Саха сиригэр «ньыгыллар» хаардыы хаамтылар

Понедельник, 05 Декабря 2011 10:50
Оцените материал
(0 голосов)

СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, бүгүн сарсыарда 8 чаастааҕы туругунан, Саха сиригэр быыбарга 375 625 киһи кытынна. Ол аата олохтоох нэһилиэнньэ 60,10 бырыһыана быыбарга кыттыбыт. Чаҕылхай кыайыыны «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа ылла. Быыбардааччы 49,16%-на куолаһын «Биир ньыгыл Арассыыйаҕа» биэрдэ. Иккис миэстэҕэ «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа – 21,82% куолаһы ылан – таҕыста.

Салгыы:

КПРФ – 61 526 куолас – 16,39%

ЛДПР – 31 082 куолас – 8,47%

«Яблоко» - 6 243 куолас – 1,66%

«Патриоты России» - 2 941 куолас – 0,78%

«Правое дело» - 1 826 куолас – 0,49%.

 

Кыым.ру

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru