Сарсын 202-с түөлбэҕэ спорт площадката аһыллар
Вторник, 17 Сентября 2013 09:54
Сарсын, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, 202-с түөлбэҕэ 6 уонна 7 №№-дээх дьиэлэр икки ардыларыгар «Воркаут» диэн аһаҕас халлаан анныгар спорт площадката аһыллар сиэрэ-туома ыытыллыаҕа.
Бу площадка уратыта диэн анал спортивнай эрчиллиитэ да суох киһи киирэн этин-хаанын чэбдигирдиэн сөп. Площадканы "ЗОЖ" общественнай тэрилтэ уонна Губинскай управа туттардылар.
Сылаас күннэр тиһэх сыламнарын туһанан хамсанан-имсэнэн хаалыҥ.
***
Аартык.ру





