БЕЛЫЙ ПАРОХОД

Понедельник, 03 Декабря 2012 23:08
Оцените материал
(3 голосов)
Үөрэххэ киирэн баран, хас да сылы быһа, ырааҕынан аймахтарбыттан куорат кытыытыгар биир самналлыбыт дьиэни куортаамнаан олорбутум. Ыаллар бары кэриэтэ нууччалар этилэр.
Арай биир сайын тэлгэһэбиттэн таҕыстаҕым аайы чугас ыалбыт кыра кыыһа мэлдьи оонньуу олорор буолбут этэ. Миигин көрдө да, кытар гына түһэр этэ.
8-9 саастаах быһыылаах этэ.
Биир күн эмиэ олбуорбуттан тахсыбыппар ол кыыс быраата уол эмискэ бал гыннарда:
- А она тебя любит!
Мин саҥата суох мичээрдээн кэбистим.
Аҕыйахтык хардыылаат, эргиллибитим - кыыс быраатын кэтэххэ биэрэн эрэр эбит.
Сөп буоллаҕа - сүрэҕин кистэлэҥин кэпсээбит ол быраата "таҥнаран", тыллаан биэрдэҕэ дии.
Онтон ыла ол кыыс тэлгэһэм аанын таһыгар манаабат буолбута. Ол эрээри тоҕо эрэ олус чаастатык утары түбэһэр этэ уонна үгэһинэн кытар гынара.
Кэлин мин ол дьиэттэн көһөн барбытым. Уонна аны ол кыысчааны көрбөтөҕүм.
Оттон быһа холуйан 15 сыл буолан баран, "Демьян Бедный" теплоходунан Өлүөнэ очуостарыгар барар буолбутум, корпоратив курдук,  тэрилтэбит уонча каютаны ылбыта.
Мин теплоходка арыый эрдэ тиийэн, трап таһыгар турунан, киирэр дьону көрө турдум.
Арай туох да аһара кэрэ, намчы, сырдык нуучча кыыһа биир бөлөҥ-садаҥ нуучча уолун кытары теплоходка киирэн иһэрин көрөн, ол кыыһы наһаа биһирээтим - эчи, хаамара чэпчэкитин, туттара-хаптара нарынын.
"Я засмотрелся на тебя,
Ты шла по палубе в молчании,
И тихо белый теплоход
От шумной пристани отчалил,
И закружил меня он вдруг,
Меня он закачал..."
Ол кыыс мин диэки көрөн ааста, оттон иккитэ-үстэ хардыылаат, тоҕо эрэ тэмтэрийэн ылла, эргиллэн миигин болҕойон көрдө.
Кубарыйан ылла быһыылааҕа.
Ону мин соччо өйдөөбөтүм, “туох буолла ээ” эрэ дии санаатым.
***
Теплоход куораттан тэйэн эрдэҕинэ, сөрүүн тыалы ыймахтаары үөһээҥҥи палубаҕа тахсан турдахпына, ол нуучча кыыһа тиийэн кэллэ.
Били ыалым кыысчаан эбит. “Миигин биллиҥ дуо, урут ыаллыы олорбуппут” диэбитигэр эрэ өйдөөтүм.
Испэр күлэ саныыр кыысчааным бу улаатан, тупсан, харахтара чаҕылыйан, уостара обугуйан сүрдээхтэрин бэркиһээн эрэ кэбистим.
Кэпсэтэн билбитим  соторутааҕыта виртуальнай конкурска бастаабыт эҥин эбит. Онно дьэ өйдөөбүтүм - хаһыакка, Интернеккэ көрбүт эбиппин. Ол саҕана оннук виртуальнай конкурстар саҥа тэриллэн эрэр этилэр, син сонун этэ.
Теплоходка кэргэнинээн кэлбит этэ. Ол эрээри ол кэргэнин хаалларан, мин каютабар хоммута...
***
Ол кыыстыын билиҥҥэ диэри хам-хаадьаа да буоллар көрсөбүт.
Ынырдым да - тугу да, кими да быраҕан тиийэн кэлэр. Үлэлии олорор буоллаҕына - үлэтиттэн көҥүллэтэр, киэһээ дьиэтигэр олорор да буоллаҕына син-биир төлө көтөн кэлэр.
Кэргэнигэр туох диэн быһаарарын дуу, быһаарбакка дуу миигин көрсө кэлэрин билбэппин, ыйыта сатаабаппын.
Көрсүһүүлэрбитигэр кумах куйаары туораан утаппыт дьон курдук таптаһабыт, сороҕор кэпсэтэр да бокуой буолбакка, бириэмэбит ыгым буоллаҕына, кэпсэтэ-хайыы сатаабакка, уураһыы, куустуһуу, таптаһыы эрэ буолабыт.
***
Кыайан оҕоломмокко сылдьар, быраастар  кэргэнэ буруйдаах диэбиттэрэ.
Ол да иһин буолуо - оҕоломмут киһи диэн наһаа ыраланар буолбута ыраатта.
Ону мин "эйиэхэ оҕо оҥоробун дуо?" диэбэт буоллаҕым - нуучча ыалыгар саха оҕото төрүүрэ туох аанньа буолуой? Бэйэтэ хаста да миэхэ "оҕото оҥор" диэбитин аккаастаабытым - оччоҥо ыал буолан бүтүөххүт диэн.
Оттон мин бэйэм кинини билигин кэлэн кэргэн ылбат буоллаҕым - хойутаатахпыт дии.
***
Ол оннук.
Салгыы хайдах буоларбыт буолла... Билбэтим.
Итинник таптал  буруй дуо?
Эбэтэр таптыыр  буруй буолбатах дуу?
  ***
УОЛ.

Комментарии 

#1
Оҕонньор 06.12.2012 01:20
Уол огото, кэргэннээххин дуо?
#2
Уол 19.12.2012 03:39
Кырдьа5аас, бу манна миигиттэн итинник ыйыппыттара ээ.
Ону мин ба5ар ол туЬунан кэпсээн онорон сэЬэргиэм диэбитим.

Онон эрдэ этэр сыыЬа буолуо дии - интрига суох буолан хаалыа дии? ;-)
#3
майа 01.03.2013 08:49
мечта5ын саатар кэпсээн суруйан абыраннын дуу7

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru