Ханнык баҕарар киһиэхэ үс көлүөнэ ситимэ наада: ийэтэ-аҕата, бэйэтэ уонна оҕото. Эбэтэр эһэтэ-эбэтэ, ийэтэ-аҕата уонна бэйэтэ. Бастакы көлүөнэ өркөн өйү, уопуту илдьэ сылдьар, орто көлүөнэ билиҥҥи баар кэми тута сылдьар, үһүс көлүөнэ – эрчими-уоҕу, күүрээни кэрэһэлиир. Онон, мин хас биирдии саха киһитигэр бу көлүөнэ утума сарбыллыбатыгар, ситим уҕараабатыгар баҕарабын! Кырдьаҕастарбытын харыстыахха, ытыктыахха, көрүөххэ-истиэххэ, кинилэртэн куруук сүбэ-ама ылыахха, тылларын өйдөөн истиэххэ, олоххо уопуттарын туһанарга кыһаллыахха наада. Былыргыта суох –аныгы суох. Онон сылга биир күн эрэ буолбакка, эбэлэрбит-эһэлэрбит, ийэлэрбит-аҕаларбыт кырдьар саастара, олорбут олохторун уопута сааһыланар кэмигэр нус-хас, сылаас-сымнаҕас олоҕу тэрийэргэ кыһаллыаҕыҥ диэн орто саастаах, эдэр көлүөнэни ыҕырабын!
Бырааһынньыгынан, күндү доҕоттор, Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэринэн!
Өлөксөөндүр Дьуурабыс Дайыылап,
“Оһуохай” түмсүү салайааччыта.
Комментарии