Олохтор

Среда, 18 Мая 2016 07:33
Оцените материал
(3 голосов)
Арыы саһыл хааннаах, күн уотугар эбии дьэҥкэрэн сырдаан көстөр саһархайдыҥы өҥнөнөр харахтаах, ньыламан маҥан ньуурдаах эдэрчи дьахтары урут ханна эрэ көрбүтүм. Ханна?..  Ыллаан эрэр курдук эйээркэй куолаһын урут ханна эрэ истибитим. Ханна эрэ, хаһан эрэ...

Наҕыл, намыын. Бэйэтэ тус эйгэлээх,бэйэтэ билэр эрэ бэрээдэктээх чуумпу олохтоох, ол олоҕор, эйгэтигэр мээнэ дьону киллэрбэт.  

-          Оҕо сылдьан киинэ курдук түүнтэн түүн салҕанан бара турар түүллэри түһээччим. Эн түһээччиҥ оннугу?.. – ыйаастыгас киэҥ хараҕын уһун кыламаннарынан сапсынан ылар. – Омук дьахтара эбиппин. Билбэт тылбынан саҥарабын. Кэргэннээхпин. Байыаннай эбит. Ол гынан баран “бу” диэн дьүһүнүн көрбөппүн эрээри сэрэйэбин. Наһаа ахтабын, суохтуубун. Улахан баҕайы таас дьиэлээхпит. Замок курдук. Онтубут олус тымныы. Камины оттобут. Саастаах дьахтар прислугалаахпын. Ньээнньэм диэн ааттыыбын. Эдьиийдээх эбиппин, онтум ыраах баҕайы ханныаа эрэ олорор. Дойдубут ханнык эрэ атын дойдуну кытары сэриилэһэр эбит. Наһаа уһун сэрии буолбут. Эдьийим кэргэнэ сэриигэ өлөн хаалар. Ол кэнниттэн эдьийим эмиэ өлбүтүн туһунан сурук тутабын. Аҕаспын аһыйан дэлби ытыыбын. Аны икки кыыс оҕолоох эбит, онтулара тулаайах хаалбыттарын миэхэ анаталаабыт. Сэриигэ киһи бөҕөтө өлбүт, сут буолбут, дьадайыы-сатарыйыы барбыт. Ыарахан олох.  Арааһа биһиги сэрииттэн дьадайан эрэр  син сэниэ ыалларбыт быһыылаах. Таҥаһым-сабым сыаналаах эрээри эргэрэн эрэр диэн сиэркилэҕэ көрүнэбин. Олох атын дьүһүннээхпин – сырдык хааннаах омук дьахтарабын. Былаачыйабын арынан бачыыҥкабын көрүнэбин, быыкаай хобулуктаах диэн көрөбүн. Онтум хаамтахпына таас муостаҕа тыастаахтык тыбыгыраан олорор.

Ньээньэбин, эдьийим оҕолорун аҕалтара борокуокка атаарабын. Ыйы быһа айанныыр эбит ол сиргэ, соччо эмиэ төттөрү айаннаан кэлиэхтээх. Өөр буолан баран борокуотунан айаннаан ньээньэм эдьийим оҕолорун аҕалыахтаах. Причалга көрсө киирэбин. Соҕотохпун. Киһи бөҕө. Быыкаай уолаттар сыыр дуу, хайа ду үрдүгэр тахсан ыраах ууну одуулаһаллар. Онтон хаһыытыыллар: иһээр-иһэр диэн. Мин тулуйбакка бөдөҥ таастарынан ууруллубут кытыл устун төттөрү-таары хаамыталыыбын. Икки эдэрчи эр киһи миигин одуулуулларын таба көрөн кытар гына түһэбин. Сөбүлээбэтим – итинник аһаҕастык көрүө суохтаахтар диэн. Культурата суохтар дии саныыбын уонна төттөрү дьон үмүөрүһэн турар сиригэр барабын. Дьэ онтон кэмниэ-кэнэҕэс борохуот кэлэр. Бастаан баайдар түһэллэр эбит. Онтон орто сэниэ дьон. Мин ньээнньэм ортолору кытары тахсыста. Икки, биирэ – биэстээх, биирэ –сэттэлээх кыргыттары сиэппит. Оҕолору көрөн турабын. Сырдык кугас баттахтаахтар. Биирин эдьийбэр наһаа майгыннатабын. Оҕолор миигин интэриэһиргээбит ахан харахтарынан көрөн тураллар. Мин наһаа аһынабын, долгуйан хараҕым уута кэлэр... итинник киинэ курдук түүллэри түһүүр этим...

-          Киһи бу сиргэ хаста да төрүүр дии саныыгын?

-          Оннук.

-          Урукку олоххун көрбүккүн оччотугар?

-          Урут өйдөөбөт этим. Оҕо буоллаҕым. Онтон кэлин, хойут Сайыына “Көмүлүөгэр” сылдьыбытым. Онно кини этэр этэ. Киһи бу сиргэ хаста да төрүүр диэн. Миигин ити түүлбэр көрбүтүм курдук эппитэ – омук сиригэр, дьахтар буолан төрүү сылдьыбыккын. Сэрии саҕана эрэйи-муҥу көрбүккүн диэн. Уонна ити түүлүм курдук кэпсээн биэрбитэ.

-          Дьикти эбит...

-          Биирдэ киниэхэ кыра кыысчааны аҕалбыттара. Эр киһи атаҕастаабыт. Ол кэннэ кыысчаан эрэйдээх, киһи сүрэҕэ ыалдьар, олох саҥарбат, бэйэтигэр бүгэн хаалбыт. Баттаҕын ыстан баран сирэйин бүөлүү туттар эбит. Сайыына ол оҕону кытары дьарыктаммытын кэннэ оҕо сыыйа-баайа күлэр-үөрэр, оскуолатыгар үөрэ-көтө барар буолбут этэ. Тиллэн-тыллан кэлбит. Кэлин ыйыппыппыт туох диэн оҕону кытары кэпсэттиҥ диэн. Ону эппит этэ ол оҕочооҥҥо: эн хаһан эрэ былыыр-былыр дьээдьэ буолан төрүү сылдьыбыккын. Ойуур устун баран иһэн улахан күөх хонууга тахсыбыккын. Онно биир кыра кыысчаан, эн саҕа оҕо мас анныгар хачыаллыы олорор эбит. Ол оҕону көрөн турбуккун, онтон эйиэхэ куһаҕан санаа киирбит. Уонна эйигин дьээдьэ хайдах гыммытай да ол оҕону эн эмиэ оннук гыммыккын. Билигин ол оҕо дьээдьэ буолбут эн кыысчаан буолбуккун. Кини эйигиттэн иэстэспит. Киһи куһаҕаны оҥордоҕуна атын олоҕор онто бэйэтигэр төннөн кэлэр. Ол ону тулуйан ааһыахтааххын, куһаҕаны оҥорор куһаҕанын өйдүөхтээххин. Оччотугар кармаҥ ыраастанар, олоххор табыллыы, ситиһии кэлэр, аныгыс олоххор эмиэ үчүгэйдик олоруоҥ диэн.

...Сорох-сороҕор хаһан да билбэт киһигин олус уруургуу, ахтыбыттыы көрсөҕүн, ылынаҕын. Кини куолаһын ханна эрэ истибит курдуккун, дьүһүнүн билэр курдуккун. Сорохтортон куттанаҕын, дьаахханаҕын, билсиэххин, чугаһыаххын баҕарбаккын. Баҕар, ааспыт олохпутугар алтыһа сылдьыбыт дьоммут буолуо. Эн, инньэ дии санаабаккын дуо?.. – Анита сып-сырдыгынан көрөр.

 

***

Ольга ВАСИЛЬЕВА.
Aartyk.Ru

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru