АЛГЫС
Воскресенье, 21 Июня 2015 11:09Саха омугар араас элбэх туом баар. Билиҥҥи кэмҥэ сөргүтүллэн, олоххо киирэн эрэллэр.
Ол иһигэр биир улахан туом Ыһыах Алгыһа буолар.
Алгыс туһунан элбэх ыстатыйа, кинигэ сурулунна. Бэйэм тугу билэрбин киэҥ эйгэгэ таһырдьа оҥоһуллар алгыс туһунан өйдөтүү курдук суруйабын. Алгыс билиҥҥи саха киһитэ өйө-санаата уһуктубут, дьиҥ итэҕэлигэр чугаһаабыт кэмигэр сүҥкэн улахан оруоллаах, өйдөбүллээх, олоҕор улахан сабыдыаллаах. Ону хас биирдии киһи өйдүөхтээх. Алгыс мээнэ оҥоһуллубат. Наһаа элбэх быраабылалаах, хааччахтаах, дириҥ өйдөбүллэрдээх.
Алгыһы Алгысчыт оҥорор, ол эбэтэр, алгыска анаммыт киһи.
Холобур, В.А. Кондаков «Айыы ойууна» диэн кинигэтигэр наһаа үчүгэйдик Тэгил диэн ааттаах уол хайдах Айыы ойуунугар анаммытын, уһуйуллубутун туһунан суруллубут. Кинигэлэртэн, үһүйээннэртэн билэбит: урукку үйэлэргэ алгыһы Уруҥ ойуун оҥорор этэ диэн. Билиҥҥи кэмҥэ оннук дьоннор бааллар – алгыска анаммыт дьоннор. Эр дьон сааһыттан тутулуга суох, онтон дьахтар сааһын ситтэҕинэ, ол эбэтэр, «ыраастаммыт», ыйданара тохтообут дьахтар. Алгысчыт көнө, эйэҕэс өйдөөх-санаалаах Айыы киһитэ, куһаҕаны санаабат-онорбот, арыгы испэт киһи буолуохтаах.
Алгыс мээнэ сиргэ оҥоһуллубат, холобур, альһаммыт сиргэ.
Сир бүтүн, ыраас буолуохтаах. Алгысчыт бу сиргэ төрөөбүт-үөскээбит, оҕо сааһа ааспыт, атыннык эттэххэ, кини саҥатын сир иччитэ истэ үөрэммит, атыҥыраабат буолуохтаах. Туора киһи оҥорор буоллаҕына, кини сир (түөлбэ) иччититтэн көҥүл ылыахтаах. Көҥүлэ суох алгыс оҥорбот, оҕустарыы ылыан сөп. Ону хас да хонук иннинэ көҥүллэтиэхтээх, бэлиэтэ бэйэтигэр кэлэр, биллэр.
Күнэ-дьыла эмиэ хааччахтаах.
Айылҕаҕа тахсан, алгыһы кэҕэ кыыл эппит кэмиттэн от ыйын 15 чыыһылатыгар диэри оҥоһуллар. Ол аата сирдээҕи иччилэр уһуктан, Үрдүк Аар Айыыларбыт сиргэ чугаһаабыт кэмнэригэр. Кэҕэ кыыл үгэс быһыытынан сааскы Ньукуолуҥҥа, ыам ыйын 22 күнүгэр этэр. Ол аата сайын саҕаланна диэн, иннигэр эттэҕинэ дьыл эрдэлээбит дэнэр, хойутаатаҕына – дьыл хойутаабыт. Дьыл диэн сыл буолбатах, нууччалыы сезон диэн өйдөбүллээх. От ыйын 15 күнүгэр абааһы мунньаҕа буолар дэнэр, үксүн итинник өйдүүбүт, дьиҥэр, абааһы буолбатах, сирдээҕи иччилэр мунньахтыыр кэмнэрэ. Ити күн кэнниттэн Алгыс айылҕаҕа оҥоһуллубат, айылҕа кэхтиигэ барар, от сиэмэтин ыһар. Алгыс күнүс 2 чааска диэри оҥоһуллар, 12 чаас - күн оройо, бу кэмҥэ Алгыс күүскэ түһэр кэмэ. Күнүс 2 чаастан күн кэхтиигэ барар, онон, 2 чаас кэнниттэн оҥоһуллубат.
Алгысчыт Илин халлаан диэки хайыһан туран алгыһын оҥорор.
Кини суолун ким да быһа хаамыа суохтаах, улахан аньыы буолар. Эр дьон уҥа өттүгэр, дьахтар аймах хаҥас өттүгэр тураллар. Алгыс ыытыллар сиригэр уонугар диэри саастаах оҕону, хат дьахтары, ыйдана сылдьар кыыһы, дьахтары, өлүүлээххэ сылдьыбыттара 40 хонуга туола илик дьону, ойууннары киллэрбэттэр. Ыт Ыһыах ыытыллар сиригэр олох суох буолуохтаах. Алгысчыт дириҥ өйдөбүллээх, сакральнай туому оҥорор. Аал уокка сүгүрүйэн, сирдээҕи иччилэри күндүлээн, үөһээ дабайан, Айыылартан алгыс көрдөһөр. Алгысчыты ким да тохтотуо, тугу саҥарбытын сиилиэ-хоһулуо суохтаах. Ким эмэ кинини тохтотор буоллаҕына эбэтэр алгысчыт, эбэтэр тохтоппут киһи улахан охсуу ылыан сөп. Ити туһунан кэпсээннэр бааллар. Холобур, операция оҥоро турар хирург бырааһы, чэ, тохтоо, сөп буолуо диэтэххинэ, ыарыһаҕа онно сытан эрэ атын дойдуга аттанан хаалыа дии, ол кэриэтэ буолар. Алгысчытынан баай тыллаах киһи буолар диэн сыыһа өйдөбүл. Алгыс ыытааһын кэнсиэр да, спектакль да буолбатах, бу улахан туом. Алгыска анаммыт киһи бэйэтин тылынан саҥарар, тохтоон ылар түгэнигэр, тугу этиэхтээҕин ситэри этиэхтээх. Ким да кинини аралдьытыа суохтаах. Алгысчыт кыраһыабайдык эрэ саҥардарбын диэн кумааҕыттан ааҕыа суохтаах эбэтэр кыраһыабайдык иһилиннин диэн запись ыытан баран, уоһа эрэ хамсыыр буолуо суохтаах.
Алгысчыт эрдэттэн бэлэмнэнэр, «баайыллар».
Кэргэнин кытары сылдьыһыа суохтаах, арыгы испэт, бэйэтэ туспа анал аһы аһыахтаах. Таҥаһа-саба, харысхаллара, дьалбыыра, туттар тэриэбэлэрэ, оттор маһа эрдэттэн бэлэмнэниллиэхтээхтэр. Маны ким да тыытыа суохтаах.
Алгыска хас биирдии киһи өйүнэн-санаатынан, этэргэ дылы, этинэн-хаанынан бэлэм тиийиэхтээх. Алгыс кэмигэр бэйэтэ илин диэки хайыһан турар, илиилэрин бэйэтин диэки хайыһыннарыахтаах. Ытыстарын антах диэки хайыһыннардаҕына, бу аата кэлэр алгыһы бэйэтиттэн тэйитии диэн буолар. Алгыс буола турар кэмигэр киһи сыыһа халты туттубутун Айыылартан «алы» гыныҥ даа диэн көрдөһөр, Айыыларга Орто дойдуга киһи-хара буолан олороругар махтанар, дьэ, ол кэнниттэн тугу эмэ бэйэтин иһигэр санаатынан көрдөһөр. Алгыһы ылыннаххына, ыһыахха дуоһуйа сырыттаххына, олоххор улахан уларыйыылар буолуохтарын сөп. Алгыс оннук күүстээх туом.
Алгыһы ылыныы-ылыммат, Алгыс кэнниттэн олоҕо уларыйыыта
хас биирдии киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах.
Онон, Алгыска өйгүн-санааҕын бэлэмнээн, сааһылаан тиийиэхтээххин. Ыһыах тэрээһинин сиилиир-хоһулуур табыллыбат. Ыһыаҕы мээнэ дьон тэрийбэттэр, тэрээһиҥҥэ итэҕэлгэ, сиэргэ-туомҥа чугас дьон эмиэ кыттыыны ылаллар. Ыһыах хайдах ааһара хас биирдии киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Өйүҥ-санааҥ аныгылыы соҕус буоллаҕына, концертары көрүөҥ, астына-дуоһуйа шашлыктыаҥ, дискотекалыаҥ. Итэҕэлгэ чугас буоллаххына, оһуокайы, тойугу, хомусчуттары эккирэтэ сылдьыаҥ. Ити мин бэйэм тус санаам.
Онтон, дьэ, саамай сакральнай кэм саха итэҕэлигэр,
алгыска хаһан буоларый?
Бары билэбит: бэс ыйын 21-22 күннэригэр. Бу кэмҥэ Аар Айыыларбыт сиргэ муҥутаан чугаһыыр кэмнэрэ. Субу кэмҥэ былыр сахалар Айыылартан ытык уоту ылаллар эбит. Бэс ыйын 21 түүнүгэр, ол эбэтэр, 22 сарсыардатыгар 3 чаас 30 мүнүүтэҕэ күн тахсар сардаҥатыттан уоту ылыыга улахан туом оҥоһуллар, ол барыта бэйэтэ туһунан кээмэйдээх, кэмнээх, уустук сиэрдээх-туомнаах буолар эбит. Сэргэ курдук остуолбаҕа сүлүүдэттэн тэриэлкэ курдук быһыылаах вогнутай сиэркилэ оҥоһуллар эбит. Оруобуна 3 чаас 30 мүнүүтэҕэ кун сардаҥата ол сүлүүдэҕэ түһэн, онтон холумтаҥҥа түһэн, уот умайар эбит. Ити умайбыт уот Айыылартан ылыллыбыт Ытык уот буолар.
***
Дьирибинэ. «Кистэлэҥ Күүс» сурунаал.
Дьирибинэ. «Кистэлэҥ Күүс» сурунаал.
Комментарии
Ил Дархану надо все таки как то найти время почитать что такое олонхо, Ысыах и Алгыс. И потребовать объяснительные от организаторов.