«АЛРОСА» орто хамнаhа 2012 сылга 60 тыhыынча буолара күүтүллэр
Понедельник, 09 Января 2012 20:01Сыл түмүгүнэн, алмаастаах хампаанньа үрдүнэн бонус эбэтэр, 13-с хамнас түҥэтиллэр. Маннык ботуччу эбии харчыны ылар тэрилтэ Саха сиригэр, ахсааннаах буолуохтаах.
450 тыһыынча киһи сахалыы саҥарар
Воскресенье, 08 Января 2012 01:52Саҥа дьылы көрсө, 2010 с. ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис түмүгэ дьэ таҕыста. Ол түмүгүнэн, 142 мөл. нэһилиэнньэлээх Арассыыйа олохтооҕун ахсаанынан аан дойдуга 8-с миэстэ буолла. Кытай (1 млрд 335 мөл.), Индия (1 млрд 210 мөл.), АХШ (309 мөл.), Индонезия (238 мөл.), Бразилия (191 мөл.), Пакистан (165 мөл.), Бангладеш (147 мөл.) кэннилэриттэн.
Афанасий Максимовы ким «сакаастаабыт» буолуон сөбүй?
Среда, 04 Января 2012 22:56«Максимов дьыалата» диэн ааттанар айдаан төрдүн-төбөтүн ыйдаҥардан бардахха дьулаан хартыына субуллан тахсар.
Дойдубут истиин-хоойдуун «хоруупсуйа» диэн дьэбэрэҕэ өрүһүнэр кыаҕа суохтуу хам ылларбыта сөхтөрөр да, дьиксиннэрэр даҕаны. Айсберг -- толуу муус көһөҥө киһи хараҕар 1/8 биирэ эрэ көстөрүн курдук, баай былдьаһыытын, харчы тыырсыытын сэриитэ боростуой дьон хараҕар көстүбэт. Дьокутаат Афанасий Максимов утары тэриллибит сойуолаһыы баара суоҕа – «уу үрдүнээҕи чалбаныы» эрэ буолан тахсарыгар тиийэр.
Олоҕу сиэрдээхтик олоруохха диэн кураанах этии дуо?
Воскресенье, 01 Января 2012 02:35Кэрээнэ суох быһыы
Киһи кэрэтин кээрэтэр
кэмэ-кэрдиитэ кэлбитэ…
Анатолий Кырджагасов: «Дьокуускай куорат дьаһалтата аҥардастыы политиканан үлүһүйбүтэ туохха тиэрдибитин көрдүбүт»
Четверг, 29 Декабря 2011 22:10Мээр быыбарыгар кыттар баҕалааҕын биир бастакынан дьон-сэргэ истиитигэр дорҕоонноохтук эппит киһинэн -- «Губинскай ОДьКХ» Салайар Хампаанньа (СХ) генеральнай дириэктэрэ, Дьокуускайдааҕы Куорат Думатын дьокутаата, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа чилиэнэ Анатолий Кырджагасов буолар.
Афанасий Максимовка уонна кини биир идэлээхтэригэр суут таһаарбыт уурааҕын утарабыт!
Четверг, 29 Декабря 2011 01:06Саха сирин бары олохтоохторугар Таатта улууһун быыбардааччыларын аһаҕас суруга
Биһиги, Таатта улууһун быыбардыыр бырааптаах дьоно-сэргэтэ бу дьыл ахсынньы 12 күнүгэр, судаарыстыбабыт төрүт Сокуонун ылыммыт бэлиэ күммүтүгэр Дьокуускай куорат суута Саха сирин Государственнай Мунньаҕын-Ил Түмэн депутата Афанасий Николаевич Максимовы судаарыстыба үбүн матайдааһыҥҥа буруйдааҕынан ааҕан олус ыарахан, көҥүлүн хааччахтыыр уурааҕы таһаарбытыттан бэрт улаханнык айманныбыт, долгуйдубут.
Юрий Бахлай: «Ырыа матыыба эмискэ киирэн кэлэр»
Четверг, 29 Декабря 2011 00:2590-с сылларга, Россия уонна аан дойду рок музыкатын эйгэтигэр, хатыламмат ырыатынан-тойугунан ҮөҺээ Бүлүү Намыттан «Чолбон» бөлөх аата күөрэс гына түспүтэ. Онтон ыла отучча сыл ааста. Күн- дьыл куҺугуруу устар да, «Чолбон» ырыата-тойуга өрүү эдэрдии эрчимнээх, сахалыы сайаҕас.
Оонньообуттара оҕус буолаарай…
Понедельник, 26 Декабря 2011 06:59"Намыһах" уонна "үрдүк" итэҕэл диэн суох
Пятница, 23 Декабря 2011 13:13Хас көлүөнэ Итэҕэл туһунан умнан, билбэккэ уонна истибэккэ кэллэ?! Тэрис «Кыым» хаһыат бу сыл 32 нүөмэригэр «Күрүө» диэн суруйуутугар «итэҕэллэр икки көрүҥҥэ арахсаллар: намыһах уонна үрдүк диэннэргэ» диэн суруйбут.
Саха сирин олохтоохторугар туһаайан Афанасий Максимов аймахтарыттан Аһаҕас сурук
Пятница, 23 Декабря 2011 12:57Бу дьыл ахсынньы 12 чыыһылатыгар, Арассыыйа Федерациятын Төрүт сокуона ылыллыбыт бэлиэ күнүгэр, сууту-сокуону толоостук кэһэн ыытыллыбыт силиэстийэ түмүгэр, Дьокуускайдааҕы куорат суутун ыйааҕынан биһиги бииргэ төрөөбүт бырааппыт - Афанасий Николаевич Максимов 7 сылга күлүүс хаайыытыгар уурулунна.