Cуол суох - дьон өлөр
Воскресенье, 26 Августа 2012 10:35Суол-иис мөлтөҕүттэн сылтаан сылын аайы уонунан дьон, оҕо суорума суолланар. Кытыы нэһилиэктэр улуус киинигэр киирэр кыахтара суох, улуустартан киин куоракка кэлэр кыах суох. Ыалдьыбыт, ыксаабыт дьон бэйэлэрин күүстэринэн айанныы сатаан баран быстахха былдьаналлар. Ол курдук соторутааҕыта, а.э. атырдьах ыйын 22 күн сарсыардатыгар хоту улуустан Дьокуускайга айаннаан иһэр дьиэ кэргэҥҥэ улахан иэдээн таҕыста. Өймөкөөҥҥө Күбүмэ диэн хайаттан түһэр балысхан сүүрүктээх үрэххэ, быйыл оскуолаҕа киириэхтээх уол оҕо былдьанна.
Уолчаан өлүгүн түспүт сириттэн 500 м сиртэн булбуттар.
Халлаанынан көтүөҕү - сыаната ыарахан, пуортарбыт да кыратык ардах түстэ да сабыллан хаалаллар, сиринэн барыаҕы - бырыытын-бадараанын ааһан биир да муоста суох, түмүгэр итинник дьулаан түбэлтэлэр тахсаллар... Оҕо өлө турар буоллаҕына, аан дойду таһымнаах оҕолорго аналлаах тэрээһиннэр туохха наадаларый?