Куоратымсыйыы...
Вторник, 07 Февраля 2017 01:28
Бары да тыаттан төрүттээх дьон олордохпут.
...Аан бастаан куоракка устудьуоннуу кэлэн баран, дойдубут дьонун көрдөхпүтүнэ уулусса нөҥүөтүттэн хаһыытаан ылан, сырса-сыҥалаһа сылдьан кэпсэтэр буоларбыт. Урут дэриэбинэҕэ хаһан да айах атан кэпсэппэтэх дьон ахтыспыттыы, утаппыттыы астына-дуоһуйа кэпсэтэн-ипсэтэн, онтубутун сылы-сыллаан сонун оҥостон соһор буоларбыт. Поэт Дьаакып Тыаһытап тэлэһийэ сылдьан “Дойдум дьоно” диэн ырыа хоһоонун суруйбут киһи, бу адьас соторутааҕыта бараахтаата. Кырдьык, тэһийбэтэх күннэргэ дойдуҥ дьоно ийэҥ-аҕаҥ курдук күндү буолаллара. Урут. Былыр.
Оттон билигин атын сиргэ, дойдуга да бардахха саха саханы кытары кэпсэппэт, түҥнэри хайысыһар. “Ээ”, - эрэ диэн искэр саҥа аллайаҕын уонна ааһа тураҕын. Урукку курдук саха икки ардыгар үөрэ-көтө сэһэн-сэппэн тардыы, күлэ-сала сэлэһии аны суох.
Соторутааҕыта билсэр дьахтарым сааһырбыт эдьийин кэргэнэ соһуччу, эмискэ өлөн хаалла. 20-ччэ сылы быһа эйэ-дэмнээхтик бииргэ олорбут доҕоро хомолтолоохтук күн сириттэн күрэммитигэр дьахтар эрэйдээх көрбүтүнэн букатын буорайан хаалаахтаата. Бииргэ олорбуттара ырааттар да, бэйэлэрэ оҕоломмотохторо. Арай балыстарын, сурдьутун оҕолорун ньээҥкэлэһэн, олортон күннэрэ-ыйдара тахсар буолара.
Этэҥҥэ сааһыран баран булсубут дьон саахсаҕа наадыйбатахтар. Эр киһи эдэр эрдэҕинэ кэргэннэнэ сылдьыбыт, онно биир кыыстаах үһү диэн буолара. Дьахтар арахсан баран оҕотун чугаһаппатах, онон ол курдук кэлин да букатын билсибэккэ олорбуттар.
Ол гынан баран эр киһи суорума суолламытыгар, иһиттим дуу, истибэтим дуу диэбиттии кыыһа эринээн кэлэн, нэһилиэнньик аатыран, аҕатын тиһэх сылларыгар бииргэ олорбут эмээхсинин дьиэтиттэн үүрэн, массыынатын туура тутан ылбыт.
Урут омук дьоно квадратнай миэтэрэ туһуттан дьон тыыныгар да туралларын кэрэйбэттэр диэн сиилиир этибит. Онтубут эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр бэйэбитигэр эргиллэн кэллэ. Кырдьаҕаска, ийэҕэ-аҕаҕа сыһыан хаарыйар хаҕыс, кыһарыйар чэҥ кыаһаан буолла. Эмээхсин, оҕонньор, кыаммат-кырдьаҕас хараҕын уутун тоҕуу... оо, төһөлөөх амырыын аньыыны оҥостон эрдэхпит...
...Хаһан эрэ телевидениеҕэ “Ыаллыылар” диэн аан бастааҥҥы сахалыы сериал тахсыбытын өйдүүргүт буолуо. Дьон киинэ геройдарын кытары бииргэ ытаһан-ыллаһан, сороҕор кыйаханан-кыыһыран, ардыгар үөрэн-хомойон өтөрдөөҥҥүттэн ыкса билсэр ыалларбыт курдук чугастык ылынан бу киинэни көрбүппүт.
“Ыаллыылар” киинэ биир түһүмэҕэр эбэлэрин кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттарбыттара кэпсэнэрэ. Бу сценаны көрбүт дьон сорохторо: “Ама дуу?!” – диэн улаханнык бэккиһии санаабыппыт. “Саха киһитэ хайдах төрөппүт ийэтин-аҕатын баҕадыанньаҕа туттарыаҕай, артыыстар наһаалаабыттар!”- диэн сүөргүлээбиттээхпит.
Киинэ аан бастаан көрөөччүгэ дьүүлгэ тахсыбыт кэннэ 20-ччэ сыл ааста дуу, суох дуу. Соторутааҕыта хатылаан көрдөрбүттэригэр, бастааҥҥы курдук ити сцена дьону тоҕо эрэ уолуппата, долгуппата. Төрөппүт ийэни-аҕаны кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттарыы саха уйулҕатын тоҕо хамсаппат буолла?
