Олох... оонньуу?
Воскресенье, 23 Августа 2015 15:05
- Орто дойду – КУТ оскуолата. Киһи бу сиргэ кутун сайыннараары кэлэр. Туохха эрэ үөрэнээри, билээри, өйдөөрү, - Александр бэрт наҕыл куолаһынан саҕалыыр. – холобур, оскуола кылаастаах дии, биир кылааһы бүтэрдэххинэ атын кылааска тахсаҕын, ону бүтэрдэххинэ өссө атыҥҥа тахсаҕын... син ол тэҥэ биһиги куппут биир таһымтан иккис таһымҥа, иккистэн үһүскэ тахсан, сайдан иһиэхтээх.
- Өлүү диэн тугуй?
- Эмиэ атын таһым. Тургутуу.
- Өлүү кэнниттэн киһи кута ханна барарый?
- Төттөрү сиргэ оҕо буолан төрөөн кэлэр. Бу куйаарга барыта эргийэ турар.
- Оттон сүппэппин-иҥпэппин билэр буоллахпына, олоҕу сыаналаабат буолуом суоҕа дуо?
- Ол киһититтэн тутулуктаах. Киһи араас – сайдар суола эмиэ араас. “Олох – оонньуу” диэн этии баар дии. Син ол тэҥэ, биһиги куппут бу олоххо икки атахтаах буолан сиргэ төрөөн хайдах-туох тургутууну ааһыахтааҕын, сыалын-соругун бэйэтэ эрдэттэн туруоран төрүүр.
- Олоҕун “сценарийын” бэйэтэ айар?
- Бэйэтэ.
- Эс... Инбэлиит буолан төрүүрү, арыгыһыт, өлөрүөхсүт буолалларын хайдах эрдэттэн баҕарыахтарай?
- Ол – тургутуу. Ыарахан – киһини үөрэтэр. Ким эрэ биир кыраабылы хаста да үктүүр. Ким эрэ биирдэ үктээтэ – өйдөөтө. Киһи тугун-ханныгын, сөбүн-сөтөгөйүн быһааран өйдүөр диэри син биир “кыраабылын үктүү” турар. Арыгыһыт киһи арыгы куһаҕанын бэйэтэ эрэ өйдөөтөҕүнэ быраҕар кыахтаах. Атын киһи күүһүлээн хайдах да дьайтан тэйитэр кыаҕа суох ээ.
- Бэйэҥ иһэ сылдьыбытыҥ дуу?
- Иһэн. Ол иһин этэбин. Киһи ханнык эмэ тургутууну кыайан ааспатаҕына, ыарахантан куотан арыгыга, атын да дьайга умньанар. Ол дьайтан босхолонуу эмиэ биир улахан үөрэх. Холобур, биир күнү ааһаргар киһиэхэ хас да суол бэриллэр. Ханнык суолунан бараргын бэйэҥ быһаараҕын.
- Ханнык сыаллаах-соруктаах төрөөбүтүн киһи хантан билэр?
- Бэйэтэ эрэ ону билэр кыахтаах. Хас биирдии киһи соругун ситиһэр суола-ииһэ атын. Холобур, сыалгар-соруккар сөпкө баран иһэр буоллаххына - суолуҥ аһыллан иһэр. Сыыһа суолунан баран иһэр буоллаххына - сабыллан иһэр.
- Ити олох сценарийыгар төнүннэххэ... интуиция, бүтэй сэрэйии, түһээн инникигин биттэнии – кут эрдэ былааннаабыт сценарийын санааһын дуо, оччотугар?
- Оннук. Киһи (ханнык баҕарар киһи) төрүөҕүттэн икки көмөлөһөөччүлээх бу сиргэ кэлэр. Кутуҥ сайыннаҕын аайы ол көмөлөһөөччүлэриҥ ахсаана тыһыынчаҕа тиийиэн сөп. Олор соруккар тиийэр суолгун-иискин аһан, эбэтэр бүөлээн биэрэллэр.
- Барыта сатанар суолунан эрэ барыахтаахпын?
- Ханнык эмэ түгэҥҥэ тургутуу (талларыы) кэлэр.
- “Быкка бэрэбиэркэ”?
- Холобур, бу киһи тугу талар эбитий диэбит курдук: дьиэ кэргэнэ дуу, карьерата дуу, духуобунай сайдыы дуу, материальнай хааччыллыы дуу...
- Ол кут хайдах сайдара чопчу ырысыаптаах дуу?
- Киһи олоҕун устатын тухары тула алтыһар дьоно уларыйа турар. Төрүөҕүттэн биир киһини кытары киһи тутуһан сылдьара бэрт дэҥҥэ көстөр. Ханнык эрэ таһымы аастаххына, атын таһымҥа тахсаргар дьылҕа бэйэтэ саҥа дьонунан сирэйдэнэн дуу, саҥа көстүүнэн дуу билиини биэрэр. Ол билиини ылан, илдьиритэн, өйдөөн, бэйэҕэр буһаран, бэйэҕинэн аһардан кутуҥ сайдар. Олох –үөрэх. Киһи олорорун тухары туохха эмэ үөрэнэр. Холобур, дьон быыһыттан бэйэҥ кэргэн тахсыахтаах, ылыахтаах киһигин тута сэрэйэн, булан ылаҕын дии. Кэргэнниилэр хаһан да үүт-маас, үүт-үкчү буолбаттар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэриттэн бу олоххо туохха эрэ үөрэнээри, сайдаары бэйэ-бэйэлэригэр талаһаллар.
- Үүт-маас буолбаттар диигин да, оннооҕор дьүһүннэринэн майгыннаһар буолбут кэргэнниилэр баар буолаллар дии.
- Ол бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэн, майгыларын билсэн, өйдөһөн оннукка тиийэллэр. Оннук кэргэнниилэр бэрт сэдэхтэр. Алтыһар дьон сайдыыларын таһыма тэҥнэһэн хааллаҕына, бэйэ-бэйэлэригэр саҥаны тугу да ылсаллара-бэрсэллэрэ суох буоллаҕына – чуҥкуйаллар, тэйсэллэр, бэйэ-бэйэлэригэр сонуннара ааһар.
- Оксиэ, оччотугар көрсүүлэһии тахсан кэлэр дии.
- Киһититтэн тутулуктаах. Көрсүүлэһии – бу куһаҕан, албыннааһын, чугас дьоммун хомотобун-хоргутабын, атаҕастыыбын диэн саныыр, билэр буоллаҕына, ол киһи көрсүүлэһэн бэйэтигэр куһаҕаны оҥостор. Киһи-киһи ураты.
- Оттон, сорох “айар дьон” көрсүүлэстэхтэринэ музалара киирэн-тахсан сэйбэҥниирэ эмиэ баар дии...
- Кини оннук гынан туохха эрэ үөрэнэрэ эмиэ баар суол. Түмүк уһугар, хайдах да буолтун иһин, ханнык да суолунан барбыт иһин – киһи туохха эмэ үөрэнэр. Үөрэниэр диэри алҕаһын хатылыы турар.
- Оттон “үөрэнэбин” эҥин дии санаабакка көннөрү таҕыл ханнарыы?
- Киһи секска талаһыыта – кыл түгэнигэр биир иэйиигэ тиксэн ылыы. “Имэҥ” диэххэ дуу... Ити кут – дьиҥнээх туруга. Өлөн баран тиллибит дьон этэллэр дии, киһи дьикти турукка – толору дьоллонуу туругар түһэр диэн.
- Айуо, кэмэ-кэрдиитэ суох оргазм (ити кэнниттэн суицид элбээбитэ иһиллиэ буоллаҕа – испэр санаан ыллым).
- Айыылартан энергия кэлиитэ – имэҥ туруга. Ол туругу көрдөөн сорох дьон көҥдөй секскэ эрэ талаһара эмиэ баар көстүү. Ол гынан баран, оннук дьон талаһыытын ис хоһоонун ситэри өйдүө суоҕун сөп. Дьиҥинэн, ол энергияны сатаан ыларга, таба туһанарга үөрэннэххэ киһи олус элбэххэ дьайыан сөп.
- “Киһи сайдыахтаах, кутун сайыннарыахтаах” эҥин диэн бэйэмсэх буолууга тиэрдии буолбатах дуо?
- Билбити-көрбүтү, үөрэммити бүөмнээн тута сытыллыбат. Атын дьоҥҥо туһалаабат сайдыы – сайдыы буолбатах.
- Сөп. Саха норуота сүтэн-симэлийэн хаалыа дуо?
- Суох. Баар буолуохтара.
- Тылбытын билбэт буоллахпытына...
- Тыл диэн хаһан да сүппэт. Салгыҥҥа информация сылдьар. Киһи баҕарар буоллаҕына хаһан баҕарар сүһэн ылыан сөп. Аһыллыан наада.
- Эн алгыстыыгын дии...
- Урут икки тылы холбоон саҥарбат этим. Онтон алгыырбар тыл бэйэтэ кутуллан киирэр. Урут хаһан да истибэтэх тылларбын кытары этэр буолбутум.
- Ахсаан быһаарар дуо?
- Биир тибет ламата мөлүйүөнүнэн дьон санаатыгар дьайар.
- Тибеттэр духуобунай өттүгэр баайдар, материальнай өттүнэн быстар дьадаҥылар...
- Биһиги өйдөбүлбүтүнэн... Көрөҕүн о-ол турар дьиэни? Эмээхсин олорор. Чөкө баҕайы дьиэ, сөбүгэр тэлгэһэлээх. Муостаҕа утуйан турбата буолуо, оронноох, иһиттээх-хомуостаах, аччыктаабат. Киһиэхэ олороругар-хамсыырыгар харах туолбатынан мал-сал наада дуо? Бу куйаарга туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх. Аҥардастыы туох эрэ кэл да кэл буолбат, сол курдук эмиэ аҥардастыы бар да бар буолбат. Ханна эрэ биэрэҕин, ханна эрэ ылаҕын. Бэйэҥ буолбатаҕына, үөһэлэр дьаһайыахтара.
- “Сир эстэр”, “киһи-аймах сайдыыта харда” диэн этиини туох дии саныыгын?
- Суох, оннук буолбатах. Сотору дьон өйө-санаата улаханнык уларыйыаҕа, куйаары кытары ситимнэрэ сөргүйүөҕэ, эттэрэ-сииннэрэ аһыллыаҕа, өйдөрө-санаалара уһуктуоҕа.
- Айылҕалаах дьон бэйэҕит көрүүгүтүнэн, тылгытынан, манан диэн ыллахха, сүнньүнэн биир ис хоһооннооҕу кэпсиигит.
- Киһи-киһи араас. Суола-ииһэ эмиэ атын.
***
Александр Кузьмич ПЕТРОВ – Аар Саарын. Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр олорор эмчиттиин, көрбүөччүлүүн кэпсэтиибит ситигирдик буолла.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Аартык.ру
Комментарии