«Максим Аммосов… арааһа, үтүөлээх быраас быһыылаах…»

Воскресенье, 12 Февраля 2012 21:20
Оцените материал
(3 голосов)

ammosovСудаарыстыбаннаспыт күнүгэр: «Мединститут иннигэр ким пааматынньыга турарый?» - диэн ыйыппыттарыгар, биир устудьуон итинник хоруйдаан дьону бэркиһэппитэ баар. Хомойуох иһин, саха омук сайдарын туһугар үлэлээбит, бар-дьонун иннигэр үрүҥ тыыннарынан толук түспүт чулуу дьоммутун, аныгы ыччат билбэт.

«Норуот өлбөт-сүппэт, суураллыбат киэн туттар МЭҤЭ ӨЙДӨБҮЛЛЭЭХ эрэ буоллаҕына сайдар» диэн учуонайдар суруйаллар.  «Мэҥэ өйдөбүл» диэн тугуй? Бу - норуот туһугар олорон ааспыт, киһи-аймах сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит дьону ытыгылыыр өйдөбүл.

Ньиэмэстэр тоҕо улууларый?

Холобурга ньиэмэс омугун ылыаҕын. Икки Аан дойду улуу сэриитин айдаанын-араллаанын тоҕо тарпыт, ат соспот аньыылаах-харалаах омук. Иккис  Аан дойду сэриитин кэнниттэн, киһи аймах иннигэр ыар буруйун иһин сир үрдүттэн имири эһиэҕиҥ диэн этии киирэ сылдьыбыт. Ону дьон кэпсээнинэн, «нациялар аҕалара» Иосиф Сталин тохтоппута диэн баар. Ол да буоллар, Германия куораттарын барытын кэриэтэ күл-көмөр оҥорбуттара биллэр.

Дьэ,  киһи аймах бүтүннүү абааһы көрбүт омуга, баара-суоҕа сэрии бүппүтэ 20-ччэ сыл эрэ ааспытын кэннэ, американецтар үбүлээһиннэринэн аарыма  химическэй, металлургическай, машиностроительнай, электротехническэй промышленноһын чөлүгэр түһэрэр, сайыннарар.  Өссө аһара баран, 1957 сыллаахха Европейскай экономическэй холбоһук (билигин Евросоюз) диэни тэрийиэхххэ диэн туран кэлэр. Бу - «немецкое чудо» диэн ааттаммыт сайдыыга судаарыстыбаны салайыыга, учуонай  Людвиг Эрхард концепцията эрэ улахан оруоллаах этэ дуо?

Биллэн турар, ньиэмэстэр үлэһиттэрин, харчыны сатаан ааҕалларын омук барыта билэр уонна сөҕөр. Ол гынан баран, ньиэмэстэр ынырыктаахай хотторууну тулуйан, туох баар аан дойду кырыыһын-таныырын аһарынан, үлэлээн-хамсаан, өссө таһыччы экономикалаах судаарыстыба туппуттарын киһи эрэ сөҕөр. Дьиҥинэн, Германия сэрии кэнниттэн тэпсиллэн, саатын, ыарыытын тулуйбакка сүтэн-бүгэн хаалбыта эбитэ да буоллар, ким даҕаны кинилэри  улаханнык «баалыа» суоҕа эбитэ буолуо. Этэргэ дылы, ньиэмэстэр киһи аймах иннигэр онорбут аньыыларын-хараларын да иннигэр санаалара түһэн кэхтиэхтээх, сааттарыттан да быгыалыа суохтаахтар этэ буоллаҕа.  Ону баара бу дьонуҥ сүргэлэрэ тостубат,  өссө аһара баран, син биир Европа тутаах судаарыстыбатыгар төттөрү кубулуйаллар. Тоҕо?

Тоҕо диэтэххэ, ньиэмэстэри сүдү национальнай менталитеттара быыһаабыта, онтулара харысхал буолбута. Фашизмтан ураты киһи аймахха Ницше, Кант, Шопенгауэр, Гегель, Маркс курдук улуу бөлүһүөктэри, Гете, Шиллер, Фейхтвангер курдук улуу суруйааччылары, Бетховен, Бах, Моцарт  курдук улуу музыкаттары бэлэхтээбит нация,  ханнык да бэйэлээх ыарахан түгэҥҥэ  сынтарыйбакка, күн сырдыгар тардыһар холобурдардаах этэ!

Онуоха эбии,  кинилэр үрүҥ күҥҥэ баҕаларын – өбүгэлэрэ викиннэр, туохха да бэриммэтэх күүстээх майгылара - санааларыгар санаа, күүстэригэр күүс эптэҕэ. Төһөнөн норуот бэйэтин  үтүө дьонун ытыгылыыр, өрө тутар – соччонон кини күүстээх сүрдээх, туохха да булгуруйбат, бэриммэт модун санаалаах буолар эбит.

…Мин (биир да омугу түһэрбэккэ туран) биири ыйытыахпын баҕарабын:

- Оттон Чыҥыс Хаан курдук, «Улуу Куйаары дьигиһиппит» диэн ааттаах, сүҥкэн бөлүһүөк полководецтаах, монгуол омук сайдыыта билигин ханнык таһымҥа баарый? Тоҕо монгуол курдук кыахтаах омук,  салгыы аан дойду сайдыытыгар кылаатын киллэрбэтэ? Баҕар, мин эрэ билбэтим буолуо, ол гынан баран, Чыҥыс Хаантан ураты ханнык улуу дьоннордоох этэй, бу омук? Кинилэр аан дойдуну бүтүннүү баһылаан баран, түмүгэр  тоҕо ньиэмэстэр курдук, өрө  охсон ылбатылар? Кинилэри Айыы Тойон таҥара итинник дьаһайбыта дуу, кэм-кэрдии кытаанах сокуона таайбыта дуу... Туох билиэй?

Монгуоллары таһынан  Ат тыла, Атыллаах (Аттила), Улуу Содьороҥ (Великий Хромой) Тамерлан дьоно-сэргэтэ ханналарый? Ити ыйытыыга чопчу хоруйу анал учуонайдар, историктар эрэ биэрэр кыахтаахтар.

Оттон «кыйма курдук элбэх кытайдар» сайдыбыт кистэлэҥнэрэ туохха сытарый? Буддизм, конфуцианство курдук  улуу историялаах, ураты менталитеттаах омук туох да сэриитэ суох аан дойдуну баһылаан эрэрин илэ харахпытынан көрөн олоробут.

Биһиги төһө да аҕыйах ахсааннаах омук буолбуппут иннигэр, этэргэ дылы, бэйэбит холбутугар иннибитигэр-кэннибитигэр күөн туттардаах омукпут. Экстремальнай усулуобуйалаах Уһук Хоту сиргэ цивилизацияны тэрийбит – биһиги. Аан дойдуга атылыыта суох олоҥхолоох – биһиги. Робин Гуд курдук кыра-хара норуотун иннигэр турууласпыт, төрөөбүт дойду ахтылҕанын күүһүн символынан буолбут Манчаарылаах - биһиги. Нуучча ньургуттара билиммит Өксөкүлээх Өлөксөй курдук улуу бөлүһүөктээх - биһиги. ЮНЕСКО кытары билиммит Былатыан Ойуунускай курдук улуу бөлүһүөк суруйааччылаах – биһиги. Казахстан, Киргизия курдук улахан өрөспүүбүлүкэлэри  салайсыбыт Максим Аммосов курдук улуу общественнай деятеллээх  - биһиги. Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов курдук улуу бөҕөстөрдөөх эмиэ биһиги. Киһи үөрүөх, бу испииһэк бүтэрэ өссө да ыраах. Кинилэр биһиги Харысхалбыт, биһиги Көмүскэлбит, биһиги эркээйи Сулустарбыт.

Хас биирдии омук духуобунай харысхалын кэми-кэрдиини аахсыбакка бары өттүнэн хайыныахтаах диэн этэллэр. Билигин да биһиги ортобутугар оннук үлэни-хамнаһы ыыта сылдьар дьоннордоохпут. Элбэхтэн биир холобур. Төһө да төрүт итэҕэллээх буолбуппут иһин, билигин биһиги православнай судаарыстыбаҕа олоробут. Православнай итэҕэлгэ инники кэскиллээх биир улахан үлэнэн – омукпут сүдү дьонун Сибэтиэй таһымыгар таһаарыы буолар диэн этэллэр. Сибэтиэй таһым - ханнык да «ураҕас» тиийбэт таһыма.

…Бу ылбычча быстах санаа буолбатах. Бу дириҥ толкуйтан, мындыр санааттан тахсыбыт идиэйэ. Бу курдук интэриэһинэй санаалаах, ону олоххо киллэрэр дьүккүөрдээх дьон биһиги ортобутугар элбэхтэр. Кинилэр баар буоланнар саха омук үйэлэргэ сүппэккэ тыыннаах кэллэҕэ, инникитин даҕаны тыына уһуу, салҕаныа турдаҕа.

Уһук хоту сир олохтооҕо – Арассыыйа уонна киһи аймах сайдыытыгар өссө да бэйэтин кылаатын киллэриэ диэн эрэнэбин. Кэм-кэрдии хас биирдии тоҕойугар бэйэлэрин ытык миссияларын толорон Харысхал, Көмүскэл, эркээйи Сулус буолбут  улуу дьоннорун билинэр, сыаналыыр, ытыгылыыр буоллаҕына. Уонна, ону ыччатын өйүгэр-мэйиитигэр, санаатыгар-толкуйугар күүскэ иҥэрдэҕинэ...

Надежда Аргунова.

Комментарии 

#1
Дайаана 13.02.2012 13:43
Уоаай аата позорун, кырдьык итинник оголор бааллар ээ :cry:
#2
Yчүгэй Үөдүйээн 14.02.2012 00:09
И что? все оптом побежим креститься?
#3
Сыккыс 15.02.2012 04:38
Акаары, ыстатыйа. Ама да нууччатыйа сатаабыт иЬин итинник кэбилэнимэ. Аньыыны онорума.
#4
999 15.02.2012 19:46
Теттерутун олус учугэй ыстатыйа. Православия5а улэлээбит дьоннору Сибэтиэй гынар туох куьа5аннаа5ый? Холобур Иеромонах Елексейу, Суорун Омоллоону, Суедэр а5абыыты... Оччо5уна православнай итэ5эл еттунэн кемускэл баар буолуо.
#5
tr 27.02.2012 20:01
билинги кэмнгэ аммосов ойуунускай курдук дьоннор олохторун анаабыт идеяларын умуннубут эбээт, сотору капитализм букатыннаахтык туругурдарбыт буолуо

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru