Саха норуотугар сүҥкэн дьон төрөөн-ууһаан ааспыттара. Ол эрээри, төһөнөн олох туһугар кырдьыгы булаары туруулаһаҕын да, соччонон эн үйэҕин сирдээҕи дьон кылгатар аналлаахтар быһыылаах. Хас эмэ сыл ааспытын кэннэ бу дьон кырдьыктара, олоххо улахан сабыдыаллара, оруоллара сыаналанар. Оннук улуу, чулуу дьоммут тыыннаах эрдэхтэринэ этэр, сыаналыыр тоҕо сатамматый диэн ыйытыы миигин үүйэ-хаайа туппута ыраатта эбээт. Маннык ис хоһоонноох ыйытыы аан бастаан, саха литературатын төрүттээбит улуу суруйааччыларбыт олохторун, айар үлэлэрин үөрэтиэхпиттэн ыла үөскээбитэ.
Билиҥҥи да олоххо саха чулуу уолаттара, олоҥхолуу эттэххэ, сырдык илгэлээх олох түстэнэрин туһугар бэйэлэрин да кэрэйбэт дуулаҕа бухатыырдара бааллар. Норуот билэр, онтон бэйэтин ис иһигэр сэмээр үөрэр. Биһиги саха дьоно былыр былыргыттан сэмэйбитинэн биллэбит. Бэйэбит «балаҕаммыт» иһигэр ээр-сэмээр сылдьан хайҕыыр идэлээхпит. Бэл, кыһыл уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэринии, улаханнык саҥа таһааран уруйдаан-айхаллаан буолбакка, симиктик мичийэбит эрэ. Ити майгыбыт күн бүгүнүгэр диэри баар. Улахан үөрүү да буоллун, улахан куттал да кэллин барытын испит иһинэн аһарынабыт.
Ол сороҕор чулуу дьоммутун былаҕайга былдьатарбытыгар охсуулаах курдук буолан тахсар. Кинилэр тыыннаахтарыгар кыларыйар кырдьыгы эппэккэ, этиммэккэ, «абааһы» уораҕайыттан быыһаан ылбаппыт. Оннук былдьатан турабыт улуу Ойуунускай убайбытын, саха суверинетытын төрүттээбит чулуу Омуоһабы, саха бастакы интеллегеннэрин – Бараховы, Күлүмнүүрү уо.д.а. Киһи ааҕан сиппэт.
Арассыыйа былыр былыргыттан былаас ситимигэр бас бэринэн олорбута. Билигин да оннук олорор айылгылаах. Норуот аата эрэ норуот. Барытын былаас илиитэ быһаарар. Ким хайдах тыынарын, хайдах салайынан олорорун кытта. Маныаха норуот «марионетка» куукула эрэ оруолун толорор. Барыта эрдэттэн быһаарыллан турар. Бу Дьылҕа оонньуутугар сирдээҕи үрдүкү чөмчөкөлөр кытта улахан оруолу ылаллар.
Норуот уһукта сатаабыта ыраатта. Ити уһуктан эрэр, бу өйдөнөн эрэр диибит да, билиҥҥи туругунан өссө да ыраах курдук. Биирдиилээн, аҕыйах ахсаанынан уһуктуу эрэ баар. Онтон саха омугар бэргэн этии баар: норуот көмүөл күүһэ диэн. Кырдьык хаһан эрэ кыргыс үйэтин саҕана норуот биир сомоҕолоһуулаах, модун күүстээх эрдэҕинэ, бары көрсөр ыарахаттары туораан, тыыннаах ордон, олох утумун салҕаан кэллэҕэ эбээт. Оччолорго баара – норуот көмүөл күүһэ. Билигин ити саҥарар саҥаҕа эрэ тиһиллэн сылдьар дорҕоон курдук иһиллэр этиигэ эрэ кубулуйда.
Олоххо баар кыларыйар кырдьыгы көрөн туран турууласпаппыт, эппэппит-тыыммаппыт. Урукку тыйыс сыллар кутталларын кута баһыйара бэрт буолан, билигин даҕаны бүгэнэн сылдьабыт. Онтон үрдүкү былааспыт норуот туһугар эрэ диэн кыһыл тылларынан эрэ этэр этиилэрин кэбэҕэстик ылынан кэбиһэ-кэбиһэ сылдьабыт. Биэнсийэ дуомун үрдэппитэ буола-буола кырдьаҕас дьоммутун албынныылларын көрө-истэ сылдьан ким да кырдьыгы туоһуласпат. Ол биэнсийэ 10 солкуобайынан үрдээбитигэр кырдьаҕастарбыт барахсаттар үөрээхтииллэр. Ону кытта тэҥҥэ сыана бу үрдээн тахсар. Онтон кырдьыгынан көрдөххө, бу норуоту албыннааһын буолбатах дуо? Ити курдук үрдүкү былааспыт күлүү-элэк оҥостубутун биһиги күлүкпүтүгэр эрэ имнэнэн кэбиһэбит. Ол туһугар кырдьыгы була сатыыр дьоммутун көмүскээбэккэ, норуот былаас илиитигэр уган биэрэбит. Дьиҥинэн, норуот барытын көрө-билэ, истэ сылдьар ээ. Барытын өйдүүр. Ол эрэн саҥарбат. Хаһан саҥарар, көмүскэнэр кэммит кэлэр? XIX-c-XXI-с үс үйэ тухары чуумпуран сылдьабыт. Хаһан бэйэбит сэбэрэбитин, кырдьыкпытын көмүскэнэр буолабыт? Аны өссө үс-түөрт үйэ ааһарын кэтэһэбит дуо?
Бу Орто дойдуга төрөөбүт «кыратыттан-харатыттан» саҕалаан «үрдүкү» дьоммут бары кэриэтэ аньыылаахтар-харалаахтар. Ол эрээри киһи үксэ сырдыкка талаһара элбэх. Орто дойду иһинэн аһара чаҕылхай ыраас киһи суоҕа буолуо.
Онон киһи сирдээҕи сиэрдээх олоҕун сыаналаан көрөн, ыйааһынныыр ордук. Оччотугар саха уолаттарбыт олоххо талаһар сырдык сыдьаайдарыгар олоҕуран, кинилэри норуот быыһыттан чорботон, дурда-хахха оҥостон, үрдүкү былаас «хараҥа илиититтэн» тоҕо быыһаан ылан дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар үлэлииллэрин ситиспэппитий?
«Кистэлэҥ күүс» хаһыат редактора Саргылана Седалищева.
Комментарии