Елена Тихонова: «Олохтоох дьон ытыктабылы эрэйэбит!»
Суббота, 29 Октября 2011 18:52
Бу күннэргэ «В Якутии.ру» интэриниэт-хаһыат эрэдээктэрэ Елена Тихонова Индия бизнесменэ Раджеш Ганди үҥсүүтүнэн суукка эриллэ сылдьарын истэр буолуохтааххыт. Бүгүн ол дьыала ис хоһоонун манна быһаччы кыбыллыбыт Елена Тихоноваттан бэйэтиттэн истэбит.
– Лена, алмааһы кырыылатар киэҥ хоннохтоох бизнесмен эйиэхэ тугун былдьатан таала кырыыланна?
Алексей Еремеев уонна Павел Семенов суута көһөрүлүннэ
Четверг, 20 Октября 2011 11:22Дойду үрдүнэн коррупцияны уодьуганныыр хампаанньа кутуругар-сиэлигэр сөрөнөн саха эдэр салайааччылара уһун-киэҥ холуобунай дьыалаларга эриллэллэр.
Виталий Басыгысов «Мир» телерадиокомпания±а интервью биэрдэ
Пятница, 14 Октября 2011 08:10Саха Республикатын Государственнай Мунньа±ын (Ил Тµмэн) бэрэссэдээтэлэ Виталий Басыгысов государстволар икки ардыларынаа±ы «Мир» телерадиокомпания±а интервью биэрдэ.
«Кырдьыктаах дьыала» быыбарга кыттар кырдьыга
Вторник, 11 Октября 2011 09:00«Правое дело» баартыйа салалтата Саха сирин соччо сэҥээрбэтэхтэр. Госдума быыбарыгар кыттар «өрөспүүбүлүкэ ипсииһэгэр» үс киһи киирбит:
«Суруналыыстар бэйэлэрин дьалаҕайдарыттан суорума суолламмыттар»
Вторник, 11 Октября 2011 08:59…диэн Москубатааҕы тимир суол үлэһиттэрэ этэллэр. Олег Емельянов уонна Юрий Семенов «сэрэҕэ суохтарыттан электричкэ анныгар түспүттэрин» туһунан «Говорит Москва» араадьыйа иһитиннэрбит.
Москубаттан үрдээн кэлэллэр
Вторник, 11 Октября 2011 08:59Бүгүн, алтынньы 11 күнүгэр Саха сиринээҕи Пенсионнай фонда саҥа салайааччытын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэхтэрэ.
Альбина Иннокентьевна Поисеева оннугар Арассыыйа Пенсионнай Фондатыгар үлэлии сылдьыбыт Георгий Степанов чыыннанан-хааннанан эргиллэн кэллэ. Степанов урут Дьокуускайдааҕы ПФ салаатыгар үлэлии сылдьыбыта.
Аркадий Алексеев Тикси баһылыга буолбата
Вторник, 11 Октября 2011 08:58Алтынньы 9 күнүгэр Тикси бөһүөлэгин мээригэр быыбар буолан ааста. Быыбарга 4 киһи кытынна. Эрдэ биллэриллибитин курдук, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа быыбарга урукку Тикси баһылыгын – Аркадий Алексеевы өйүүбүн диэн биллэрбитэ.
Иэстээхтэри кытары анал хамыыһыйа үлэлиэ
Четверг, 22 Сентября 2011 09:26
Сорох дьон уонна биирдиилээн тэрилтэлэр өҥөнөн туһаныы төлөбүрүн кэмиттэн-кэмигэр төлөөбөт идэлээхтэр. Онон иэс-күүс бүтүн уһугар хастыы да тыһыынча солкуобайынан ааҕыллар. Дьиҥэр, ый ахсын уот харчытын туһанааччылар төлөөн иһэллэрэ буоллар, хармааҥҥа охсуутун улаханнык билиэ суох этилэр.
«МАКСИМОВ» дьыалатыгар Игорь ПАХОМОВ көрдөрүү биэрдэ
Среда, 21 Сентября 2011 14:19
Бүгүн, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Дьокуускай куорат суутун судьуйата Попов көрүүтүгэр, айдааннаах «Максимов дьыалата» салҕанна. Санатар эбит буоллахха, суут мунньаҕа балтараа нэдиэлэ курдук сууттанааччы – норуот дьокутаата Афанасий Максимов сүрэҕэ ыалдьан балыыһаламмытыттан сылтаан, тохтотулла сылдьыбыта.
Халлаан сууллуо буоллаҕай…
Вторник, 20 Сентября 2011 08:43
Кыстыкка киирэр айдаан арыый намыраабытын кэннэ, дьиэҕэ олорор биэнсийэлээх ыт иллэҥ оҕонньор тугунан саатыахпыный – тэлэбиисэртэн түспэт буоллум. Дьэ, нойоттор, онно баар эбит сонун- нуомас бөҕөтө!