайыспакка, иннигин тымтыктаммакка - ол аата буолар таптал диэн!
#20
Татыйык 26.11.2012 20:49
Оо дьэ ДЖ аддьаххай мачо быьыылааххын :-)!
#21
Эмээхсин 27.11.2012 11:08
Хата, бу кыыс суруйбутуттан мин эдэр эрдэ5инээ5ибин санаатым. Уна-таала таптыыр саас ааспыта хомолтолоох да ба5айы буолла5а!
#22
Эс! 27.11.2012 13:35
никогда не поздно эбит эмээхсиэн :roll:
#23
Лида 27.11.2012 14:04
Бу таптал буолбатах, сатамматах олохтон дуу4а ыарыыта, сурэх оспот баа4а.
#24
саха 27.11.2012 16:21
Бу хайдах таптал буолуо суо5ай? Бу кыыс бэйэтэ таптаабыт дьоллоох. Таптатыахтаа5ар бэйэ таптаабыта ордук буолбатах дуо? Бэйэн тапталын эйиигиттэн ханна да брабат, уйэ-саас тухары ейденуллэ сылдьар сырдык иэйии дии...
#25
Lika 27.11.2012 18:21
лучше миигин таптаатыннар, мин бэйэм эрэйдэнэ-муцнан а сылдьыахпын ба5арабаппын.
#26
ДЖ 27.11.2012 18:24
Лика, сыыьа5ын. Тапталы билбэтэх сурэх тоцуй буолар.
#27
Lika 27.11.2012 18:24
таптыахпын ба5арабын, но взаимно, анардастыы буолбатах).
#28
дьол амтана 27.11.2012 22:01
бастакы тапталбын санаан ыллым
#29
Уол 29.11.2012 01:36
EL CORAZON ESPINADO

"Corazón espinado Cómo duele, me duele" диэни ейдуур киЬи баара дуу бу сайты енейен керееччулэргэ?

Биир тапталы кэпсиим.

10 кылааЬы бутэрэр са5ана атын оскуолаттан курэхтэЬиигэ хас да хамаанданан кэлбиттэрэ.
Онно волейболга курэхтэЬэ кэлбит биир кыыЬы кереет да сурэхпин ылларбытым. Сытыы-хотуу бэйэм, тапталбыттан тылым матан, кыайан билсибэтэ5им, сураЬан, аатын-суолун эрэ билбитим.
Харахтарбытынан эрэ бэйэ-бэйэбитин булар, ыраахтан тугу-эрэ кэпсэтэр курдук этибит.
Ол оскуолаттан волейболга уолаттар хамаандаларыгар билэр атаЬым баара.
Кэлин ол уол ол кыыЬы кэргэн ылбыт сура5ын истибитим.
#30
Уол 29.11.2012 01:42
EL CORAZON ESPINADO (салгыыта).

Суурбэччэ сыл буолан баран, ол уол олорор беЬуелэгин аттынан туун чугаЬын са5ана ааЬан истэхпинэ, массыынам хардыр5аан барбыта. Онтон ытырыктатан, хонон-ереен, сарсыныгар сырдыкка массыынабын керунэргэ быЬаарыммытым.

АтаЬым уол ханна ыал буолан дьиэлэнэн-уотта нан олорорун ыйдаран, син тиийэн булбутум.
Киирэн кэлбитим - били кыыЬым букунайа сылдьар этэ, дьиэ толору о5о этэ.
АтаЬым куоракка баран хаалбыт эбит, массыынатын илдьэ барбыт буолан, гараЬа хата кураанах турар буолан биэрбитэ, онно массыынабын туруордум, кыЬынны тууну быЬа улэлии туруон кэриэтин "сынньана" туспутэ ордук буолла5а.

О5олор бары аймалаЬан утуйабуттарын кэннэ миэхэ хаЬаайка кыыс кэлбитэ, аттыбар сыппыта.
"Эйигин баччаанна диэри таптыыбын, олус да ер кэтэстим, бу киэЬэ мунчааран олорон, ба5ар, эмискэ эйигин киирэн кэлэрэ буоллар дии саныы сырыттахпына бу кэллин дии, тугун дьиктитэй" диэбитэ.
#31
Уол 29.11.2012 01:52
EL CORAZON ESPINADO (салгыыта).

Сарсыарда сырдыар диэри утуйбакка уураЬа, таптаЬа, кэпсэтэ сыппыппыт.

Сарсыныгар итиччэ элбэх о5ото баарына, харахпытынан эрэ кэпсэтэр буоллахпыт...

Массыынабын керунэн баран, хайыахпыный, бара турда5ым дии. КиэЬэ били атаЬым куораттан кэлиэхтээх этэ - ол кинини кэтэЬиэм дуо?

Уонна ол кыыЬы керсе иликпин.
Ессе биир уолу тереппут диэбиттэрэ.
Ба5ар, мин о5ом буолуо.
Ону билэ тиийиэм дуо?

Биир туун дьол, имэннээх таптаЬыы.
Уонна билиннэ диэри оспот сурэх бааЬа...

"Cómo duele, me duele..."

Олохпор итинник таптал элбэх этэ, ессе да баар буолара буолуо ээ.

Сор5отун кэлин аа-дьуо кэпсиэм этэ, ким-эмэ сэнээрэр буолла5ына.

Таптыыр - дьол.
Таптыыр - сор.
Хайата ордук баЬыйарый?
#32
888 29.11.2012 08:04
"Олохпор итинник таптал элбэх этэ, ессе да баар буолара буолуо ээ" диэбиккин УОЛ. Ол тапталын дьол дуу, сор дуу? Эн санаа5ар?
#33
Мыына 29.11.2012 11:36
Вау! Уол оттон кэпсээн курдук суруйан ыытыый. Нормально тахсыгын уонна кэйигин эрэ обсуждайдыахпыт ын!
#34
Оо дьэ 29.11.2012 11:39
ол айылаах оҕо быыьыгар хайдах хоонньоьо сытаҕытҺ
Бу оптимистическая трагедия диэн буолар.
Онон дьол, биир еттунэн сор.
Оттон ол кыыс табаарыскын таптаабат буоллагына того кэргэн тахса турбутай? Ескетун кини кэргэн тахсыбатага буоллар ойох ылыан этэ дуу? Если честно признаться?
#35
123 29.11.2012 11:40
Уол, ити омугун тылын туох диэн тылбаастыыгын?
#36
саха 29.11.2012 11:56
уол суруйан буорту гыммыт. атын сиргэ суруй, туспа
#37
биир кыыс 29.11.2012 15:53
Таптал диэн олоххо биирдэ бэриллэр уонна кини хомойуох иьин киьиэхэ барытыгар бэриллибэт быьыылаах. Онон ити иэйиини билбиттэр кырдьык дьоллоох дьон эбит. Мин биир ыалы билэбин, кинилэр олох хойут ыал буолбуттара, дьахтар кинини олох эдэр эрдэгиттэн сэбулуурэ, онон кинилэр билигин бэйэ-бэйэлэрин толорсон, эйдэьэн учугэй багайытык олороллор. Ону кэрэбун уонна таптал баар эбит диибин. Дьоннор! Таптаан, таптатын дьоллоох буолун. Ааптра Надеждага, сайт салайааччытыгар Туйаарага махтал, бары учугэйи.
#38
Уол 30.11.2012 03:48
ХОРУЙДАР

1. "888" диэннэ.
Таптал - дьол дуу, сор дуу буоларын бу диэн чопчу быЬаарар киЬи уескуу-теруу илигэ буолуо ээ.
Мин дерун-дерун кыра кэпсээннэри бу манна таЬааран иЬиэм.
Оттон бутэЬигэр толкуйдаан керуехпут: таптал дьолу дуу, сору дуу а5аларын.

2. Мыына5а.
Оттон бу манна да суруйдахпына сеп дии?
Ол хайдах гынан туспа кэпсээн курдук таЬаарыахпыный? Редакция5а ыытар энин наада быЬыылаах. Кэбис, оннук гынан кербут суох.

3. "Оо дьэ" диэннэ.
Оттон туспа хоско орон танаЬын бэлэмнээн биэрбитэ ээ.
О5олор бэйэлэрин хосторугар утуЬан буккураЬа сыттахтара дии.
Кыра кыыс туун иккитэ-хаста кынкыйдыы сылдьыбытыгар баран уоскутан, утутан кэлбитэ.
Ол кыыс то5о таптаабакка кэргэн тахсыбытын киЬи бэркиЬиирэ суох.
Куустээх эрийсиигэ бэриннэ5э дии.
Уонна дьон барыта таптаан эрэ холбоЬор буолбатах буолла5а дии - олох уустук.
Кэмигэр ессе керсубутум, булбутум буоллар - билигин кэргэним ити кыыс буолуон себе.
#39
Уол 30.11.2012 04:08
ХОРУЙДАР (салгыыта).

4. "123" диэннэ.
"El Corazon espinado" - "Тырытталаммыт сурэх" ("Израненное сердце") диэххэ сеп.
Оттон "Cómo duele, me duele..." диэни мин "Сурэ5им ыарыытыттан ынчыктыыр" диэн тылбаастыам этэ.

5. Саха5а.
Ээ, сеп, ол "буорту гыммыт" буоллахпына - оттон буруйдаах буолла5ым.
Ол ханна атын сирэйгэ суруйуохпунуй?

6. Биир кыыска.
Олус сепке этэ5ин.
Ол эрээри...
Бу Орто дойдуга таптал са5а ейдуургэ, тобуларга, ылынарга уустук кестуу суох быЬыылаах.
Таптал - туох да логика5а киирбэт, ейунэн кыайан салайыллыбат, ба5анан сатаан хайыЬыннарыллыб ат быЬыылаах.
Ол да иЬин таптал таабырынын баччаанна диэри сууЬунэн мелуйуен сурэхтэр таайа иликтэр, уран тыллаахтар толору быЬаара иликтэр, мындыр ейдеехтер чуолкайдыы, чопчулуу иликтэр.
#40
Уол 30.11.2012 04:11
ХОРУЙДАР (салгыыта).

6. Биир кыыска (салгыы).

Мин санаабар, таптал толору таайыллан бутэр кунугэр киЬи аймах эстэрэ буолуо - искусство, литература (ордук поэзия), иЬирэх ырыа оччо5о сайдар ис теруетэ сутуе.

Таптал баар буолан, киЬи аймах тупса, сайда сатыыр - таптыыр киЬитигэр бэрт буола сатаан, тапталтан дьоллонон дуу, сордонон дуу - ол иэйиитин таЬыгар таЬааран.

Тапталы таайа сатыыр сыыЬа.
Тапталы - бэйэ5инэн тургутуоххун эрэ сеп.
#41
Уол 30.11.2012 04:27
БЕЛЫЙ ПАРОХОД

Ессе биир тапталы кэпсиим, утарбат буоллаххытына?

Уерэххэ киирэн баран, куорат кытыытыгар биир самналлыбыт дьиэни ыраа5ынан аймахтарбыттан куортаамнаан олорбутум хас да сылы быЬа.

Ыаллар бары кэриэтэ нууччалар этилэр.

Арай биир сайын тэлгэЬэбиттэн та5ыста5ым аайы чугас ыалбыт кыра кыыЬа мэлдьи оонньуу олорор буолбут этэ.
Миигин керде да, кытар гына туЬэр этэ.
8-9 саастаах быЬыылаах этэ.

Биир кун эмиэ олбуорбуттан тахсыбыппар ол кыыс быраата уол эмискэ бал гыннарда:
- А она тебя любит!
Мин саната суох мичээрдээн кэбистим.
А5ыйахтык хардыылаат, эргиллибитим - кыыс быраатын кэтэххэ биэрэн эрэр эбит.
Сеп буолла5а - сурэ5ин кистэлэнин кэпсээбитин, ол быраата "таннаран", тыллаан биэрдэ5э дии.

Онтон ыла ол кыыс тэлгэЬэм аанын таЬыгар манаабат буолбута, ол эрээри то5о-эрэ олус чаастатык утары тубэЬэр этэ уонна угэЬинэн кытар гынара.
#42
Уол 30.11.2012 04:40
БЕЛЫЙ ПАРОХОД (салгыыта).

Кэлин мин кеЬен барбытым.
Уонна аны ол кыысчааны кербете5ум.

Оттон быЬа холуйан 15 сыл буолан баран, "Демьян Бедный" теплоходунан Остоолболорго барар буолбутум, корпоратив курдук - тэрилтэбит уонча каютаны ылбыта.
Мин теплоходка арыый эрдэ тиийэн, трап таЬыгар турунан, киирэр дьону кере турдум.

Арай туох да аЬара кэрэ, намчы, сырдык нуучча кыыЬа биир беден-садан нуучча уолун кытары теплоходка киирэн иЬэрин керен, наЬаа биЬирээтим - эчи, хаамара чэпчэкитин, туттара-хаптара нарынын.

"Я засмотрелся на тебя,
Ты шла по палубе в молчании,
И тихо белый теплоход
От шумной пристани отчалил,
И закружил меня он вдруг,
Меня он закачал..."

Ол кыыс мин диэки керен ааста, оттон иккитэ-устэ хардыылаат, то5о-эрэ тэмтэрийэн ылла, миигин бол5ойон керде.
Кубарыйан ылла быЬыылаа5а.

Ону мин соччо ейдеебетум, бу туох буолла ээ эрэ дии санаатым.
#43
Уол 30.11.2012 04:54
БЕЛЫЙ ПАРОХОД (салгыыта).

Теплоход куораттан тэйэн эрдэ5инэ, тыалы ыймахтаары уеЬээни палуба5а тахсан турдахпына ол нуучча кыыЬа тиийэн кэллэ.

Били ыалым кыысчаан эбит - миигин биллин дуо, урут ыаллыы олорбуппут диэбитигэр эрэ ейдеетум.

Испэр кулэ саныыр кыысчааным бу улаатан, тупсан, харахтара ча5ылыйан, уостара обугуйан сурдээхтэрин бэркиЬээн эрэ кэбистим.
Кэпсэтэн билбитим - соторутаа5ыта виртуальнай конкурска бастаабыт энин эбит. Онно дьэ ейдеебутум - хаЬыакка, Интернеккэ кербут кыыЬым эбит. Ол са5ана оннук виртуальнай конкурстар сана тэриллэн эрэр этилэр, син сонун этэ.

Теплоходка кэргэнинээн кэлбит этэ.
Ол эрээри ол кэргэнин хаалларан, мин каютабар хоммута...

Ол кыыстыын билиннэ диэри керсебут хаа-дьаа да буоллар.
Ынырдым да - тугу да, кими да быра5ан, тиийэн кэлэр. Улэлии олорор буолла5ына - улэтиттэн кенуллэтэр, киэЬэ дьиэтигэр олорор да буолла5ына - син-биир теле кетен кэлэр.
#44
Уол 30.11.2012 05:05
БЕЛЫЙ ПАРОХОД (салгыыта).

Кэргэнигэр туох диэн быЬаарарын дуу, быЬаарбакка дуу миигин керсе кэлэрин билбэппин, ыйыта сатаабаппын.

КерсуЬуулэрбитигэр кумах куйаары туораан утаппыт дьон курдук таптаЬабыт, соро5ор кэпсэтэр да бокуой суох буолар - бириэмэбит ыгым буолла5ына, кэпсэтэ-хайыы сатаабакка, уураЬыы, куустуЬуу, таптаЬыы эрэ буолабыт.

Кыайан о5оломмокко сылдьар - кэргэнэ буруйдаах диэбиттэрэ доктордар.

Ол да иЬин буолуо - о5оломмут киЬи диэн наЬаа ыраланар буолбута ыраатта.
Ону мин "эйиэхэ о5о оноробун дуо?" диэбэт буолла5ым - нуучча ыалыгар саха о5ото теруурэ туох аанньа буолуой?

Хаста да миэхэ "О5ото онор" диэбитин аккаастаабытым - оччо5о ыал буолан бутуеххут диэн.
Оттон мин бэйэм кинини билигин кэлэн кэргэн ылбат буолла5ым - хойутаатахпыт дии.

Ол оннук.
Салгыы хайдах буоларбыт буолла - билбэтим.
Итинник таптал - буруй дуо?
Эбэтэр таптыыр - буруй буолбатах?
#45
888 30.11.2012 08:30
Дьэ уола хаан эбиккин. Прямо история как в кино. Бэйэн айбат буоллаххына. А так, из тебя получился(а может -лась) бы хороший писатель. Сейчас важно эти чувства не растратить. А то таптал чуубустабата эргиллибэт буоьалаах. Киьи кырдьар, этэ-сиинэ эмэхсийэр, так и таптал. А Кээтии уонна Мэхээлэ историялара, скорее всего, исключение из правил дии саныыбын.
#46
women 01.12.2012 14:30
Мин биир эр киьини таптаан кээстим :cry: эрэй отой(((ол киьим саатар иьээччи ба5айы. Ол иьин эрэ чугаьаппаппын дии. Саатабын дьуегэлэрбэр этиэхпин. Тууннэри утуйбаппын,ба5а р ааьыа диибин да5аны быьыыта сох быьылаах. Сааьым 24 кини 30-аах дьээдьэ. Ынырыктык кууьун, сыллаан ылыахпын ба5арабын да5аны... Барыта тохтотор... Кини эмиэ тапталга билинэн сурдээх, ойох ыла сатаан сылатта. Хайдах буолабын? :sigh:
#47
Уол 03.12.2012 00:06
Бай, бу мантыбыт суппут дуу?
НэЬиилэ кердеен буллум.
Ким да аахпат буолбут быЬыылаах.
Оччо5о то5о салгыы суруйа сатыамый ээ?

888 диэннэ хоруйум (ба5ар, киирэн аа5ыа диэн):
1. Кэбис, суруйааччылар диэн абытай дьон буолла5а, мин ону кыайбат, сатаабат буолла5ым - уонунан, сууЬунэн страницалаах айымньыны суруйан хачыгыратыы дуу, бэчээттэн бачыгыратыы дуу - саныахха да эрэй буолбат дуо?
2. Ебугэлэрим ырыаЬыт, тойуксут буоланнар, тылым-еЬум син хомо5ой буолла5а дии.
3. Ол эрээри ейтен булар айар - кэмчи.
Баары, буолбуту эрэ суруйуохпун сеп.
4. Таптал эргиллэр эбит - ол туЬунан син элбэ5и биллим да, бу матырыйаалы аны ким да киирэн аахпат буолбутун кэннэ то5о мээнэ кэпсээн сордоно сылдьыахпыный ээ?

women, таптаабат киЬиэхэ субэлиир дебен, таптыыр киЬиэхэ субэлиир туох да туЬата суох эбит...
#48
лена 03.12.2012 16:38
:zzz
#49
Редакция 03.12.2012 23:13
"Уол" диэн ааттаах ааптарга туһаайан: суруйууларгын почта5а суруйан ыытаргын куутэбит. БЕЛЫЙ ПАРОХОД суруйуугун ЫТАРҔА рубрика туспа материалын курдук таһаардыбыт. Ааккын, аадырыскын кистэлэҥҥэ тутуохпут диэн эрэннэрэбит.
#50
555 04.12.2012 00:07
"Уолга" - суруйууларын сурдээхтэр дии, интириэьинэйдэр . Оттон бэйэн кэргэннээххин дуу?
"Вумен" -на иьээччи киьилиин олорор наьаа эрэй буолуо дии...
#51
Уол 04.12.2012 18:34
1. Редакция5а.
Ээ, сеп.
Ытыр5а рубрика баар эбит дии, онно туспа кыра кэпсээннэр курдук таЬаарбыккытын булан кердум.
Итинник кыра кэпсээннэр курдук суруйар буоллахха - суруйан бе5е.
Соло буллахха, суруйа-суруйа ыыталыы олоруом.

2. 555 диэннэ.
Кэргэннээ5им дуу, суо5ун дуу энин туЬунан - ба5ар, кэлин кэпсиэм дии, онон пока куутэ тус, сеп?
#52
Айыл5ан 10.06.2013 18:25
таптал олох уолбат ойбоно, кэхтэн бараммат ойуура, таптал олбот мэнэ уута, таптал эдэр саас ымыыта, киьи таптыыр биирдэ эрэ, кэрэх мастыы кэрэьэ буолан, бу кэлэр уйэ5э, арадах буолан дохсуннук, эрэкэ-дьэрэкэ сибэккилии тэтэрэн, оло5у таптыыр санааланан, кэлэр куннуун тиллэбин...
#53
урааннхай 06.02.2014 19:25
таптыыр диэн буруй буолбатах...
#54
намыына 28.02.2014 13:49
Таптал баар буолан олох сал5анна5а эбээт, ол эрээри тапталы киьи-киьи араастык ылынар, киьи-киьиэхэ араастык кэлэр. Олохпут биир кэрэтэ аны ол эбээт-бары тус-туспа буоларбыт. Уол суруйан ис, олус интэриэьинэй - олох диэн олох буолла5а эбээт. Бэйэн кэргэнин. о5олорун туьунан суруйаргын кэтэьэбин. Бары утуену кытта.
#55
простая девушка 05.05.2014 23:11
онтон мин кими да таптаабаппын
#56
ВАВ 11.02.2016 16:46
ЭС
#57
саргы 03.10.2016 05:49
Уол суруйуулара олохтон ылыллыбыт буоллахтарына омуннаах согус, кетумэх согус таптал курдук, ыраас таптал дууьаны сылааьынан угуттаан урдуккэ кетутэр куустээх, ыксалаьар да соччо наадата суох курдук буолуон сеп
#58
Nicholas 17.06.2022 09:28
naturally like your web site however you have to test the spelling on quite a few of your posts.
A number of them are rife with spelling issues and I
find it very troublesome to inform the truth nevertheless I will definitely come back again.

Visit my web blog: Male Strippers: https://playtimestrippers24.com

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru