«Исаевна Госдумаҕа барар»?
Евгения Исаевна Михайлова аатын билбэт киһи баара дуу, саарбах. Дьон-сэргэ хараҕын далыгар киирбит киһи тула араас сурах-садьык үгүстүк иһиллэр. Сороҕор сурах оруннаах да буолар, сороҕор күүркэтиилээх да буолар.
Ахсынньытааҕы Госдума быыбарынан сиэттэрэн, Саха сиригэр «праймериз» диэн ааттанар сонун тэрээһин буолан ааста. 2,5 тыһыынча киһи (выборщиктар) 53 политигы, общественнигы өрө-таҥнары «сааһылаан» баран, түмүгэр 10 чулууну таллылар. Праймеризкэ кыттыбыт «буруйугар» Евгения Михайлованы этэрбэс араадьыйата «ХИФУ-ттан арааран Госдумаҕа дьокутааттата» ыытта.
- Суох-суох! Оннук санаам букатын суох этэ. Тустаах дьоҥҥо «быыбарга кыттыбаппын» диэн аккаастана сатаабыппын «локомотив курдук киирсэҕин, үтүө аатыҥ, аптарытыатыҥ эрэ наада» диэн истибэтэхтэрэ, -- диэн Евгения Исаевна баһын быһа илгистэр.
- Ол да буоллар бастакы биэс политик ахсааныгар киирдиҥ. Эҕэрдэлиибин. Чугас дьонуҥ праймеризкэ кыттаргын билэн баран…
- …Олох сөбүлээбэтэхтэрэ. Кэргэним даҕаны, ийэм даҕаны. Ийэм (атырдьах ыйын 26-гар 90 сааһын туолар) «аны, онтуҥ итэҕэс дуо?!» диэбит курдук хомуруйбута. Кини бэйэтэ оннук быһа-бааччы туруору баҕайы майгылаах кырдьаҕас. Үйэтин сааһын тухары экономист-бухгалтерынан, ревизорунан үлэлээбитэ. Онон киниэнэ барыта суот-учуот тылын курдук чопчу, чуоккай, кылгас буолуохтаах. «Юлия Анатольевна (Песковская) үчүгэй баҕайытык үлэлии сылдьар, салгыы үлэлээтин!» -- диэн «көҥүллээбитэ» (күлэр). Ийэм дьахталлары сүрдээҕин өйүүр ээ.
- ХИФУ ректорынан үлэлиир болдьохтоох дуу?
- 5 сылга дуогабардаахпын. Былырыын дуоһунаспар ананарбар В.В.Путин, Д.А.Медведев, А.А.Фурсенко, Н.И.Булаев, В.А.Штыров, Е.А.Борисов биэс сыл иһигэр Саха сиригэр федеральнай университеты атаҕар туруоран, сайдар акылаатын тэрийиэхтээххин диэн сорудахтаабыттара. Онон хайаан да 5 сыл (атын үлэҕэ барбакка) үлэлиэх тустаахпын. Мин санаабар, Егор Афанасьевич Борисов саамай сөпкө этэр, Госдумаҕа ис сүрэҕиттэн үлэлиэн баҕарар, сокуону-быраабы билэр, ону суруйар, туруорсар кыахтаах дьон дьокутааттыы барыахтаах диэн. Мин сокуон чааһыгар кэллэххэ, бэйэм үлэбэр-хамнаспар эрэ сыһыаннаах аҕыйах сокуону билэбин. Атынын билэ да сатаабаппын, ону үөрэтэргэ бириэмэм да тиийбэт. «Дьэ, мин маны билэбин, маннык сокуон оҥоһуллуохтаах» диэн этэр кыаҕым суох.
- Ол да буоллар сурах тарҕаммыт.
- Тарҕанан. Устудьуоннарым, преподавателлэр, төрөппүттэр хаста да ыйыта сылдьыбыттара: «Кырдьык баран эрэҕин дуо?» -- диэн
- Университет статуһа улааппытынан сибээстээн уларыйыы бөҕөтө киирдэҕэ?
- Үөрэтэр хайысхабыт кэҥээтэ, эбилиннэ, уларыйда. Үөрэххэ киирэр сүүмэр кытаатта. Холобур, былырыын университекка 70% оҕо орто көрдөрүүлээх («3»-«4» икки ардынан) киирбит эбит буоллаҕына, быйыл Учуонай сүбэнэн быһааттаран киирэр баллы үрдэттибит. Урут математика факультетыгар 30-40 баллаах оҕо киирэр этэ, быйыл «проходной балл» -- 73 буолла. Прикладной информатикаҕа -- 60 балл, физикаҕа – 50 балл. Онон уһулуччу өйдөөх, сүрдээх үчүгэй сирэйдээх-харахтаах оҕолор киирдилэр. Бэл, киин куорат улахан университеттарыгар киирбит оҕолор докумуоннарын төттөрү ыла-ыла биһиэхэ кэллилэр. Математика, физика – фундаментальнай диссипилиинэлэр. Математика уонна информатика института -- өрөспүүбүлүкэ кэлэр кэскилин түстүүр институт буоларын учуоттаан, быйылгыттан ыла туйгуннук үөрэнэр устудьуон ыйдааҕы стипендията 10 000 солк. буолуоҕа.
- Тыый, бүтүн хамнас дии! Ханнык бюджеттан көрүллэр харчыный?
- Университет бэйэтин бюджетыттан эбии төлүөҕэ. Аны математика, физика, информатика факультеттарыгар үөрэнэр устудьуоннар МГУ, Кембридж о.д.а. улахан аатырбыт кыһаларга баран 1 сыл үөрэнэр программаларын киллэрдибит. Тустаах үөрэхтэрин таһынан, омук тылын (английскайдыы, немецтии, кэриэйдии, кытайдыы) үчүгэйдик баһылыахтаахтар диэн сыал-сорук туруордубут.
- Оттон атын институттар, факультеттар математиктарга «тосхойбут дьолго» күнүүлээбэтилэр дуо?
- Суох. Барыларыгар саҥалыы үлэлиир программата оҥоруҥ диэн этиллэн турар. Талааннаах оҕолору наукаҕа сыһыарыахха наада. Быйыл математиктарга уларытыы киллэрдибит. Эһиил хайаны байытар специальностары уонна инженернэй-техническэй факультеты саҥа программаҕа көһөрүөхпүт. Холобур, «бакалавриат» диэн өйдөбүлгэ мунаахсыйар дьон элбэх. Урукку 5 сыллаах үөрэх 4 сылга диэри «ыгыллыахтаах». Эдэр дьон сүрүн специальностарын таһынан эбии прикладной идэлэри баһылыахтаахтар. Ол кэлин үлэ буларга улаханнык туһалыаҕа дии саныыбын. Теория хайаан да практиканан ситэриллиэхтээх. Холобур, быйыл уустук соҕус да буоллар, 2400 устудьуону тутар этэрээттэргэ үлэлэттибит. 200 оҕонү университекка хаалларан өрөмүөҥҥэ, тутууга кытыннардыбыт. Итэҕэс-быһаҕас олох суох буолбатах, онон-манан көстүтэлиир. Кырааскалааһын да өттүгэр… Үлэлиир үөрүйэх тиийбэт.
- Син үөрэнэн иһиэхтэрэ буоллаҕа.
- Оннук. Кыһыны супту кинигэнэн, компьютерынан үөрэннэхтэрэ. Ханнык баҕарар идэни тутан-хабан, сытын-сымарын ылан үөрэннэхтэринэ эрэ үчүгэйдик баһылыыллар. Мин үөрэнэ сылдьан 2-с куурустан саҕалаан үс сылы быһа Дьокуускай 3№-дээх оскуолатыгар ыстаарсай пионербаһаатайынан үлэлээбитим. Онтум кэлин үлэлиирбэр олус көмөлөспүтэ. Бэл, быыбар аҕытаассыйатыгар Аппа уҥуордааҕы түөлбэҕэ миигин ыытар этилэр (күлэр). Хас дьиэ аайы кэриэтэ үөрэнээччилэрим төрөппүттэрэ олордохторо. Онон, оҕолорун кытары тапсан үлэлээбит буоламмын, тылбын улгумнук ылыналлара. Сүрдээҕин куоластыы кэлэр этилэр.
Кимиэхэ эрэ син биир…
- Үөрэх кэннэ, устудьуон күннээҕи түбүгэ эмиэ ректораты тумнубат буолуохтаах.
- Букатын. Эдэр эдэр курдук таптаһан холбоһоллор даҕаны, арахсаллар даҕаны, арыгылаан охсуһар, ситэ таҥныбакка ыалдьар да түбэлтэлэрэ бааллар. Миигин дьахтар, ийэ да диэн эбитэ дуу, устудьуоннар, төрөппүттэр өрөөн көрбөккө – киирэ тураллар. Кими да үүрэн-үтүрүйэн ыыппытым суох. Көмөлөһө, быһаара сатыыбын. Соторутааҕыта, праймериз кэмигэр Покровскайга тахса сылдьан көрүдьүөскэ түбэстим. «Вице-президент Е.И.Михайловаҕа» диэн аадырыстаан сурук бөҕөтүн суруйбуттар. Ону «кини вице-президеннээн бүппүтэ, билигин ректор» диэн көннөрбүттэрин үрдүнэн, биир дьахтар «чэ-чэ, буоллун, миэхэ син биир вице-президент» дии-дии кыһалҕатын кэпсээбитэ. Инньэ гынан, араас кыһалҕалаах дьон барыта тахсаллар. «Ийэ киһи өйдөө» диэн буолар...
- Устудьуоннар бэрээдэктэрэ хайдаҕый?
- Уопсайынан ылан көрдөххө этэҥҥэбит. Ол гынан баран, хам-хаадьаа бөрүкүтэ суох түбэлтэлэр тахсыталыыллар. Арай, былырыын уолаттар түүҥҥү кулуупка сылдьан баран охсуһан милииссийэҕэ тутуллубуттар. 1-кы куурус устудьуоннара, бэҕэһээ эрэ оскуоланы бүтэрбит тыа оҕолоро. «700-гү төлүү-төлүү түүҥҥү кулуупка тоҕо бараҕыт?» - диэн ыйытабын. «Үҥкүүлээри…» -- дииллэр. Онно билбитим студгородокка дискотека ыытары бобор бирикээс баар эбит. Эдэр дьон эниэргийэлэрин ханна эрэ таһаарыахтарын наада буоллаҕа дии...
- …Инньэ гынан дискотека көҥүллэннэ?
- Көҥүллэнэн. «Сэргэлээх уоттара» - устудьуоннар дьиэлэрин оборудованиетын уларытаары гынабын… Уонна, ити саамай иирсэр айдааным – университет территориятыгар турар пиибэ атыылыыр кафелар, ма5аhыыннар. Прокуратура даҕаны, Ис дьыала уоргана даҕаны итиннэ көмөлөһө илик.
- Сир – университет бас билиитэ…
- …Сирбит сорох өттө муниципальнай бас билиилээх эбит. Кафе – чааһынай бас билиилээх. Бастаан эйэ-дэмнээхтик олоруохха диэн барыларыгар сурук суруйан ыыталаабытым. Ылымматылар… хайдах эрэ маны быһаарыахха наада. Аныгыскы нэдиэлэ5э өссө көрсүhэ сатыам, о5олору арыгынан-пиибэнэн хааччыйымаҥ диэн көрдөһө сатыам. Истибэтэхтэринэ көһөллөрүгэр модьуйуом.
Саха эр киһитин үлэлиир чааһа хааччахтаах
- Федеральнай университекка атын сиртэн кэлэн үөрэнэллэр дуу?
- Былырыыҥҥыттан саҕалаан Уһук Илин регионнарыттан оҕолор кэлэн үөрэнэн эрэллэр:. Красноярскайтан, Магадантан, Чукоткаттан, Сахалинтан, Камчаткаттан... Быйыл Чукоткаҕа 2 бөлөхтөөх филиал астыбыт. Уонна онтубутуттан улаханнык астына, соһуйа да сылдьабыт, үс предмет түмүгүнэн – 285 баллаах оҕолор кытары бааллар.
- Оттон уопсайынан хааччылыы хайдаҕый?
- Уустук. Саҥа уопсайдар тутуллубуттара буолан баран, 21-с уопсайы үлэһиттэргэ биэрбиттэр этэ. Прокуратура «устудьуоннарга биэриҥ» диэн быһаарыы да ылыннар, былырыыҥҥа диэри ол туолбакка сылдьыбыт этэ. Үлэһиттэрбитин эмиэ ханна аһаҕас халлаан анныгар үүрэн кэбиһиэхпитий? Онон «Алмаасэргиэнбааны» кытары кэпсэтэн кредит көрдөhөн, университет бэйэтин үбүттэн бырыһыана суох микроссуда биэрэн, үлэһиттэрбитин сыыйа дьиэлээн, көһөртөөн эрэбит. Сорохтор «пилотнай бырыйыакка» хабыстылар. Босхоломмут хосторго ыал устудьуоннарбытын олордуохпут. Эһиил өссө биир уопсай тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. РФ Үөрэҕин миниистирэ А.Фурсенко үбүлээһин программатыгар киллэрэн турар. Студгородок иһигэр турар мас дьиэлэр (Сэргэлээх уулуссатын 2/3, 2/4 №-дэрэ) көтүрүллүөхтээхтэр. Ол оннугар саҥа уопсайдар тутуллуохтаахтар.
- Олохсуйбут, үгэһирбит тутуллаах университеты уларытарга-тэлэритэргэ төһө ыараханый? Бастаан саҕалыыргар утарылаһыы баар этэ дуу?
- Саҥаны киллэрии хаһан баҕарар ыарахан. Былырыын «үтэн-анньан» көрбүт түгэннэрэ баара. Биир преподаватель миэхэ сурук суруйбут этэ: «Убаастабыллаах Евгения Исаевна! Эн билиэх тустааххын -- саха эр киһитэ киэһэ 7 чааска эрэ диэри үлэлиэхтээх!» -- диэн.
- Аа, «саха эр киһитэ»… аттыттар үлэлиэхтэрин син?
- Оннук буолан тахсар (күлэр).
- Ону?
- Ону мин эмиэ хардардым: «Оччотугар 7-ҕэ диэри үлэҕин барытын үчүгэйдик бүтэр-оһор» диэн.
- Преподавателлэри кытары сыһыаныҥ хайдаҕый?
- В.А.Штыров сорудаҕынан СГУ-ка 8 сылы быһа попечителлээбитим. Онон университет олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын билэр киһи кэлбитим. Туораттан кэлэн ананан хаалыы буолбатах. Преподователлэри кытары, ордук математиктары, физиктары эрдэттэн да билсэр этим. Онон уопсай тыл булабыт. Уонна мин СГУну бүтэрдэ5им дии, учууталларым да бааллар, бииргэ үөрэммит, үөрэппит да дьонум элбэхтэр.
Симуляции киинэ
- ХИФУ араас граннарга киирсэн кыайбытын туһунан элбэх сонун баар буолар.
- «Разработка наукоемких направлений» диэн хайысханан араас граннарга кыттабыт. «Нанотехнологияҕа» кыайдыбыт. 300 мөлүйүөннээх лаборатория ылан Мединститукка туруоран эрэбит.
- Арба, Мединститут көһөр диэн кэпсээн баар…
- Ыраах көспөт. Дьиэтигэр «Симуляция киинэ» диэн аһабыт. Устудьуоннар саамай аныгы техгнологиянан оҥоһуллубут кииҥҥэ үөрэнэр кыахтаныахтара. Холобур, үүт-үкчү киһи курдук робот баар. Сылаас, пульстаах, сүрэхтээх, тыҥалаах, тымырдаах… быһатын киһи курдук. Оҕолор онно укуоллууртан саҕалаан эппэрээһийэҕэ тиийэ үөрэниэхтэрэ.
- Кимнээх уопуттарай?
- 2009 сыллаахха Соҕуруу Кореяҕа Саха сирин күннэрэ ыытыллыбыттара. Онно, Пусаннааҕы национальнай университеккэ биһиги коллегаларбыт, кэриэйдэр быраастарын үөрэтэр ньымаларын көрөн баран аһара сөбүлээн, сэргээн-сэҥээрэн кэлбиттэрэ. Дьэ, ити сырыы кэнниттэн сыныйан үөрэтэн, чинчийэн баран, биһиэхэ эмиэ оннук хабааннаах симуляция киинэ аһыллан эрэр. Стоматологтарбыт аныгы технологиялары баһылаан тахсыахтаахтар. Бастатан туран, бэтэрээннэрбитин босхо тиистиэхпит.
- Арассыыйаҕа оннук кииннэр бааллар дуо?
- Москубаҕа Сеченев аатынан институкка саҥардыы тэриллэн эрэр.
- Мединститут дьиэтэ Симуляция киинигэр кубулуйдаҕына, устудьуоннар ханна үөрэнэллэр?
- Саҥа мединститут дьиэтэ тутуллуохтаах. Онуоха диэри ХИФУ атын корпустарынан үөрэниэхтэрэ. Уонна урукку 12-с уопсайы сөргүтэн, өрөмүөннээн онно үөрэтэн эриэхпит. Быйыл Ленин проспегар «Алмаасэргиэн баантан» 3000 кв м иэннээх дьиэ атыыластыбыт.
- Сыаната?
- 250 мөл. солкуобай. Онно ФЭИ сороҕо, юрфактар көһөн биэриэхтэрэ. Кинилэр үөрэммит аудиторияларын медиктэргэ биэриэхпит. Ити аата мединситут устудьуоннара үөрэнэр корпустарын арыый чугас-чугас оҥоро сатыыр быһыыбыт. Куорат биир кытыытыттан атын кытыытыгар тиэстэр сыанан аҕаабат. Ол гынан баран син биир эбии үөрэнэр миэстэ куортамныырбыт дуу, атыылаһарбыт дуу буолуо.
- Омос көрдөххө, Үөрэнэр-лабораторнай корпус көрүҥэ тупсубут курдук...
- …Дьиэбит ырааhырда. Туалеттарга кумааҕы өрүү баар, чэнчис көрүҥнэннэ, табахтаабаттар. Алдьаппаттар. Устудьуоннар тутта-хапта, таҥна-сапта сылдьаллара тупсубут курдук. Бастаан наһаа соһуйар этим. Этэргэ дылы, таҥас бүтэй этэ көстөр… ким эрэ сабар-саппат кып-кылгас таҥастаах, ким эрэ биэчэрдии кэлбит курдук сундьулуйа сылдьар… Билигин кэм уерэххэ, улэ5э эппиэттэhэр керун,нэннибит.
- Эһиил үөрэх дьыла «Азия оҕолоро» буоларынан сибээстээн эрдэ бүтэр?
- Эрдэ бүтүөхтээхпит. «Азия оҕолорун» вице-премьер, вице-президент буола сылдьан үлэлэспит аҕай тэрээһиним. Онон ис куукунатын билэбин. Бэлэмнэнэ сылдьабыт. Холобур 6-с уопсайга 52 мөлүйүөннээх үлэ бара турар. Студгородогу тупсарарга 28 мөл. солк. көрдүбүт: асфальт, бетон ууруута, сибэкки, мас олордуута, о.д.а.
Саҥа сүүрээни олоххо туһаныы
- Ити хаста да «университет бэйэтин үбүттэн» диэн аһардыҥ. Ол аата харчы киллэринэр буоллаххыт?
- Биллэн турар. Нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥоробут. Холобур, бу сотору Уһук Илиҥҥэ ханыылааҕа суох бэчээттиир цифровой оборудование ылан эрэбит. СНГ үрдүнэн үрдүк таһымнаах 25 эрэ суперкомпьютер баар. Ол биир компьютера ХИФУга кэлиэхтээх.
- Кинигэ таһаараргытыгар?
- Кинигэни, сурунаалы, хаһыаты, альбому… бэчээттэнэр бородууксуйаны барытын бэчээттиэхпит. Технологията ураты сайдыылаах, онон сыаната быдан чэпчэки буолуоҕа. Типографиялар 1 кинигэни «орускуотун саппат» диэн бэчээттээбэттэр. Оттон биһиги саҥа оборудованиебыт ночоото суох удамыр сыанаҕа, баҕалаахха барытыгар кинигэ, альбом, хаһыат бэчээттээн биэриэҕэ.
- Суперкомпьютеры ким көрөн-истэн үлэлэтиэй? Оннук таһымнаах сисадминнар бааллар дуо?
- Баар буолуохтара. Холобура, Кембриджкэ ыытан системнэй администратодары бэлэмнэттэрэр программалаахпыт.
Дьахтарга сыһыан
- Евгения Исаевна, үрдүкү дуоһунастарга өр үлэлээн кэллиҥ. Биирдэ эмэ эр дьон өттүттэн «дьахтар өйө аһынааҕар кылгас» диэбит курдук сэҥээрбэт, ахсарбат саҥаны истибитиҥ дуо?
- Суох. Баҕар, мин истибэппэр саҥарсаллара буолуо (күлэр). Арай, биирдэ (миэхэ туһаайан буолбатах!) ммм… үрдүк дуоһунастаах киһи Вячеслав Анатольевичка «эти тетки понаписали» дии-дии тугу эрэ кэпсиир. Мин биир дьахтары кытары сэһэргэһэ олорон кулгааҕым уһугунан иһиттим. Сонно тута ол киһиттэн «тетки» диэн ити хайҕаан этэҕин дуу, эбэтэр сиилээн этэҕин дуу» диэн чуолкайдастым. Киһим ах баран ылла, онтон сонно бырастыы гыннарда. Уонна итинтэн атын түбэлтэни билбэтэҕим.
Ректор тус олоҕо
- Бииргэ төрөөбүттэр хаһыаҕытый?
- Төрдүө этибит. Икки убайым ыалдьан ыраах дойдуга бараахтаабыттара. Быраатым уонна кэлин дьонум ииттэ ылбыт уоллаах кыыстара бары манна Дьокуускайга олоробут. Чугас, истиҥ сыһыаннаахпыт.
- Уолаттары кытары үөскээбит эбиккин.
- Оннук ээ. Балтыбын мин устудьуоннуу сырыттахпына ииттэ ылбыттара, онон уолаттары кытары улааппытым. Куруук уолаттары кытары бодоруһар этим. 9-с кылааска үөрэнэ сылдьан биирдэ дьүөгэлэммитим.
- Оччотугар эр киһи курдук кытаанах майгылааҕыҥ буолуо? Ол иһин да былааска эр дьону кытары «эн-мин» дэһэн сырыттаҕыҥ?
- …Буолуон сөп. Оҕо эрдэхпинэ бойобуой этим.
- Кэргэҥҥин кытары хайдах билсибиккиний?
- Эмиэ оннук балаһыанньаҕа! (күлэр). Тутуу этэрээтигэр сылдьан билисбиппит.
- Кэргэниҥ туох идэлээх киһиний?
- Билигин пенсияҕа олорор. Урут вертолетчик этэ. Ойуур баһаарын авиациятыгар үлэлээбитэ.
- Оҕоҕут?
- Төрөппүт икки оҕолоохпут. Онтон кэргэним быраата аах суорума суолламмыттарын кэннэ, икки оҕолорун ииттэ ылбыппыт. Онон уопсайа түөрт оҕолоохпут. Билигин бары улахан эр дьоннор, бэйэлэрэ ыал-күүс буолбуттара ыраатта.
- Сиэн бөҕөтө?
- Түөртэр. Биир кыыс, үс уол. Кыыс сиэммит 9-с кылааска барыахтаах, кырабыт (толкуйдуур) номнуо 3,5 буолбут эбит!
- «Эбээ» дииллэр дуу?
- Кыыс сиэммит кыра эрдэҕинэ аҕата этэр буоллаҕа «эбээ кэллэ», «эбээ барда» диэн. Ону: «Суох! Телевизорга «Евгения Исаевна» диэтилэр онон «Евгения Исаевна» диэн!» -- диэбит. Онтон бэттэх үтүктүспүт курдук бары «Евгения Исаевна» дииллэр.
- Төһө бодьуустаһаҕын?
- Хантыан! Соло буллахпына биирдэ эмэтэ массыынанан маҕаһыыҥҥа баран кэлэбит. Уонна дьэ, ону-маны сэлэһэрбитин сөбүлүүбүт.
- Бокуойа суох үлэлээх буоллаҕыҥ. Дьиэни, оҕону-урууну ким көрбүтэй?
- Мин наар политик буолан төрөөбөтөх буоллаҕым. Дьиэбин-уоппун, оҕолорбун бэйэм көрбүтүм. Кыра эрдэхпиттэн дьиэ үлэтигэр эбээһинэстээх этим! (күлэр).
- Туох этэй?
- Оскуолаҕа киириэм инниттэн Горькай уулуссатыгар турар 9-с маҕаһыынтан күн аайы үс килиэп, үс лиитир үүт атыылаһар этим. Уолаттарбар этэбин ээ «оҕо сааһым 9-с №-дээх маҕаһыын уочаратыгар ааспыта» диэн. Дьиэм маҕаһыынтан балайда тэйиччи – кыбаартал курдугу хаамыахха наада этэ. Хайдах сыһан-соһон тиийэрим эбитэ буолла? Онтон аҕам үлэтигэр барарыгар солуурга эт киллэрэр, халбаһыы, хортуоппуй бэлэмниир – ол аата мин эбиэт буһарыахтаахпын.
- Дьонуҥ төрдүлэрэ ханнааҕыларый?
- Аҕам Сунтаар этэ, ийэм -- Өлүөхүмэ.
- Оскуоланы ханна бүтэрбиккиний?
- Урут, балаҕан ыйын 1-гы күнүгэр 7 –тин туолбут эрэ оҕолору оскуолаҕа ылаллара. Мин ол «ирдэбилгэ хапсыбакка», бастаан Намҥа тахсан үөрэнэ сылдьыбытым. Онтон 2-3 ый буолан баран, дьоммор Дьокуускайга төттөрү киирэн 15-с №-дээх алын сү´ү³хтээх экспериментальнай оскуолаҕа үөрэммитим. Кэлин 5-с кылаастан 2-с №-дээх оскуолаҕа көһөн, онно үөрэммитим.
- Намҥа кимнээххэ олорон үөрэммиккиний?
- Ийэм Өлүөхүмэ буоллаҕа, сүрэхтэммит. Сүрэхтээбит ийэтин кыыһа Нам Хатырыгын оскуолатын дириэктэрэ, кэргэнэ Нам оскуолатын дириэктэрэ этилэр. Мин олорго тахсан сайынын сир астыыр, сынньанар этим. А5ыйах кэм кинилэргэ олоро сылдьыбытым.
- Аҕаҥ?
- 3-с кууруска сырыттахпына өлөөхтөөбүтэ. Ол гынан баран санаабар куруук баар курдук.
- Евгения Исаевна, сэһэргэһииҥ иһин махтал. Университет Чаҕылхай Максим аатын өрүү өрө тута сырыттын, аан дойдуга ааттанар үөрэх төһүү кыһатыгар кубулуйдун.
- Махтал.
Туйаара НУТЧИНА.
"Kyym.RU" сайтан.