Дмитрий ГЛУШКО дуоһунаһа эбиллэр
Воскресенье, 16 Июня 2013 20:44
Россия күнүн аҕай иннинэ "Аартык.ру" редактора Туйаара НУТЧИНА СР вице-президенин, "Биир ньыгыл Россия" партия региональнай политсүбэтин сэкиритээрин Дмитрий ГЛУШКОНЫ кытары көрсөн интервью ылбыта. Төрүөт - Россия күнэ уонна "Транснефть" хампаанньа Ленскэйдэҕи айдааныгар вице-президент киһи санаата, сыһыана, сыанабыла этэ.
- Дмитрий Евгеньевич, Штыровтыын сыһыаҥҥыт хайдаҕый?
- Кини көмөлөһөөччүтэ буоллум.
- Но!
- Билигин докумуоммун бэлэмнээн Москваҕа ыыттым. Официальнайдык илии баттанара эрэ хаалла.
- Урукку президент көмөлөһөөччүтэ буолбуккар, билиҥҥи президент хайдах сыһыаннаһар?
- Вячеслав Анатольевич Федерация Сүбэтин вице-председателэ... Общественнай дуоһунас буоллаҕа, онно үөһээ турар салалта көҥүлэ наада диэн ирдэбил суох ээ... Штыров элбэх көмөлөһөөччүлээх.
- Ол иһигэр соторутааҕыта "ньыгыллартан" тыастаахтык ааны хайа быраҕан тахсыбыт Михаил Эверстов?
- Михаил Ильич бэйэтин эрэ тус интэриэһин көрүнэр киһиттэн тугу булан ылыаххыный...
***
Интервью толору көрүҥүн сотору бэчээттиэхпит.
***
Аартык.ру






Комментарии