2008 сыл бүтүүтүгэр «Главгосэкспертиза России» федеральнай судаарыстыбаннай управление Табаҕа бөһүөлэк аттынан (Дьокуускайтан 20 км) Өлүөнэ өрүскэ, массыына-тимир суол күргэтин бырайыагар сөбүлэһэр быһаарыыны ылынар. Үс биэрэстэ уһуннаах баараҕай муоста Өлүөнэҕэ иккис күргэнэн буолуохтааҕа. Былаан быһыытынан, тутуу туох баар инфраструктурата ситиэр диэри 5-6 сыл барыахтааҕа. Онтон муоста тутуута 2010-15 сылларга тутуллар диэн буолар, 61,67 млрд солкуобай көрүллүөхтээх диэн этиллэр.
«Развитие транспортной системы России до 2015 года» федеральнай анал программаҕа муоста тутуутугар 50 миллиард солкуобай көрүллэр. Таарыччы Аллараа Бэстээххэ саҥа ерус пуордун тутуута сибикэлэнэрэ, онно эбии 100 миллиард солкуобай ирдэнэр. 2009 сыл бүтэһигэр РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ В. Путин туһааннаах дьаһалталарга «Беркакит – Томмот – Дьокуускай» тимир суолун уонна холбоммут күргэ үлэлэрин тэҥҥэ түмүктүүр үлэ сэргэ ыытыллар боппуруоһун көрөр туһунан этэн турардаах. Хомойуох иһин, тэҥҥэ үлэ барара кыайан хааччыллыбата. 2009 сыл бүтэһигэр Өлүөнэ күргэтин тутуутун «СК МОСТ» хампаанньалар белехтеругэр бэриллибитин туһунан биллэрбиттэрэ. Ол курдук, «СК МОСТ» бэрэсидьиэнэ Владимир Костылев Аллараа Бэстээххэ буолбут өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын көһөрүүлээх мунньаҕар эппитинэн, муоста биэс сылынан тутуллан бүтүөхтээҕэ, 2010 сыл сайыныттан 4 тыһыынча киһи үлэлээн барыахтааҕа. Күргэ бырайыагынан сыаната – 35 миллиард солкуобай буолар диэн ааҕыллыбыта. Костылев эппитинэн, күргэ комплексын бүтүннүүтүгэр 46 млрд солкуобай ирдэнэрэ. Ону баара 2010 сылга РФ транспорын миниистирэ Игорь Левитин Федерация Сүбэтин мунньа5ар бюджет убэ хаачча5ынан, РФ бырабыыталыстыбата Елуенэ ерускэ тимир суол кургэтин тутара кыаллыбат туруктаа5ын, ол оннугар массыына сырыытыгар анаммыт күргэни тутар боппуруоһу көрөргө этэр. Оттон альтернативнай көрүс аннынан барар, эмиэ арыый кыра ороскуоттаах тоннель буолуон сөп диир. Бу тыллар үгүс дьону улаханнык дьиктиргэттилэр. Дьокуускайга барар тимир суол бырайыагар миллиардынан харчы ороскуоттаннар, бырайыак сыалын-соругун толорбокко тохтоон хаалар дуо? Оччотугар 808 биэрэстэ уһуннаах тимир суолу туох гынаары уурдубут? Саас-күһүн Дьокуускай кытылыттан уҥуор Аллараа Бэстээххэ вагоннар тиһиктэрэ кэлэрин-барарын көрөн эрэ олороору, муус хаайыытыттан хайыыр да кыаҕа суохпутуттан абараары?
Биллэн турар, Амурдааҕы – Дьокуускайдааҕы суол Өлүөнэни туоруур биир саамай ыарахан сыаналаах уонна уустук инженернай, технологическай соругунан буолар. Этиллибитин курдук, манна туорааьын икки көрүҥэ дьууллэьиллэр: холбоммут массыына-тимир суол кургэтэ уонна альтернативнай ерус аннынан барар тоннель. Тоннель бырайыагын туьунан кэпсэтии 2008 сылтан са5аламмыта. «СК МОСТ» хампаанньалар белехтере альтернативнай керунгу киллэрбитинэн, ерус аннынан барар тоннель Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх ыккардыларыгар хаьыллар. Кини икки сиэхтээх (массыына сылдьар уонна тимир суола) буолар. Улэни толорорго табыгастаах техника кестубут уьу: 2008-2009 сылларга «СК МОСТ» массыына сылдьар «хороонун» хаьарга Германияттан уонна Канадаттан ТПМК (тоннелепроходческий механизированный комплекс) Herrenknecht 13210 HART (хаьар эргимтэтэ 13,2 м, бэйэтин уьуна 80 миэтэрэ, ыйааьына 1500 туонна) уонна тимир суолунан вагоннар ситимнэрэ сылдьар «хороонун» хаьарга Herrenknecht 10690 (хаьар эргимтэтэ 10,6 м) тэриллэммит. Билигин ити хаьар тэриллэр Сочи-2014 олимпийскай объектарын тутуутугар сылдьаллар: Адлер – Красная Поляна трасса5а хайалар быыстарынан алта тоннель комплекстарын хаьыахтаахтар (улэ 2009 сыл бастакы кварталыттан са5аламмыта). Елуенэ ерус аннынан тоннель сиэхтэрин бэйэтин эргимтэлэрэ 9,4 (тимир суол) уонна 12,8 (массыына суола) миэтэрэ буолаллар. Тэнгнээн керуугэ, Ла-Манш силбэьии аннынан тоннель эргимтэтэ 7,4 миэтэрэ. Бырайыагынай сыаната кургэттэн чэпчэки, 38 миллиард солкуобай, буолуо5а дииллэр. Тоннель бэйэтин улэтэ 59 ыйынан бутуехтээх. Бу альтернативнай бырайыак бары улэни соруйан бытаардарга-тохтоторго, дьону аралдьытарга былааннаммыт суол буолуон сеп. То5о диэтэххэ бастаан тоннель уьунун 4,4 км дииллэрэ, онтон 6 км, билигин Дьокуускай ерус пордугар тиийэр курдук буолла - 8347 миэтэрэ. Онон хайдах да5аны кургэтээ5эр тоннель сыаната чэпчэки буолара сатаммат. Иккиьинэн, биьиэхэ, кебус кене сиргэ тугун эмиэ «хорооной»? Тоннеллары хайалаах сирдэргэ хаьаллар, суолу кенетук, уеьэ-аллара хатайдаммакка уонна кылгастык бардын диэн. Архитектурнай керунгунэн тоннель кургэтээ5эр мелте5е биллэр. Ити эмиэ улахан суолталаах. Уонна Адлер – Красная Поляна трасса тоннелларын улэтэ 2013 сыл иккис кварталыгар бутэр былааннаахтар, ол аата онуоха дылы хайаны курдары барар «херренкнектэр» сололоро суох. Ону ким да билбэт дуо? «Херренкнехтэр» босхолонуохтарыгар дылы, быар куустан баран, уьуннук кэтэьэн олоробут дуо? Бириэмэбит оннук да ааьан иьэр, 2008 сылтан. Онон биьиэхэ олох сеп тубэспэт бырайыак. Ол да буоллар, альтернативнай «хороон» бырайыагы бу куннгэ дылы кехтеехтук туруорсаллар. Сочи олимпийскай объектара тутуллан бутэллэрэ да чугаьаата диэн, кэтэьэрбит икки сыл хаалла диэн буолуо. Дьэ ол кэнниттэн, 2013 сылтан биьиэхэ улэлиэхтэрэ курдук. Бу дьыл бэс ыйыгар республика бэрэсидьиэнэ Егор Борисов эппитинэн, федеральнай бюджеттан Елуенэ еруьу туоруурга 79,8 миллиард солкуобай керуллэр буолла. «Мин санаабар, ыллыктаах санаа хотуо5а, холбоммут массыына-тимир суол кургэтин тутуохпут, аан дойдуга ханна да5аны ирбэт-тоҥҥо тоннель тутуутун уопута уонна хааччыйааьына суох», - диэбитэ Егор Борисов. Бала5ан ыйын 1 кунугэр РФ транспорын миниистирэ Игорь Левитин чэпчэки со5ус ерус аннынан барар тоннеллаа5ар холбоммут массыына-тимир суол кургэтин бырайыага ордугунан аа5ылларын биллэрбитэ. Ол кэнниттэн Левитиммыт эмиэ буккуллан барда, ардыгар ол туьунан саҥарбат да буолла (альтернативнай бырайыагы анньаары бириэмэни сүүйээри, онтон тугун эмиэ күргэлэнэ сатаатыгыт диэри? – Г.И.), билиҥҥээҥҥэ диэри кургэ эбэтэр тоннель тутуллара чопчу быьаарылла илик. Араас суруйууларынан, холбоммут массыына-тимир суолун кургэтин бырайыагын туьунан эбии ырыттахха, кургэ бастакы бырайыага 1989 сыллаахха «Ленгипротрансмост» институтка онгоьуллубута: биир дьаптал5алаах – ортотунан биир салаа тимир суол, унга-хангас ойо5осторунан массыына суоллара, уьуна 2870 миэтэрэ, тирэхтэрин ыккардыларын ыраа5а 158 миэтэрэ. Ити кэнниттэн бырайыак ер кэмнгэ умнуллан сыппыта. 2005 сылтан иккис тыынын ылар, бырайыагынан сыаната 12 миллиард солкуобай буолар диэн этиллибитэ. 2007 сылга кургэ тутуутун ороскуота 17 млрд солкуобайга диэри улаатар. 2008 сылтан кургэ саҥа бырайыага оҥоьуллар: икки дьаптал5алаах - анныгар тимир суола, урдугэр икки балаьалаах массыына суола. Бэйэтин (кэлэр суолларын аахпакка) сыаната 47,5 миллиард солкуобай (2008 сыл). Тутуу кэмэ 71 ый (кыьыннгы ыйдары аахпакка) буолуо дииллэр. Кургэ 55 миэтэрэ урдуктээх тимир-бетон тирэхтэргэ турар, дьаптал5алара тимир торуостарынан тимир-бетон тирэхтэргэ тардыллаллар, тирэхтэр ыккардыларын ыраа5а 154 уонна 308 миэтэрэ. Маннык конструкция «вантовый мост» эбэтэр «подвесной мост» диэн ааттанар. Бырайыактааьын улэлэригэр «СК МОСТ» (РЖД сурун бэдэрээтчигэ), МИИТ (Московский институт инженеров транспорта, билигин Московский государственный университет путей сообщения – федеральнай тэрилтэ), Проекттрансстрой институт, НПО «Мостовик» (Омск) уонна ЦНИИС (Центральный научно-исследовательский институт транспортного строительства, «Трансстрой» беле5ер киирэр, Трансстрой – Олег Дерипаска «Базовый элемент» хампаанньатыгар) кыттыбыттара биллэр. Аан дойдуга саамай улахан вантовай муоста «Ханчжоу» (Кытай) буолар. Уһуна – 36 (!) биэрэстэ. Бу массыына күргэтэ Илин-Кытай муоратыгар Ханчжоу хомонон ааһар. 2003-2009 сыллардаахха тутуллубута. Ити үлүгэрдээх уһун, өссө муора үрдүнэн ааһар күргэ бара-суоҕа 1,42 миллиард дуолларга тутуллубут. Кытайлдар тоҕо эрэ онтон өссө «чэпчэки» тоннель хаһа сатаабатахтар. Тимир суол, Дьокуускайга туоруур күргэтэ суох тутуллара, улахан оруола да суох буолан тахсар. Саха сирэ былыр-былыргыттан баччааҥҥа диэри Өлүөнэ эбэбит «көмөтүнэн» икки аҥыы хайда сытар. Тоҕо диэтэххэ өрүс саас-күһүн сиринэн сырыы тиһигин быһар, улахан мэһэйи оҥорорун билэн олордохпут, оннук олорон кэллибит. Быста-быста айаннаах-суоллаах дойду экономическай сайдыыта атахтанарын ааһан кэхтэр. Билиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр Өлүөнэ өрүскэ биир да (!) күргэ суох. Сайынын Дьокуускай «улахан сири» кытары паром туорааһынынан эрэ силбэһэр, кыьынын – муус үрдүнэн суолунан. Күргэ тутуута хаста да тохтотуллубута уонна билиҥҥээҥҥэ диэри тутуута саҕалана илик. Дьон номоҕунан, күргэ тутуутун былаана өссө И. Сталин саҕана баара үһү, ону Н. Хрущев кэлэн боппут курдук. Кэлин Японияҕа олорор Манньыаттаах-Никифоров атыыһыт күлэн эппит: «Хайдах баччааҥҥа диэри муостата суох олороҕут? Иэдэйбит да дьоннор эбиккит!» - диэн. Сайдыы хаһан баҕарар уонна ханна баҕарар суол-иис баарыттан тутулуктаах. Муоста тутуллара буоллар оҥорор бородууксуйабыт сыаната, тиэйэр-таһар ороскуота аччыахтаах. Аны, өрөспүүбүлүкэ 35 улууһуттан 22-тэ – арҕаа, киин, илин уонна соҕуруу оройуоннарга сытар. Нэһилиэнньэ 90%-тан тахса дьоно онно олорор. Бу улуустарга айан-сырыы төгүрүк сылы быһа баар буолуох этэ. Эрэйдээх навигациябыт дьыалата чэпчии түһэр, таһаҕаһы тиэйии уустук схемата тосту уларыйар, атын регионнартан таһаҕас тиэйии 20 түөгүл чэпчиир, суол инфраструктуратыгар саҥа үлэ миэстэлэрэ тахсаллар, киин куораппытыгар киэҥ балаһалаах оптоволоконнай интернет дьэ кэлэр уо.д.а. Бу барыта күргэ тутулуннаҕына эрэ толору кыаллар. Андриан НИКОЛАЕВ.