Дьикти ааттаах испиктээх
Среда, 12 Февраля 2014 02:11
Тыаттан киирбит ыалдьыппыт кэпсээнэ дэлэгэй, айаҕа хам буолбакка кэпсиир.
Быыс булан хаһаайка ыйытар:
Быыс булан хаһаайка ыйытар:
- Маайыстаах, төһөҕө кэлэллэр, ханна бардылар?
- Ээ, тыйаатырга испиктээх көрө барбыттара.
- Бээ, эчи үчүгэйин! Ханныкка бардылар?
- ...Мм.. туох этэй... - саныы сатыыр, - Оттон били бырахтарар киһи туһунан... оҕолонуон баҕарар дуу, тугуй...
- "Иирбит Ньукуус" дуо?
- Оннук-оннук! "Иирбит Ньукуус оҕоҕо баҕарбыт"!
- Бай! "Иирбит Ньукуус" уонна "Оҕоҕо баҕарбыт" диэн атын-атын испиктээкиллэр ээ!
- Дуо-а?! Пахай... мин биир испиктээх аата дии сылдьабын... Иирээки тугун оҕотой, хаһан сүгүн көрөөрү оҕоҕо баҕардаҕай дии санаабытым өссө...
***
Ольга ВАСИЛЬЕВА,
Аартык.ру