Саха сиригэр сахарнай диабеттаах дьон ахсаана 90 тыһ. чугаһыыр
Среда, 26 Ноября 2014 12:02
Итинник сыыппараны депутат Ирина ЕНТОРОВА Ил Түмэн мунньаҕар этэр: "Сылын ахсын сахарнай диабетынан ыалдьар дьон ахсаана элбээн иһэр. Оҕо, ыччат элбэхтик ыалдьар буолла. Учуокка 29 000-тан тахса киһи турар эрээри, бу сыыппараны үс төгүл улаатыннарыахха наада, тоҕо диэтэххэ сорох дьон диагнозтарын билбэттэр, бырааска көрдөрбөттөр, - диэн кини этэр. Онон булгуччулаах территориальнай медицинскэй страхование 2015 (барыллаан 2016-2017 сс.) бюджетын бигэргэтэргэ уларытыы киллэрэри туруорсан ситистэ.
Мантан антах инсулины урукку курдук биир сылга буолбакка 1,5 сылга учуоттаан атыылаһыахтара, онно анаан ОМС бюджетыгар харчы көрүөҕэ. "Сыл бүтэһигэр, саҕаланыытыгар инсулин бүтэн хаалар, ыарыһахтар 3-4 ый эмэ суох сылдьаллар. Онон 1,5 сылга ааҕан эми хаһааннахха дьон эрэйдэниэ суох этэ", - диэн Ирина Викторовна этэр.
***
Аартык.ру






Комментарии