Ньурба Мархатыгар саҥа маҕаһыын, бэкээринэ аһылынна

Среда, 09 Марта 2016 10:54
Оцените материал
(3 голосов)
Дьахтар күнүн бырааһынньыгын иннинэ, Таркаайы нэһилиэгэр, урбаанньыт Александр МИХАЙЛОВ аныгылыы тэриллиилээх маҕаһыын-маркет уонна бурдук аһын арааһын астыыр бэкээринэ аста.
Эргиэн саҥа киинэ аһылларыгар ыалдьыттарга, атыылаһааччыларга хас биирдиилэригэр хаһаайын бэлэх туттарда. Марха уонна Киирэп олохтоохторо удамыр сыаналаах, дэлэй табаардаах маҕаһыын аһыллыбытыгар улаханнык үөрдүлэр.

Александр МИХАЙЛОВ бэйэтэ Маалыкайтан төрүттээх эдэр киһи, урбаан эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар киһи буолар. Кини Мархаҕа үлэтин саҕалыырыгар нэһилиэк баһылыга Василий ВАСИЛЬЕВ улаханнык өйөөтө. "Саҥа үлэ миэстэтэ тахсарыгар сүүрэн-көтөн кыһаллан, туох баар боппуруоһу түргэнник быһааран биэрдэ", - диэн Александр махтанар. 

***
И. ИВАНОВ,
Ньурба к.

Комментарии 

#1
Александр 09.03.2016 13:32
на 5
#2
Нюрба 09.03.2016 13:33
маладьыас
#3
Кирбии 09.03.2016 16:10
Урут Марха5а хас лаапы баарай, Киирэпкэ эмиэ аста дуо?
#4
мин 19.03.2016 00:06
Киирэпкэ эмиэ арыйбыт.Киирэби Хлебынан хааччыйар.:)))

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru