Василий Колмогоров аата сахаҕа тугу кытары ситимнэнэрий?

Воскресенье, 30 Октября 2011 10:21
Оцените материал
(1 Голосовать)

picture_copy

Атааннаах-мөҥүөннээх 2001-2002 сыллааҕы Саха өрөспүүбүлүкэтин президенин быыбарын иннинээҕи кэмҥэ хайдахтаах курдук хойох хостоһуута тахсыбытын санаатахха, билиҥҥээҥҥэ диэри киһи кута-сүрэ хамсыыр. Маннык, норуот дьылҕата быһаарыллар улахан тосхолго, бэйэ норуотун түһэн биэрэр, аатын-суолун самнарарга санаммыт «бэйэбит уолаттарбыт» киинтэн командировкаланан кэлбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэттэн тирэнэн үүнэн-сайдан тахсыбыт дьон, төрөөбүт дойдуларыгар махтаныахтарын оннугар тууйар илии, тэбэр атах буолбуттара хомолтолоох этэ.

Элбэх хандьытаат ортотугар Василий Колмогоров диэн быыпсай генпрокурор солбуйааччыта  чыыннаах-хааннаах киһи «биһи кэннэ, баҕар от да үүммэтин» диэбиттии «саралааһынынан» куттаан, ыстааптары түүрэйдээн «суон сураҕырбыта». «Айдаан, түүрэй» - Василий Колмогоров үлэлиир чыҥха бэлиэтинэн ааттаммыта.

Василий Колмогоров Арассыыйа генеральнай прокуратуратыгар 1994 сыллаахха Саха сирин прокурорунан олорон үрдээн барбыта. Бу киһи Москубаҕа тиийэн  биэс сылы быһа ааһыныы боппуруоһун көрөн-истэн олорбута. Онтон силиэстийэ хаамыытын хонтуруоллуур үлэнэн дьарыктаммыта.  Саҥа дуоһунаһыгар үктэнээт Колмогоров «дирбиэннээх-дарбааннаах дьыаланы» арыйабын диэн түөһүн тиҥиргэтинэн баран, экспердэр суруйалларынан, «тыаһа-сыма суох» дакылаатынан түмүктээбитэ. 1999 сыллаахха Федерация Сүбэтигэр 1998 сыллааҕы дефолт төрүөтүн ылыннарыыта суох «быһааран» улахан сиигэ барбыттаах. Санаа курдук, Колмогоров 170 чунуобунньук «балаһыанньаны туһанан» сиэптэрин хаҥатыммытын ахтыбыт эрээри, ааттарын-суолларын, чыыннарын-хааннарын чопчу ыйбатах. «Кэлин этиэх» буолан баран баччааҥҥа диэри эппэккэ сылдьар диэн буолар. Эмиэ оннук тыаһа-сыма суох Владимир Гусинскай "Медиа-Мост" тэрилтэтэ  "Русское видео" фирма нөҥүө 100 мөл. дуоллары «сууйан-тараан» таһаарбыт силиэстийэтэ, хата, Колмогоров бизнесмен иннигэр бырастыы гыннарарыгар модьуйуллан түмүктэммитэ. Госдумаҕа генпрокурор солбуйааччыта Гусинскайы «бөрөстүүпүнньүк» диэн ааттаан сууттаммыта.

Колмогоров, Павел Бородинныын (Дьокуускай мээрэ эрдэҕиттэн) «ыкса билсэр буолан» «Мабетекс» дьыалатын «тохтоппут» диэччилэр бааллар. Кырдьык-хордьук Швейцарияҕа тиийэн Бородины интерполу кытары кыттыһан сирэй-харах анньыһыахтаах этэ да, биир сууһарар тылы эппэтэҕэ ахтыллар.

Прокурор кыыһа  Е.В.Колмогорова 1998 сыллаахха "Шереметьево-2" аэропорка АХШ дуолларын, швейцарскай франканы таһааран иһэн тутуллубутун туһунан бэчээккэ тахсан турар. Тырааныспар прокуратурата дьыаланы-куолуну генпрокуратураҕа тиэрдибитин, Устинов (ол саҕанааҕы генпрокурор) холуобунай төрүөт суох диэн тохтоппута үһү.

Дьэ, ол Колмогоров аймаҕа, бу соторутааҕыта Дьокуускайдааҕы тырааныспар прокуратуратын салайааччытынан ананна. Егор Колмогоров РФ Генпрокуратуратын генеральнай прокурорун Юрий Чайка бирикээһинэн анаммыт диэн. Егор Колмогоров суруналыыстарга  интервью биэрэригэр: «Убайым Василий Васильевич дуоһанастанарбар көмөлөспөтө эрээри, миэхэ кини холобур буолар», - диэбит. «Үтүө аатын өлбөөдүппэт гына үлэлиэхтээх» үһү. 

Иэдээн эбит...

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru