450 тыһыынча киһи сахалыы саҥарар

Воскресенье, 08 Января 2012 01:52
Оцените материал
(0 голосов)

Саҥа дьылы көрсө, 2010 с. ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис түмүгэ дьэ таҕыста. Ол түмүгүнэн, 142 мөл. нэһилиэнньэлээх Арассыыйа олохтооҕун ахсаанынан аан дойдуга 8-с миэстэ буолла. Кытай (1 млрд 335 мөл.), Индия (1 млрд 210 мөл.), АХШ (309 мөл.), Индонезия (238 мөл.), Бразилия (191 мөл.), Пакистан (165 мөл.), Бангладеш (147 мөл.) кэннилэриттэн.

Бүгүҥҥү Арассыыйа олохтооҕун 74 %-на куораттарга, 26 %-на тыа сиригэр олорор эбит. 1 мөл. ордук нэһилиэнньэлээх куорат ахсаана – 12. Дойдуга дьахталлар ахсааннара эр дьону 10,8 мөлүйүөнүнэн куоһарар. РФ олохтооҕун орто сааһа – 39 (2002 сылга 37,7 этэ). Дойдуга 33 мөл. ыал баар.

Омуктарынан ылан көрөр буоллахха: нууччалар ахсааннара 111 мөл. (2002 с. 115,8 этэ), татаардар – 5,31 мөл. (2002 с. – 5,55), украинецтар – 1,92 мөл. (2,94 мөл.), башкирдар – 1,58 мөл. (1,67 мөл.), чуваштар – 1,43 мөл. (1,63 мөл.), чеченнэр – 1,43 мөл., (1,36 мөл.), армяннар – 1,18 мөл. (1,13 мөл.), авардар – 912 тыһ. (814,4 тыһ.), мордвалар – 744,2 тыһ. (843,3 тыһ.), казахтар – 647,7 тыһ. (653,9 тыһ.), азербайджанецтар – 603 тыһ. (621,8 тыһ.), даргинецтар – 589,3 тыһ. (510 тыһ.), удмуртар – 552,2 тыһ. (636,9 тыһ.), марилар – 547,6 тыһ. (604,2 тыһ.), осетиннар – 528,5 тыһ. (514,8 тыһ.), белорустар – 521,4 тыһ. (807,9 тыһ.), кабардалар – 516,8 тыһ. (519,9 тыһ.), кумыктар – 503 тыһ. (422,4 тыһ.), сахалар – 478 085 (443 852), лезгиннэр – 473,7 тыһ., (411,5 тыһ.), бүрээттэр – 473,7 тыһ. (445,1 тыһ.), ингуштар – 444,8 тыһ. (413 тыһ.), ньиэмэстэр – 394,1 тыһ. (597,2 тыһ.), тывалар – 263,9 тыһ. (243,4 тыһ.), карачайдар – 218 тыһ. (192,1 тыһ.), калмыктар – 183,3 тыһ. (173,9 тыһ.) уо.д.а. буолбуттар.

Мантан көрдөххө, нууччалар уонна Поволжье омуктарын (татаардар, башкирдар, мордвалар, марилар, комилар, чуваштар, удмуртар) ахсааннара бытааннык гынан баран эрэллээхтик көҕүрүүр суол төрдүгэр үктэммитэ көстөр. Онно холоотоххо, Хотугу Кавказ ислам итэҕэллээх омуктара (чеченнэр, ингуштар, авардар, лезгиннэр, даргинецтар, карачайдар, кумыктар) бэрт балысханнык элбии тураллар. Арай, христианыы итэҕэллээх осетиннар эбиллиилэрэ бытаан курдук.

Көстөрүн курдук, сахалар ахсааммыт 478 тыһ. буолбут. Ол эбэтэр, 8 сыл устата 34 тыһ. 233 киһинэн эбиллибиппит. Ыаллыы олохтоох бүрээттэрбит 2002 сыллааҕы биэрэпискэ биһигини 1 тыһ. киһинэн куоһарар эбит буоллахтарына, билигин кэннибитигэр ыраах хаалбыттар. Атыннык эттэххэ, сахалар мантан антах Сибиир саамай элбэх ахсааннаах төрүт олохтоох омуга буоллубут уонна, ахсааммытынан 19-с миэстэҕэ тахсан, “Арассыыйа 20 саамай улахан норуотун” кэккэтигэр хааллыбыт. Аны уонча сылынан буолуохтаах биэрэпискэ да, кимҥэ эрэ куоттаран, кими эрэ “ситэн”, 20 улахан омук ахсааныгар сылдьар чинчилээхпит.

Эбэн эттэххэ, 2010 с. биэрэпис түмүгүнэн, 450140 киһи саха тылын төрөөбүт тылынан ааҕар эбит. (Ол дьон бары саха буолбатахтарын санатабыт).

Кыым.ру

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru