«Полярная звезда» көстүүнэй холлун кириэһилэтигэр иттэннэри түһэ сытар.Англичанин, омук-омук курдук, маҕан тииһэ кэчигирээн мичээрдээн көрүстэ. Уһун курбуу уҥуохтаах. Нууччалыы бэркэ саҥарар. Мичээрдиирин быыҺыгар: «Нуучча кыыһын кэргэн ылыахпыттан саҥам тубуста», -- диир.- Тойон Диэл, хайа, хайдах-туох сиргэ сылдьан баран эрэбин дии санаатыҥ?- Оо, олус үчүгэйдик көрүстүлэр! Киһи барыта үөрэ-көтө, мичээрдии сылдьар. Дьээбэни өйдүүллэр уонна сөбүлүүллэр эбит. Саха сирэ олус киһи астынар дойдута эбит!- Иитииҥ үчүгэй буолан, баҕар, үтүө тыллары саҥарарыҥ буолаарай?- Суох, конференцияҕа сылдьыбыт дьон да иһиттэхтэрэ буолуо, мин быһаччы киһибин. Санаабын аһаҕастык, туруору, баары баарынан этэр майгылаахпын.- Саха сиригэр бастакы кэлииҥ?- Мин Уһук Илиҥҥэ былырыын Амур уобалаһыгар Благовещенскайга кэлэ сылдьыбытым. Арассыыйа киин эҥээрин барытын кэриэтэ кэрийбитим. Благовещенскайга англо-нуучча көмүс хостуур хампаанньата баар.- Кэмпириэнисэйэҕэ дьоһун кэпсэтии таҕыста дуо?- Бу иннинэ аҕай, Лондоҥҥа, СӨ правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Геннадий Алексеевы кытары билсибитим. Киниэхэ, Саха сиригэр хаһан ыҥыраҕыт диэн дьээбэлэнэн ыйыппыппар, аан дойдутааҕы конференция буолар диэн манна ыҥырбыта. Ол иннинэ, биһиги, кэргэмминээн атырдьах ыйын 15-гэр Москубаҕа көтөр билиэттээх этибит. Барыта анаан оҥоһуллубутун курдук, Лондонтан Москубаҕа түһэн баран үргүлдьү Дьокуускайга көтөн кэлбиппит. Мин биири тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ. Арассыыйа атын регионнара Великобританияҕа тиийэн араас быыстапкалары көрдөрөллөр, тэрийэллэр аҕай. Кыраһыабай хартыына, ойуу бөҕөтүн көрдөрөрөн баран «бу маннык кэрэ региоҥҥа олоробут, кэлин, биһиэхэ инвестицияҕытын угуҥ» диииллэр. Туохха, чопчу инвестиция көрдүүллэрин бэйэлэрэ да билбэттэр. Англия бизнесменнэрэ сүрдээх дьиппиэн, нүһэр дьон. Харчыларын тиһэх пенсигэр тиийэ ааҕаллар-суоттаналар. Иннэ-кэннэ биллибэт бырайыакка хаһан да кыттыспаттар. Оттон Саха сирин правительствота, мин саамай астыммытым диэн, сыалларын-соруктарын чопчу билэллэр, өйдүүллэр. Бырайыактара тиһэҕэр диэри толкуйдаммыт, ырытыллыбыт, анаарыллыбыт.- Инвестицияламмыт харчы төннөр кыахтаах?- Кырдьык, оннук бырайыактары, миэхэ көрдөрдүлэр. Балаҕан ыйын 29-гар Лондоҥҥа президент Егор Борисов салайааччылаах Саха сирин делегацията кэлиэх буолла. Мин биһиги дойдуларбыт икки ардыгар үлэлиир Эргиэн-промышленнай палата дириэктэрин быһыытынан, Англия өттүттэн инвестициялыыр кыахтаах бизнесменнэри мунньуохтаахпын. Эһиги дьоҥҥут «маннык-маннык хайысхаҕа үлэлиир бизнесменнэри кытары көрсүөхпүт этэ» диэн чопчу сыал-сорук туруордулар эрээри, мин саныахпар, аудиоторияны өссө кэҥэтиэххэ сөп. Саха сирэ олус дьикти дойду эбит. Онон атын да бизнесменнэр, ритейлердэр (эргиэмсиктэри бэйэ-бэйэлэрин булсуһуннаран, тиксиһиннэрэн биэрэр дьон, тэрилтэ) сэҥээриэхтэрэ дии саныыбын.
