Сороҕор, сахалыы билбэт сахалар тылларын билбэттэриттэн сүрдээҕин кыбыстабыт дииллэр. Кыһаллан саҥара сатаатахтарына күлүүгэ-элэккэ барыахпыт диэн эмиэ куттаналлар. Ол иһин бу куурус, бастатан туран, сахалыы билбэт дьон төрүт култуураларыгар төннөллөрүгэр тирэх буолла.
Эрчийии, үөрэтии нэдиэлэҕэ иккитэ ыытыллыбыт. Сахалыы билиэн баҕалаах дьон ахсаана элбэх диэн тэрийээччилэр этэллэр. Онон кэнэҕэс да бу бырайыак үлэлиэҕэ диэн эрэннэрэллэр.
***
Аартык.ру
Саха тылын үөрэтэр бастакы куурус түмүктэннэ
Среда, 14 Мая 2014 13:29
Үөрэх министиэристибэтэ уонна Дьокуускай куорат дьаһалтата көҕүлээн, сахалыы билиэн баҕалаах дьоҥҥо босхо куурустары ыыттылар. Тэрийээччилэр этэллэринэн, кууруска барыта 50-60 киһи үөрэммит. Манна атын омук дьонуттан саҕалаан төрөөбүт тылларын билбэт сахалар үөрэммиттэр.






Комментарии