Сымыйа күнүн содуллара
Четверг, 02 Апреля 2015 09:29
Бэҕэһээ, муус устар 1-гы күнүгэр, дьээбэ-хообо социальнай ситимнэринэн хотоҕостуу субулунна. Обама, Путин, Борисов төлөппүөннэрин нүөмэрин бэристилэр, сүрэхтээх-бэлэстээх соҕустара клип, видеоролик уһуллулар, хаартысканы фотошоптаатылар. Ким эрэ көрүдьүөһэ хайҕанна, кимиэнэ эрэ сэмэлэннэ, кимиэнэ эрэ холуобунай эппиэтинэскэ тиэрдэ сыста.
Дьээбэ күнүн биир хонук иннинэ "Сарсын 15.00 ч. ДП-2 иннигэр газохимическэй собуот тутулларын утары флешмоб тэриллэр" диэн интернет-ситиминэн биллэрии тарҕаммыта. Элбэх киһи итэҕэйэн, кыттымаары да, көннөрү көрөөччү оруолун толорор баҕалааҕа. Бэл диэтэр улуустан көрө-истэ анаан айаннаан киирбит дьон баара. Болдьоммут чааска миитинниэн баҕалааччылар аҕыйах да буоллар кэлбиттэр. Ол гынан баран, куорат хабыллар ортотугар, көҥүллэтиитэ суох тугу да тэрийэр быраабыҥ суох. Кэлбит дьону инньэ диэн полиция үлэһиттэрэ сэрэппиттэригэр тарҕаспыттар. Уһулуччу дьаныардаах соҕотох киһи хаалбыт. Тура сатаан баран хаҕыс тыалтан тоҥон дьиэлээбит. Итинэн бүтэр.
Аныгыс интернетинэн биллэриигэ дьон тахсара дуу...
***
Атын социальнай ситимнэргэ, холобур, ФБ-ка көр-күлүү син балайда таҕыста. Дьон сололоох да диэн, дуоһунастаах да диэн кими да "харыстаабатылар". Егор БОРИСОВ ойбонтон куобах ороон таһаарбыт диэтилэр, Ленин памятнигын оннугар өрө ууммут кылыстаах киһини ойуулаан баран Тыгын Дархан диэтилэр, правительство бэрэссэдээтэлин уонна онно-манна аймах көрдүүр "общественнай деятели" хаан уруулуу оҥордулар.
***
Аартык.ру






Комментарии