Юрий Бахлай: «Ырыа матыыба эмискэ киирэн кэлэр»

Четверг, 29 Декабря 2011 00:25
Оцените материал
(1 Голосовать)

 tabyk2004_290-с сылларга, Россия уонна аан дойду рок музыкатын эйгэтигэр, хатыламмат ырыатынан-тойугунан ҮөҺээ Бүлүү Намыттан «Чолбон» бөлөх аата күөрэс гына түспүтэ. Онтон ыла отучча сыл ааста. Күн- дьыл куҺугуруу устар да, «Чолбон» ырыата-тойуга өрүү эдэрдии эрчимнээх, сахалыы сайаҕас.

Бу дьыл ахсынньы 24 күнүгэр «чолбоннор» Олоҥхо театрын саалатыгар «Чолбон туҺунан номох» диэн Борис Павлов таҺаарбыт кинигэтин сүрэхтээтилэр. Ону таҺынан, «Чолбон» биир туллар тутааҕа, солиҺа Юрий Алексеевич Васильев-Бахлай үйэ аҥардаах үбүлүөйүн биҺирэмэ буолла.  Онон бүгүҥҥү  күндү ыалдьыппыт  Юрий  Алексеевич  Васильев-Бахлай.

- Саха киҺитэ аан бастаан кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын диэн ыйытар үгэстээх. Ааҕааччыларбар бэйэҥ тускунан кэпсии түспэккин ээ.

- Мин ийэм Федора Варламовна Васильева, ҮөҺээ Бүлүү Өргүөтүттэн төрүттээх. 1961 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр миигин күн сирин көрдөрбүтэ. Ийэм аҕата Бочоох
Татаара диэн эмиэ бэйэтэ олоххо ураты көрүүлээх оҕонньор эбитэ үһү.  Ол курдук, Аан дойду иккис  сэриитигэр уолаттарын ыытымаары тыаҕа күрэппит. Онуоха НКВД-лар оҕонньору уонна уолаттарын тутан ылан хаайталаабыттар. Таайдарбын көрбүт дьон бэйэлэрин кыаналлар, күүстээх-уохтаах  дьон этилэр  диэн кэпсииллэр. Кинилэри оччотооҕу былаас ханна тиэрдибитин ким билиэй... Ийэм эдьийинээн Маарыйалыын ОроҺуга аймахтарыгар иитиллибиттэр. Ийэм үйэтин тухары дьыссаакка үлэлээбит. Онтон ҮөҺээ Бүлүүгэ театрга иистэммит. Мин үс саастаахпар өлөөхтөөбүт.  Хаартыскаттан да көрдөххө, билэр да дьон этэринэн ийэм кырасаабысса бөҕө эбит. Ийэм аймахтарыттан республикаҕа Сергей Ли-фу диэн биллэр тустуук  баара. Сергейдээх аҕалара, кытай  оҕонньоро, араас оҕуруот аҺын үүннэрэн Өргүөккэ элбэх киһини хоргуйан өлүүттэн быыҺаабыта диэн кэпсииллэр. Ийэм өлбүтүн кэннэ мин детдомҥа улааппытым.

-Оттон аҕаҥ?

- Ийэлээх аҕам театрга үлэлии сылдьан билсибиттэр эрээри, холбоспотохтор. Аҕам республикаҕа култуура эйгэтигэр биллэр киҺи. Алексей Леонтьевич Попов диэн, Мэҥэ Хаҥалас киҺитэ. Режиссер, артыыс, тойуксут, былыргыны билээччи краевед этэ диэн суруйаллар. Миигиттэн балыс уоллаах. Быраатым идэтинэн юридическэй үөрэхтээх. Прокурордуу сылдьыбыт дьоҺун киҺи. Култуураттан тэйиччи эйгэҕэ сылдьар. Оттон бииргэ төрөөбүт эдьиийим Кононова Маргарита Николаевна Томскайга олорор.  Быйыл ыҺыах саҕана кэргэнинээн Вячеславтыын кэлэн ыалдьыттаан барбыттара.

- «Чолбон» бөлөх, эн олоххор туох суолталааҕый?

- «Чолбон» мин иккис дьиэ-кэргэним диэххэ сөп. Сааскалыын (Ильин Александр – Мондо Сааска - аапт.) 1977 сылтан ыла билсэбин. Кинилиин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биир бөлөххө оонньообуппут. Онтон армияҕа барбытым. Армия кэнниттэн Сааскалыын аҕыйах ый онно-манна оонньообуппут. Мэхээлэ (Тумусов М.С. - аапт.) Кэнтиккэ оччолорго Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ этэ. Саасканы онно ыҥыран таҺаарбыта. Онтон мин Кэнтиккэ 1982 с. күҺүн көҺөн тиийбитим. Оччолорго «Кэнтик» бөлөххө ударник наада буолбута. 1983 с. «Кэнтиккэ» Грузины ыҥыран илдьибитим. Оо, оччолорго субуотаҕа хас таансы аайы оонньуурбут. БиҺигини истэ, үҥкүүлүү Дьокуускайтан студеннар бөҕө самолетунан кэлэллэрэ. Бу санаатахха, аныгы тылынан эттэххэ, «популярнай» баҕайы эбиппит. Онтон 1983 с. Сааска дойдутугар Намҥа үлэлии барбыта. 1985 с. Мэхээлэ, Грузин буолан тиийэн онно үлэлээбиппит. Намолий Тамалакааҥҥа үлэлиирэ, Кириис армияттан кэлбитэ. Ол кэмҥэ «Чолбон» бөлөх тэриллибитэ.

- Юрий, хаҺааҥҥыттан ыллыыгын?

- Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн. 

- Билиҥҥи ырыаҺыттар тустарынан туох этэрдээххин?

- Ыччаттар талааннаах бөҕө буоллахтара дии. ЫрыаҺыт диэн таҺыттан эрэ көрдөххө боростуой курдук. ТөҺө да талааннаах буолбутун иҺин, дьиҥинэн, күүскүн-кыаххын биэрдэххинэ эрэ ситиҺии кэлэр. Билигин ырыаҺыт үксэ фонограмманан ыллыыра кистэл буолбатах. «Плюсовка» (ырыаҺыт дьиҥнээхтии, тыыннаахтыы ыллаабат. Эрдэ уҺуллубут диискэни холбоон баран ырыаҺыт айаҕын эрэ хамсатар – аапт.) диэн эмиэ олох биир сайдыыта буоллаҕа дии. Хас киэҺэ аайы тахсан эт куоластарынан ыллаатахтарына, нэдиэлэ буолан баран куоластара олорон хаалар. Ол да иҺин кыҺалҕаттан «плюсовка», «минусовка» (куолаҺа суох эрдэ музыката эрэ уҺуллубут -аапт.)д иэни туттан эрдэхтэрэ. Кинилэргэ эмиэ туҺугар эрэй  буоллаҕа дии.

- ХаҺан эрэ  биир бөлөххө сүрдээх үчүгэй куоластаах ырыаҺыт кыыс баара. Кэлин сүтэн хаалбыта. Гастроллуу сырыттахтарына ол кыыҺы ыйыппыппын, ити эмиэ эн этэриҥ курдук, нэдиэлэ буолан баран куолаҺа бүтэн хааларын иҺин тохтообута диэбиттэрэ. Онтон
эн куруук бэйэҥ ыллыыгын. Өссө рок диэн көннөрү ырыа буолбатах. Күөмэйиҥ араастаан ыгыллар буоллаҕа дии. Ыйы-ыйдаан гастроллуур  графиккытыгар күөмэйиҥ олорбот этэ дуо?  

- Кырдьык, биҺиги урут ыйы-ыйдаан гастроллуур этибит. Өссө күҥҥэ икки кэнсиэри биэрэҕин. Саала хайдарынан киҺи буолааччы. Биллэн турар, нэдиэлэ буолан баран күөмэйим кыратык кэҺиэҕирээччи. Онтон иккис тыын диэн киирэр. Оччоҕуна дьэ өссө чөллөрүйэр курдук буолааччы.

- Арай, Горнайтан Мирнэй куоракка диэри билиҥҥи ырыаҺыттарбыт хас биирдии нэҺилиэккэ иккилии, чэ, күҥҥэ биирдии да концеры биэрэ-биэрэ хас улуус аайы кэнсиэртээтиннэр? Улахан аҥаардара аара бүтэр буоллахтара. Эн санааҕар ким тиийиэ этэй? Биэтэккэ…

- М-м… Бэйэм ис санаабын эппэппин, күнүүлэҺэн туруохтара.  Этэргэ дылы, «биэтэк тэҥниэ барытын». Хас биирдии бэйэтин ытыктыыр ырыаҺыт тыыннаахтыы доҕуҺуоллуур музыканнардаах буолуохтаах. Билигин куоракка сүрдээх элбэх талааннаах идэтийбит музыканнар бааллар. Онон ырыаҺыкка  хайдах баҕарар сайдар хайысха баар. 

- Олоҥхо театрыгар буолбут кэнсиэркитигэр көрөөччүлэр эн куолаҺыҥ билигин даҕаны чөллөркөйүн, бэйэҕин сыл–хонук кырыа хаара таарыйбатаҕын бэлиэтээтилэр. Ол кистэлэҥэ тугуй?

- КиҺи хаҺан даҕаны куҺаҕаҥҥа тартарыа суохтаах. Куруук үтүөҕэ, үчүгэйгэ эрэ тардыҺыахтаах. БиҺиги сахалар олус аҕыйахпыт. Бу аан дойдуга суох хоту сир цивилизациятын оҥорбут дьон буоллахпыт. Айылҕа оҕолоро буоларбыт быҺыытынан, бэйэ-бэйэбитин ытыктаҺан эрэ олордохпутуна, бу, хаар-муус дойдутугар үйэлэргэ сүтүөхпүт суоҕа. Билигин суруйааччыларбыт икки Сойууска арахсыбыттара киҺини үөрдүбэт. Аны туран, улуустаҺыы диэн «ыарыыбыт» сотору-сотору көбөн кэлэр. Итинник куҺаҕан дьайдар олохпутугар өтөн киирэллэрэ барыбытын кэбирэтэр. Биир бэйэм арыгы, табаах дьаллыктарыттан аккаастаммытым уонча сыл буолла.

- Айылҕаҕа сылдьаргын, бултуургун-алтыыргын сөбүлүүргүн билэбин. Күүс-уох онтон ылар буоллаҕыҥ дии?

- Саха – Айылҕа оҕото. Саас, күҺүн тыаҕа тахсыбатахпына табыллыбаппын. Балыктыырбын туохтааҕар да ордоробун. Эбэбэр киирэн дуоҺуйа сынньамматахпына, тугум эрэ итэҕэс курдук сананабын.

- Орто омурҕаҥҥын бэлиэтиир кэмҥэр «Сэбирдэх ибирдээн» диэн саҥа ырыаҕын олус сөбүлээтим. НаҺаа да курус ырыа…Ырыаларгын хайдах суруйаҕын?

- Ити этэр ырыаҕын убайдарбар Намолийдаах, Микииппэргэ анаабытым… Ырыаны «бүгүн биир нуотаны, сарсын иккис нуотаны суруйуохтаахпын» диэн суруйар миэхэ кыаллыбат. Эмискэ киирэн кэлэр. Бастаан хоҺоону аахтаххына, бэйэҕэр ылыннаххына,  кэлин туох эрэ  кэлэр. Ити ырыа тылларын Тумус Мэхээлэ суруйбута.

- Тумус Мэхээлэ туҺунан тугу этиэҥ этэй?  

- Мэхээлэ-айылҕалаах киҺи. Хас биирдии айар киҺи курдук, бэйэтэ туспа сокуоннаах, көрүүлээх киҺи. Булчут, бөлүҺүөк.  Мэхээлэни  кытары үлэлэҺэр биир бэйэбэр судургу. ТабаарыҺым, төлөпүөнүнэн күн аайы да буолбатар билсэ турабын.

- Куоракка көҺөн кэлэр санааҥ суох дуу? Билигин кэллэххинэ кимиэхэ тохтуугунуй?

- Дьэ, отой кэлэр санаам суох. Билигин куоракка кэллэхпинэ, атаспар-доҕорбор музыкант Виталий Власовка тохтуубун. Кини билигин төҺө да Олоҥхо театрын дириэктэрэ диэн улахан дуоҺунастаах да буоллар, «-72» диэн рок-бөлөх салайааччыта. Үйэбит тухары нэммитин билсибит дьоммут. Кини ол да иҺин бу ааспыт, ахсынньы 21 күнүнээҕи кэнсиэрпитин өйөөн театрын туран биэрдэҕэ. Атаспытыгар ол иҺин махталбытын тиэрдэбит!

- Айар куттаах киҺи буолан туран сөбүлүүр поэтыҥ?

- Оттон Мэхээлэ, Кириис тылларыгар-өстөрүгэр ыллаан кэллэҕим. Кинигэни ааҕарбын сөбүлээбэппин. Кэлин санаатахпына, барыта детдомтан саҕаламмыт эбит. Оччолорго кыра оҕолору оонньуу таҺаарбакка, хайаан да кинигэ аахтаххытына эрэ оонньуугут диэн усулуобуйалаахтара.   Ол дьайыы төттөрүтүн оҥорбут дии саныыбын. Билигин Варвара Потапова, Владимир Высоцкай хоҺооннорун ааҕарбын сөбүлүүбүн.

- Оттон ордук сөбүлээн ханнык бөлөхтөрү истэҕиҥ?

- «Звуки Му». Мирнэйгэ кинилэри истэн баран музыкаҕа атын эйгэ баарын истэн сөхпүтүм. Петр Мамонов диэн бары өттүнэн талааннаах киҺи. Рокер, артыыс, режиссер. Ордук «Цветы на огороде», «Серый голубь», «Муха» диэн ырыаларын ордоробун. «МУлар» музыкаларыгар сахалыы дорҕоон баарын истэн, Паша Хотинтан ыйыппыппар киҺим: «Кырдьык, азиатскай дорҕооннор бааллар» диэбитэ.  Биллэн турар, рок-классиканы истэбин -- «Дип Перпл», «Лед Зеппелин», «Пинк Флойд». Эдэрдэртэн «Рамштайн» группа интэриэҺинэй.

- Өбүгэлэргин батан бобууну сөбүлээбэккэ, хааччахтааҺыны утаран «Чолбоҥҥо» ыллыы-туойа сырыттаҕыҥ. Сэбиэскэй кэмҥэ ордук тугу сөбүлээбэт этигиний?

- Урут саамай утарылаҺарым субуотунньуктар этилэр. Субуота буолла да субуотунньук буолар этэ дии. Комсомол лиидэрдэрэ күннээн да биэрбиттэрэ.

- «Чолбон» курдук саханы саха дэппит аҕыйах. Тоҕо эйиэхэ  Саха Республикатын үтүөлээх үлэҺитэ диэн ааты култуураҥ управленията туруорсубатый? 

- Һэ-һэ, дьэ, ону кинилэртэн ыйыт. Хачыгаар диэн биэрбэттэрэ буолуо.  Урут да бэйэм туспар көрдөҺөр-ааттаҺар диэни туттубат этим. Албан аат ылаары илин-кэлин түҺэр диэни, билсии-көрсүү диэни сатаабаппын. Аны кэлэн сатаабатарбын да ханнык. ТөҺө да билигин култуура эйгэтигэр үлэлээтэрбин, мин саныахпар, «култуура үлэҺитэ» диэн туох эрэ саҥаны айбыт-туппут киҺи аатаныахтаах. Үрдүк үөрэҕи эрэ бүтэрбитинэн буолбатах.

…Билигин санаатахпына, мин да үөрэниэм эбитэ буолуо. Оччоҕо баҕар «Чолбоҥҥо» да ыллаабатах  буолуом этэ.

- Оо, оччотугар хобдох буолуо эбит. Үгүс киҺи эн эрэ куоласкынан «Чолбону» ылынар…

 Дьиэ-кэргэниҥ туҺунан аҕыйах тылла этиэҥ буолаарай?

- Билигин иккис кэргэмминээн ҮөҺээ Бүлүүгэ олоробун. Кэргэним Розалия Захаровна бары өттүнэн миэхэ көмөлөөх киҺи. ӨйдөҺөн-өйөҺөн олорбуппут уонча  сыл буолла. Бастакы кэргэммиттэн кыыстаахпын. Женя диэн ааттаах, ийэтин кытары Дьокуускайга олорор, үлэлиир. Кыыс сиэннээхпин.

- Юрий, Саҥа дьыл чугаҺаабытынан ааҕааччыларга туох баҕа санаалааххын?

- Бука барыгытын саҥа  кэм кэлэн иҺэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Кытаанах доруобуйаны, байылыат олоҕу, бары үтүөнү-кэрэни баҕарабын!

 

Кэпсэттэ Надежда Аргунова.

 

 

 

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru