Ол быыһыгар... хаайыыга эмиэ ыһыах ыһаллар. Политик алгысчыт эмиэ буолар

Суббота, 20 Июня 2015 19:18
Оцените материал
(2 голосов)
73dcd5db55073f55fc1d4df2fc425dd5Икки атахтаах ханна да буолтун иһин сырдыкка талаһар. Ол сиэринэн, хаайыыга сытар саха дьоно самаан сайыны көрсөр ыһыах ыһан... "ньиргиттилэр" диир сөбө суоҕа буолуо, бэрээдэк көҥүллүүрүнэн, алгыс сиэрин-туомун толордулар. Алгыһы Афанасий МАКСИМОВ оҥорбут диэн WhatsApp барахсан сэһэргиир. 

Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар саха артыыстара ыалдьыттаабыттар: Аскалон Павлов, Лэгэнтэй, Паша Кофе, Светлана Бугаева, Галина Виноград. 
Афанасий МАКСИМОВ ырыа ымыылаах хоһууннарын кытары - Лэгэнтэйдиин уонна Аскалоннуун "Күһүҥҥү" ырыаны бэрт аһыллан туран ыллаабыттар. Быһата былаас биэрэллэрэ буоллар, олох ылыах курдук иэйэн-куойан туран ыллаабыттарын интернет сэһэнньитэ сэһэргиир. Афанасий улахан сыанаҕа ырыаҕа холоммутун туһунан урут суруйан турабыт. Сэргиир буоллаххытына манна киирэн ааҕыаххытын сөп http://old.aartyk.ru/cultura/item/2868-kandidattar-yllyyllar-da-yllyyllar 

Ону таһынан Аскалон табаарыһыгар Афанасийга "Иннибит диэки!" диэн анаан ырыа суруйбутун ыллаан сүргэтин көтөхпүт. 
Хаайыы хараҥа хабалатыгар ылларбыт эр бэртэрин күүһүнэн холуонньа территориятыгар сэргэ туруорбуттар. Алгыһын эмиэ МАКСИМОВ оҥорбут. Киһибит талаана барыта арыллан эрэр диэн дьон сыана быспыт. 
***
Аартык.ру

Комментарии 

#1
кырдьа5ас 20.06.2015 20:33
талаана ессе арылларыгар ба5арабыт.улаха н политик буоларыгар.
#2
Рена 20.06.2015 20:43
Для этого его надо каждый раз сажать в тюрьму?
#3
Эр 21.06.2015 10:40
Сахалар ебугэ угэьин Ханна да умнубаттара хайгал!!!
#4
саха 21.06.2015 13:26
Бэрт, олус бэрт
#5
саха 21.06.2015 14:04
Афанасий Саха Аар Айыы Итэҕэлин Боотура буоллаҕа.Түөһүг эр көмүс кириэс кэтэ-кэтэ, тымныы ойбоҥҥо чомполоно-чомпо лоно, Күүстээх Партия билиэтин сиэбигэр укта сылдьан Улуу Болуодьаҕа эккэлээбэт Саха Саарына, Урааҥхай Убайа буоллаҕа эбээт!
#6
тАЙАХ 23.06.2015 03:03
Биирдэ утуо дьыаланы оцордуннар ээ то5о барыта угэ-хоьоон курдук буолуой.
#7
Семья пострадав 23.06.2015 13:06
ДЬОНУ ЫТАППЫТ, калечи гыммыт ба5айылар ысыахтаахтар ээ! Тахсан да баран сугун сылдьыбакка эдэр дьону уголовщина5а склони гынар адьарайдар! Дьону, о5ону, кыамматы куттуур, абщаактарыгар инбэлиит эмээхситтэр харчыларын эбиискэлэнэр кисийдэхтэр!
#8
Семья пострадав 23.06.2015 13:09
Зектарбыт дии дии кыаммат, слабай дьону утуруйэр хара санаалаах хара танастаах сидьиннэр! Конечно ким ба5арар тубэсиэн сеп хаайыыга. Но алгыс, сахалыы итэ5эл эсиэнэ буолбатах!
#9
Семья пострадав 23.06.2015 13:11
ХАРА ТАНАСТААХ, ТАТУИРОВКАЛААХ БА5АЙЫЛАР куттанарбытын аастыбыт эсигиттэн. Норуот барыта сылайда эсигиттэн!

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru