Алтынньы 1 күнэ - Афанасий МАКСИМОВ төрөөбүт күнэ
Воскресенье, 30 Сентября 2012 22:16
Чурапчы-Таатта уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ депутат Афанасий МАКСИМОВ алтынньы 1 күнүгэр 48 сааһын туолар.
Билэргит курдук, Афанасий Николаевич билигин Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар хаайыллан олорор.
Билэргит курдук, Афанасий Николаевич билигин Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар хаайыллан олорор.
"Максимов дьыалата" диэн ааттаммыт, ньиэп-уонна гаас бизнеһигэр национальнай элитаны суох оҥорор дьыала 2008 сыллаахха атырдьах ыйын 8 күнүгэр тэриллибитэ. Игорь ПАХОМОВ, Игорь ЧИКАЧЕВ уонна Афанасий МАКСИМОВ былырыын ахсынньы ыйга Дьокуускай куорат суутун уурааҕынан үһүөн хаайыллыбыттара. Холуобунай дьыаланы тэрийсибит дьон Яков СТАХОВ билигин федеральнай ирдэбилгэ сылдьар, прокурор Анатолий ПОДЛАСЕНКО хотугу надбавканы эбинэн сата баһын тарта.
Холуобунай дьыала ирдэбил быһыытынан билигин Москваҕа, Россия Үрдүкү Суутугар үөрэтиллэ сылдьар диэн депутат общественнай адвоката Николай СЕДАЛИЩЕВ этэр.
Аартык.ру