- Саха сирэ – Арассыыйа судаарыстыбатын сорҕото. Федеральнай киин көҥүлэ суох, регион быһалыы аан дойдуга тахсара хаарчахтаах.
- Дьэ, ити саамай ыарахан моһолбут итиннэ сытар. Бизнес бизнеһи кытары биир тылы түргэнник уонна дөбөҥнүк булар. Оттон политика политиканы кытары өйдөһөрө уустуктардаах. Великобритания бизнеһин ирдэбилэ -- Европаҕа олохсуйбут стандарт иһинэн оҥоһуллар. Европа стандарта – саамай кытаанах, үрдүкү ирдэбил. Ол, ону Арассыыйа билиммэтэ, туспа атын ирдэбили олохтуура эргиэн, промышленность сайдыытын улаханнык атахтыыр.
Аны, таможня нолуога наһаа ыарахан. Докумуон-кумааҕы толоруллуута олус бытаан. Ол иһин үгүс бизнесменнэр Арассыыйаҕа кэлиэхтэрин баҕарбаттар. Арассыыйа кыраныыыссатыгар 1 ыйы барыыллар дуу, Индияҕа биир күнүнэн киирэн, сарсыҥыттан барыс аахсан бараллар дуу? Биллэн турар, Кытайы, Индияны талыахтара. Түгэҕэ суох хармаан суох. Барыта кэмнээх-кэрдиистээх. Ааҕары-суоттууру эрэйэр.
- Ити эппит моһолу суох оҥорорго үлэ ыытыллар дуо?
- Биһиги кураанах куолуну сөбүлээбэппит. Британия уонна Арассыыйа икки ардыгар үлэлиир кэмитиэт баар. РФ өттүттэн үп миниистирэ, Британия өттүттэн бизнескэ сэкиритээр итиннэ үлэлэһэллэр. Биһиги ТПП-быт правительство тэрилтэтэ буолбатаҕын да үрдүнэн, быһаччы интэриэстээх дьон буоларбыт быһыытынан, үлэлэригэр булгуччу кытыннараллар.
- Англия уонна Арассыыйа икки ардыгар экономическай үлэҕэ тоҕо улахан хамсааһын, тосту уларыйыы тахсыбатый?
- Эһиэхэ даҕаны, биһиэхэ даҕаны урукку «тымныы сэрииттэн» хаалбыт бөрүкүтүэ суох өйдөбүллэр сорох дьон өйүгэр иҥэ сылдьаллар. Ол иһин уларыйа охсубаппыт, көнтөрүкпүт. Ол гынан баран, Арассыыйаҕа үлэлиир англичаннартан, хаһан даҕаны, манна бизнес тэрийбиттэриттэн кэмсиммиттэрин истэ иликпин. Бары астыналлар, бары хайгыыллар. «Великобритания хаһыаттара суруйар Арассыыйаларыттан быдан атын Арассыыйаҕа сылдьабыт» диэн этэллэр. Мин оптимиспын, олохсуйбут стереотибы урусхаллыы сылдьар киһибин. Үчүгэйгэ эрэммэтим буоллар тоҕо манна кэлиэх этибиний? – мичээрдиир. – Бастакы хардыыны оҥоруохха наада, ол кэнниттэн кутал ааһар.
- Королевствоҕытын олигархтарбыт сөбүлүүллэр: Березовскай (кэргэнэ Марина хараҕын кэҥэтэ-кэҥэтэ, эрин сиэҕиттэн тардыалыыр: «Стив, ити политика…»), Усманов, Абрамович… Биир үксүн итинник дьон икки дойду сыһыанын буортулууллара буолуо.
- Биллэн турар, барыны барытын оруосабай ачыкы нөҥүө көрөр кыаллыбат. Олох аата олох. Лондон уулуссатыгар ыар буруй тахсара – биһиэхэ саат-суут. Ол гынан баран Александр Литвиненконы өлөрбүт киһи нууччата, аһара баран КГБ-ны кытары сибээстээҕэ чопчу биллэр диэн Скотланд-Ярд этэр. Ити быһылаан кэнниттэн, политиктарбыт икки ардыларыгар туох баар сибээс барыта быстан хаалбыта. Сибээс быстара бизнескэ саамай куһаҕан дьайыылаах. Киһи, правительство, былаас кэпсэттэҕинэ эрэ биир тылы булар, өйдөһөр кыахтаах. Онон диалог хаһан да сүтүө суохтаах.
- Лондоҥҥа халлааҥҥыт хайдаҕый, тумана көттө дуо?
- Туман суох, - күлсэллэр. – Биһиги кэлэрбитигэр 20-ттэн тахса кыраадыс этэ.
- Марина, тугунан дьарыктанаҕыный?
- Дьиэ кэргэн бырааһабын. Лондоҥҥа олорбутум 12 сыл буолла. Сарсын Стивтыын холбоспуппут 12 сылын туолар.
- Дойдугун ахтыбаккын дуо?
- Кэлэ-бара сылдьабыт. Бу көрөргүт курдук, бары тутуспутунан онно-манна барытыгар айанныыбыт. Уонна улахан куораттар билигин араастаспаттар даҕаны. Бары биир кэм түргэн тэтимнээх олохтоохтор. Дьиэҥ-үлэҥ, үлэҥ-дьиэҥ… онон улаханнык олоҕум уларыйда дии санаабаппын.
- Биир оҕолооххут?
- Үс. Стивен бастакы кэргэниттэн икки улахан оҕолоох. Олор бэйэлэрэ туспа олохтоох улахан дьон. Сашабыт икки тылынан саҥарар. Мин кинини кытары нууччалыы кэпсэтэбин, аҕата английскайдыы.
Кэргэнигэр хайыһан:
- Стив, палаата быйыл 95 сааһын туолар диэн этиэххин наада.
Онуоха биирдэрэ:
- Оо, кырдьык умна сыспыппын. Биһиги палаатабыт 1916 сыллаахха, өрөбөлүүссүйэ эрэ иннинэ тэриллибитэ. 1918 сыллаахха палаата дириэктэрэ Бюллетеҥҥэ суруйбут ахтыыта баар: «Арассыыйа уонна Британия икки ардыгар эргиэн былырыыҥҥыттан ыла олорчу тохтоото». Эргиэн суох буолбута иэдээн эбээт! Ол да буоллар палаата ыһыллан хаалбатах, 95 сылы быһа үлэлээн кэллэ. Хаһан эрэ мөлтөхтүк, хаһан эрэ тэтимнээхтик.
- Биһиги хаһыаппыт «Кыым» быйыл эмиэ 95 сааһын туолар. Саастыы эбиппит.
Күлсэбит.
Диэл:
- Манан диэн эттэххэ, аан бастаан Сэбиэскэй былааһы Англия билиммитэ. Ол иһин консульство массыыната 001 диэн нүөмэрдээх. АХШ саҥа Арассыыйаны билиммит төрдүс судаарыстыба буоларын быһыытынан -- 004 нүөмэрдээхтэр. Хаһан эрэ, президент Никсон саҕана 1-кы нүөмэри ылаары американецтар сүрдээҕин ыга-түүрэ сылдьыбыттар. Ону биһиги дьоммут история чахчытын уларыппаппыт диэн иннилэрин биэрбэтэхтэр.
- Тойон Диэл, баҕа санааҥ тугуй?
- Хаһан эрэ Арассыыйа тас партнерунан 1-кы нүөмэринэн Великобритания туруоҕа диэн эрэнэбин. Великобританияҕа Арассыыйа эмиэ бастакы кэккэҕэ сылдьар партнер буолуоҕун баҕарабын. Саха сиригэр (баҕар!) бастакы нүөмэрдээх партнер Англия буолуо… Чэ, саатар уһун испииһэк быыһыгар биһиги дойдубут эмиэ аата ааттаннын!
" Кыым.ру" сайтан.
Саха сирэ англичаннары тугунан угуйуон сөбүй?
Пятница, 26 Августа 2011 11:23Быйыл Дьокуускайбыт барахсан аан дойду ааттаахтарын хаста да мунньа сырытта. Бастакы улахан түһүлгэ от ыйыгар VII-с аан дойдутааҕы Хомус кэнгириэһигэр ананан тэриллибитэ. Сайын духуобунай искусство сүгүрүйээччилэрэ мустубут эбит буоллахтарына, күһүөрү атыы-тутуу, эргиэн бэрэстэбиитэллэрэ Саха сиригэр тоҕуорустулар.«Комплексное развитие инфраструктуры на Северо-Востоке России» кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт Арассыыйа-Британия эргиэн палаататын дириэктэрэ Стивен Диэли кытары көрсөн кэпсэттибит. Тойон Диэл кэргэнин Маринаны, уолун Сашаны кытары айанныы сылдьар эбит. «Уолбутун наар илдьэ сылдьабыт. Бу бүгүн 93-с төгүлүн сөмөлүөтүнэн көтүөхтээх», -- диэн этэллэр. Саша 9-10 саастаах көҕөрчү көрбүт уол оҕо сылайбыта-элэйбитэ сирэйигэр сурулла сылдьар.