Соторутааҕыта биир хаһыакка суруналыыс кыыс Дьокуускайдааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр сылдьан репортаж суруйбута бэчээттэммитэ. Бу дьиэ олохтоохторо баһыйар үгүстэрэ – саха эмээхситтэрэ, оҕонньотторо эбиттэр. Үксүлэрэ оҕолоох, ыччаттаах дьон. Саха дьоно ийэлэрин-аҕаларын кырдьар саастарыгар көрбөт-харайбат буолбуттар. 20-ччэ сыллааҕыта итинник өй-санаа биһигини итэҕэтиэ суох этэ. Оттон билигин? Тоҕо соһуйбат-уолуйбат буоллубут?
Детдомнарга иитиллэр оҕоттон 70-80 бырыһыаннара эмиэ саха оҕолоро. Саха дьахтарыттан, эр киһититтэн төрөөбүт быыкаайык омукпут сыдьааннара – тыыннаах тулаайахтара. Ама сэрии да сутун кэмигэр саха оҕотун бырахпыт аньыыта суоҕа. Ийэлэр, аҕалар ыччаттарын былаҕайга быраҕыахтарын кэриэтэ бэйэлэрэ суор тиниктиир субулҕатыгар кубулуйуохтара – оҕо эрэ тыыннаах буоллун, кини эрэ этэҥҥэ сырыттар...
Өксөкүлээх “Төрүөҕүттэн төттөрү төлкөлөммүт” айымньытын суруйан баран хос быһаарыыта баара: “Саха дьахтара өйүнэн буккуллуор диэри (до сумасшествия) оҕотун таптыыр”, - диэн. Ол тапталбыт ханна туман буолан көттө, сиик буолан симэлийдэ?
Урбанизация - аан дойду үрдүнэн барар дьалхааннаах, далааһыннаах хамсааһын. Дойду олоҕун отуора алдьаныыта, уларыйыыта-тэлэрийиитэ, үлүбээй үрдүк үөрэх сырсыыта, үлэ-хамнас эккирэтиитэ, санаа-майгы уларыйыыта – саханы алаадьы алааһыттан тэйитэн куораттарга, улахан бөһүөлэктэргэ үүрдэ.
Амарах, сайаҕас сахалыы, киһилии санааны тутан турбут, иҥэринэ сыппыт сыһыыларбыт быраҕылыннылар, алаастарбыт иччитэхсийдилэр, толооннорбут тулаайахсыйдылар. Дэриэбинэ улахан аҥаардара өй дуораана охсуллар өспүт өтөхтөргө кубулуйдулар.
Куорат сүпсүлгэнэ, кэлиитэ-барыыта, аалсыыта-сырыыта сырыынньа майгыбытын быыппаста сылдьар сытыы кылыска кубулутта. Кыраттан да биилээҕинэн кынчыаттаһар оҥордо. Тыһыынчанан, сүүһүнэн сылларга абына-табына тарҕанан, дэлэйдик олорбут дьон ыт муннун саҕа ыыспаларынан ыгыта симистибит, көхсүбүт кыараата, санаабыт ыһылынна. Кирдээх быыл-туман сайаҕас санаабытын саппаҕырда тууйда.
Дьэллэмник, наҕыллык олоро үөрэммит дьон куорат олоҕор бэлэмэ суох эмискэ кутулла түспүт буолан майгыбыт отуора алдьанна. Үлэ-хамнас сырсыытыгар оҕолорбутун компьютер, телефон, телевизор иитэр. Күннээҕи кыһалҕаттан соло булбакка төрөппүт ийэбитин-аҕабытын баҕадыанньанан тарҕаттыбыт. Оҕо төрөппүтүн, төрөппүт оҕотун өйдөөбөт буолла. Көлүөнэ көлүөнэттэн тэйдэ, ситимэ быһынна, ону кытары өбүгэ үөрэҕэ, сиэрэ-майгыта тоҕунна, алдьанна, умнулунна, тэпсилиннэ.
Арай биирдэ эмэ түүлбүтүгэр көстөн ааһар күөл үрдүнэн наскыйа устар сылаас туман, хомус төбөтүн имэрийэр сиккиэр суугун, сарсыардааҥы сииккэ сайдыыр, һаттыыр саҥа... Сарсыарда ойон тураат үлэбитигэр ыстанабыт, сүпсүлгэҥҥэ умсабыт.
Ханна тиийэҕиэн төрдүн-ууһун умнубут, аатыгар эрэ “саха” сордоох...
***
Прасковья НИКАНОРОВА,
“Аартыкка” анаан.
Комментарии
Толкуйдатар, харааЬыннарар, санааттан санааны уескэтэр.