Сахалыы

Абааһы баар! Онтон Айыылар?

Вторник, 20 Декабря 2011 18:54

jakut-15Абааһы баарын былыр-былыргыттан саха омук эрэ билэр, итэҕэйэр буолбатах. Көрбүттэриттэн куттанан олохторугар моһуогураллар да, төбөлөрүнэн буккуллаллар да. Абааһылар илэ бэйэлэринэн хаама сылдьалларын көрбүттэрин, ханна эрэ эмискэ барыгылдьыйалларын эттэринэн билбиттэрин да иһин, дьон өйдүө суоҕа диэн кэпсээбэттэр да баар буолуохтаахтар.

Аны ким уочаратай?

Среда, 14 Декабря 2011 22:39

Эмиэ оройго биэрдилэр... Хабырдык. Саанардыы. Сахабыт сиригэр ким дьиҥнээх хаһаайынын биллэрэрдии. Төрөөбүт Сахатын сирин баайын-дуолун сии олорор атын дьон «уопсай бөрүөктэриттэн» тиксиэн баҕарбыт саха уолун хаайыы сирэйдээтилэр. Биһиги кэммит биир чаҕылхай ыччата, бэл өстөөхтөрө сөҕөн-махтайан «Саха Манчаарыта» диэн ааттаабыт Афанасий Максимовпытыгар, Россия Конституциятын бырааһынньыгын күн соруйан, «миэстэҕитин билиҥ» диэбиттии өһөөн туран, түүн 11 ч. саҕана бириигэбэрдэрин таһаардылар.  

1133_2 

«Мин олохпор иккини долгуйа күүтэбин:

Ыһыаҕы уонна «Чолбон» кэнсиэрин.

Ыһыах ис дьиҥин кэм-кэрдии суурайыа,

оттон «Чолбону» - килбэтиэ!»

Бүгүн урукку ыччат политикатын миниистиринэн үлэлээбит Алексей Еремеев уонна дьиэ кооперативын дириэктэринэн үлэлээбит Павел Семенов «хааһына үбүн ыскайдааччыларга» күтүрэнэр дьыалалара көрүллүөхтээх.  Дьокуускай куорат суута 10.00 чаастан саҕаланыахтаах. Бүгүн туоһу быһыытынан, СӨ тутуутун уонна тутуу матырыйаалын промышленноһын минииистирэ Сергей Дереповскай ыҥырыллан кыттыахтаах. Бу иннинэ кинини уонна Василий Власовы ыҥыра сылдьыбыттарын, быыбар сахсаана диэн сөбүлэспэтэхтэр.

 Дьэ, бүгүн Дереповскай тугу этэн-тыынан турар?

Өссө биир Таатта уола барда…

Вторник, 13 Декабря 2011 05:31

IMG_2735Ахсынньы (үлэспит курдук – 12-с ый)  12 күнүгэр, күнүс 12 чааска Афанасий Максимов, Игорь Чикачев, Игорь Пахомов уонна Владимир Рожин утары тэриллибит холуобунай дьыала түмүктэнэн, судьуйа Степан Попов бириигэбэри таһаарда. Афанасий Максимовка үс ыстатыйа түмүгүнэн 7 сылы биэрдэ, 1 мөл. 400 тыһ. солкуобайга ыстарааптаата, эбиитин Москубатааҕы квартиратын былдьыырга уураахтаата; Игорь Чикачеву 4 сылга уонна 700 тыһ. ыстарааптаата; Игорь Пахомовы 4 сылга уонна 1 мөл. 200 тыһ. солкуобайга ыстарааптаата. Владимир Рожины 2 сылга дьиэ хаайыытыгар уурда уонна 400 тыһ. солкуобай  ыстараап төлүүрүгэр уураахтаата.

Мээр быыбара кулун тутар 4 күнүгэр ананна

Понедельник, 12 Декабря 2011 15:49
Куорат думатын мунньаҕын дьокутааттара бүгүн уочарата суох 40-с сессияларыгар мээр быыбарын 2012 сыл кулун тутар 4 күнүгэр анаатылар.

Сессияҕа икки боппуруос көрүлүннэ: мээр быыбарын анааһын уонна куорат 2011 сыллааҕы бюджетын ырытыы.

976486390Саха сирин биир улахан, саха уутуйан олохсуйбут сирэ, налыы сыһыылардаах, туруору кытыллардаах, киэҥ киэлилээх сиринэн – Ньурба улууһа  буолар. Ньурба сирин-уотун, дьонун-сэргэтин туһунан бастакы ахтыылар 1854-1855 сыллардаахха Р.К.Маак «Бүлүү уокуруга»  үлэтигэр көстүтэлээн ааһаллар: «Селение Нюрба находится на том месте, где прежде было Нюрбинское озеро, отстоявшее от реки Вилюй на несколько десятков саженей и спущенное неимоверными усилиями трудолюбивых жителей  (…) предприятие это, увенчавшееся успехом, может считаться одним из самых грандиозных в своём роде в Сибири».

Сылын ахсын СӨ «Ыччат социальнай уонна психологическай ³й³бµлµн киинэ» бэйэтин µлэ´иттэригэр  идэни µрдэтинии кууру´ун тэрийэр. Ол курдук, ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, Санкт-Петербург куораттан «Гармония» диэн психотерапия уонна сүбэ-ама институтун биир биллэр психолога Татьяна Королева кэлэрэ былааннанар. Королеваҕа үөрэнэ  Киин  13 улууска баар салааларыттан үлэһиттэр еэлиэхтэрэ.

Дьикти уол – Юра Городецкай!

Среда, 07 Декабря 2011 22:35

20427_1137«Жизнь Якутска» диэн куорат хаһыатын кылаабынай эрэдээктэрэ Юрий Городецкай мээр буолуон баҕарбытын туһунан сайтар суруйаллар. Дьэ, доҕор куораппыт олоҕо букатын сэргэхсийэр буолсу. Аны сааска диэри биллэн-көстөн хаалар туһуттан, ким-ким быыбарга кыттыан баҕаран кэлиэ5ин сэрэйэр кыах суох. Араас айылгылаах дьон  кырыы-кырыытынан хандьытаакка анньыһан бардылар эбээт!

СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, бүгүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, Саха сиригэр быыбарга 375 625 киһи кытынна. Ол аата олохтоох нэһилиэнньэ 60,10 бырыһыана быыбарга кыттыбыт. Чаҕылхай кыайыыны «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа ылла. Быыбардааччы 49,16%-на куолаһын «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» биэрдэ. Иккис миэстэҕэ «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа – 21,82% куолаһы ылан – таҕыста.

<< Первая < Пред. 186 187 188 189 190 След. > Последняя >>
Страница 188 из 194
Aartyk.ru