Бу дьыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар «Бүлүү» федеральнай аартыкка суол саахала элбээтэ. Ол курдук бу ыйдарга 8 улахан суол саахала бэлиэтэннэ. Бу быһылааннарга 1 киһи өллө, 13 киһи эчэйдэ. Саахал тахсар сүрүн төрүөтүнэн суоппардар ыраах айаҥҥа сылайан, болҕомтолоро сыппыырыттан эбэтэр уруулга олорон нухарыйбыттарыттан тахсар. Онон ыраах айаҥҥа туруммут дьон, сэрэнэн айаннааҥ.
Кыым.ру