Мэҥэлэр мөккүөрдэрэ. Владимир ПТИЦЫН, Айаал СТЕПАНОВ уонна Родион ФЕДОРОВ
Понедельник, 21 Января 2013 08:59
Aartyk.Ru "Быыбардыыр уокуруктары сырыы аайы саҥаттан тыырар кимиэхэ барыстааҕый?" диэн ахсынньы 15 күнүгэр матырыйаал таһаарбыта. Ол иннинэ Дьокуускай куоракка Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх дьону түмэр "Дойду ситимэ" общественнай тэрилтэ айдааннаах-куйдааннаах, этиһиилээх-этиниилээх атыыр мунньаҕа буолбутун иһитиннэрдилэр.
Санатар эбит буоллахха, "Быыбардыыр уокуруктары сырыы аайы саҥаттан тыырар кимиэхэ барыстааҕый?" ыстатыйаҕа саҥа тыырыллыбыт быыбардыыр уокуруктары ырытыы барбыта. Онно Мэҥэ Хаҥалас улууһа үс уокуругунан (Мэҥэ Хаҥалас, Бороҕон, Чурапчы) арахсыбытын эппиппит. Кэлэр Ил Түмэн мунньаҕар депутаттары талар быыбарга төннүбэттии оппозицияҕа "сыылкаламмыт" Родион ФЕДОРОВ киирсэр баҕалааҕын, кини "Дойду ситимэ" общественнай тэрилтэ салайааччытын быһыытынан куолас хомуйарга тирэхтээҕин этэн аһарбыппыт.
Родион Иннокентьевич былырыын төрөөбүт сиригэр-уотугар тахсан былаас туруорбут кандидаттарын утары туран дьаһалтаны ууга-уокка түһэрэ сылдьыбыта. Бастаан улуус кулубатын, онтон Аллараа Бэстээх баһылыгын быыбардарыгар аҕыйах куолаһынан сабырыйтаран хотторбута.
***
Мэҥэ Хаҥалас урукку баһылыга дуобатчыт уонна финансист Владимир ПТИЦЫН былырыын СР Счетнай палататын аудиторынан талыллан, саҥа миэстэҕэ көһөн барарыгар, улууһу солбуйааччытыгар Николай СТАРОСТИҤҤА туттарбыта. СТАРОСТИН ыам ыйыгар быыбарга кыттан улаханнык эриһэн туран Родион ФЕДОРОВЫ хоппута. Быыбар хампаанньатын түмүгэр улуус нэһилиэнньэтэ икки аҥы арахсыбыта. Билигин даҕаны ол быыбар дуораана салҕанан бара турарын айдааннаах мунньах туоһута кэпсиир.
***
Дьаһалта хараҕар кытыастар кыһыл былаах буолан тэлимниир Родион ФЕДОРОВ кандидатурата, Ил Түмэҥҥэ эмиэ "бэйэ киһитин" таларга мэһэй-таһай буолуо диэн, эрдэттэн хайыҥ охсунуу быһыытынан, "Дойду ситимиттэн" кинини туоратарга былаан ылыллыбыт. Ол былаан быһыытынан, ахсынньы 10 күнүгэр, "Дойду ситимэ" уочараттаах мунньаҕар Николай СТАРОСТИН салалталаах улуус дьаһалтата бүтүннүү көһөн күккүрээн Дьокуускайга киирбит. Мунньах ыытыллыбыт - "Туймаада" кэнсиэртиир саалатыгар, улуус дэлэгээссийэтэ аҥаарын кэриэтэ киэптии олорунан кэбиспит. "Тыллаах чыычааҕынан" бастаан суруналыыс кыыстарын туруорбуттар. Эдэр киһи тыла-өһө быһымах, судургу буолбут: "Быыбарга туһанаары "Дойду ситимигэр" сылдьаҕын, бар!", - дэниллибит. Кини кэнниттэн эппит-тыыммыт дьон бары Родион ФЕДОРОВ "барарын" туруорсубуттар.
"Дьиҥинэн, биһиги быыбар туһунан кэпсэтэр санаабыт суоҕа. Бэбиэскэбит быһыытынан, "Олоҥхо" ыһыаҕын ыытарга дьоммутугар-сэргэбитигэр күүс-тирэх буолар суолу тобула кэлбиппит. Ону таһынан, улуус ыччата идэни таларыгар көмөлөһөр санаалаах этибит", - диэн ол мунньах туоһута кэпсиир.
Мунньахха кэлбит дьон сыалларын-соруктарын ситиэ эбиттэр да, мунньах ыытааччынан, эмиэ бэйэтэ "бөө" диэбит майгылаах "мэҥэ киһи" - Михаил САННИКОВ олорбут. Имиритэ-хомурута саҥарыах дьону САННИКОВ ханнын сааҕынан хам баттаан кэбиспит. Онон, былааһы уларытыы кыайан тахсыбатах. Тиһэҕэр тиийэн дьаһалталар "атын дойду ситимин" тэрийиэхпит диэн суоһураҕаммыттар. Билигин ол суоһурҕаныыларын толороору тиритэ-хорута сылдьаллара иһиллэр.
***
Родион ФЕДОРОВКА тиийдэххэ, мунньах маннык салаллан тахсыан төрүкү күүппэтэх. Сииктээх харахтарынан эргим-ургум көрбөхтүү олорбут. Тыыннаахтыы тутан сиэхтэрин САННИКОВТААХ эрэ буолан ордубут.
Манан диэн этэн кэҕийдэххэ, ФЕДОРОВ "Биир ньыгыл Арассыыйа" чилиэнэ, "хара тэриллиэҕиттэн "ньыгылбын" диэн кини этэр үгэстээх. Ону баара "ньыгыллар" чилиэннэрин олорчу билиммэт буолбуттара ыраатта. Быыбарга кыттара үгэс буолбут киһини "Сиэрдээх Арассыыйа" олохтоох этэрээтэ "баартыйаҕыттан аккаастан, дурда-хахха буолуохпут" диэн хаста да элэ-была тылларын этэ сатаан кэбиспиттэрэ биллэр. Ол эрээри киһилэрэ баччааҥҥа диэри "ээҕин" биэрбэккэ эрэйдии сылдьар.
Дьиҥинэн, Родион ФЕДОРОВ Аллараа Бэстээх баһылыгын быыбарыгар кыттыа, күүһүн-харчытын барыа, "марайданыа" суоҕа этэ. Аллараа Бэстээх - Мэҥэ Хаҥалас бүтүннүүтэ буолбатах. Былыр-былыргыттан кэлии дьон олохсуйбут бөһүөлэгэ. Кинилэр даҕаны, бүтэр-хаалар күҥҥэ диэри "бэйэ киһитин" талыахтаахтара сэрэйиллэр этэ.
Аны, ФЕДОРОВ ылбат-биэрбэт майгыта эмиэ быыбар түмүгэр, хаамыытыгар улаханнык охсор. Кытта соруммут киһи тугун барытын кыайыы туһугар ууруохтааҕа. Бычык-юыһаҕас, кэлэр-кэлбэт, киирсэр киирсибэт... Бэлиитикэҕэ икки саар икки ардынан сылдьыы хаһан кыайыыга тиэрдибитэ баарай?
***
"Дойду ситимэ", омуннаабат буоллахтарына, 30-чча тыһыынча киһини түмэр. Улахан күүс. Биллэн турар, билигин, салайааччытыттан сылтаан кынчарыллар дьылҕаламмыт общественнай тэрилтэттэн ыйааһыннаах соҕустара бары саҥа тэриллэр общественнай түмсүүгэ көһүөхтэрэ.
Оттон "дьаһалта ресурсата" Ил Түмэн быыбарыгар Владимир ПТИЦЫНЫ уонна Айаал СТЕПАНОВЫ туруорар санаалаахтара иһиллэр. Айаал Иванович өр кэм тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, онтон вице-премьеринэн үлэлии сылдьыбыта. Биир үтүө күн республика кууруссатын барытын түмүөхтээх холдинг салайааччытынан анабыттара даҕаны, ол холдинг баар эрэ, суох эрэ...
"СТЕПАНОВ быыбарга кыттартан аккаастанар" диэн билэр киһи этэр. Ол эрээри тутулуктаах киһи үөһээ салалта тылыттан тахсыаҕын саарбахтыыбыт.
***
Aartyk.Ru






Комментарии
Simple but very precise info� Thank you for sharing this one.
A must read article!
Check out my page: chopped chicken breasts (www.bing.com: http://www.bing.com/)
should have assistance with your field. Your real dedication to passing
the message all-around appears to be really advantageous and has in most cases helped somebody much like me to arrive at their endeavors.
The insightful report can mean a whole lot to me and substantially more to my colleagues.
Warm regards; from all of us.
Look at my web page :: garlic salt: http://www.bing.com/
References:
https://docs.juze-cr.de/0-q5oR2LQ2elWIJg0vKGYg/: https://docs.juze-cr.de/0-q5oR2LQ2elWIJg0vKGYg/
References:
https://codimd.fiksel.info/TtVZBvQKTEqItAImqoSE3w: https://codimd.fiksel.info/TtVZBvQKTEqItAImqoSE3w/
References:
cineraworld.com : https://cineraworld.com/@shermanrankine?page=about
References:
https://tehranafro.com/: https://tehranafro.com/brettchildress
References:
https://workposting.com/read-blog/28096_advantages-of-using-ipamorelin-with-cjc-1295.html: https://workposting.com/read-blog/28096_advantages-of-using-ipamorelin-with-cjc-1295.html
References:
datingmywish.co m: https://datingmywish.com/@sampiazza0565