Өрөмүөн хампаанньатыгар 1 миллиардтан тахса солк.

Понедельник, 06 Февраля 2012 10:53
Оцените материал
(0 голосов)

Республика энергетиктарыгар кыһыҥҥы уонна сааскы ыйдарга өрөмүөн үлэтэ күргүөмнээхтик ыытыллар. Сир тоҥон турдаҕына, энергетиктар сайыҥҥы-күһүҥҥү өттүгэр сылдьарга эрэйдээх сирдэринэн үлэлээннэр, тыһыынчанан километрдаах уот ситимнэрин уларытан, бүтүн тыаны солоон наар онно түбүгүрэллэр.

Ол курдук ааспыт ыйга Киин электрическэй ситимнэр үлэһиттэрэ 40 га кэриҥэ сири ыраастаатылар. Мантан 34 гектардаах республика сэттэ улууһун уотунан хааччыйар  Дьокуускай -- Чурапчы 110 кВ үрдүк күүрүүлээх магистральнай  ситим ааһар сирин. Горнай улууһун Маҕарас хайысхатынан Дьокуускай куораттааҕы электрическэй ситимнэр биригээдэлэрэ энергомаһы тиэйэн, өрөмүөн үлэтин саҕалаатылар. Маны таһынан биир анкернай тирэҕи таҥнылар.

Арҕааҥҥы энергооройуоҥҥа уот ситимнэрэ ааһар сирдэрин ыраастааһын номнуо ыытыллан, билигин энергетиктар Мирнэй – Сунтаар, Заря – Таас Үрэх, Мирнэй – Совхоз хайысхаларынан сыбаайаларын туруорааһыҥҥа, энергомаһы хаҕылааһыҥҥа үлэлии сылдьаллар. Бүгүҥҥү туругунан 15 тирэх сыбаайалара туруорулунна уонна 5 опора уларытылынна.

Быйыл «Якутскэнерго» ААУо алын сүһүөх тэрилтэлэрэ араас күүрүүлээх  линияларга 845,1 км уһуннаах электрическэй ситимнэри саҥардыахтаах. Маны сэргэ 1,206 км магистральнай уонна 11,272 км квартальнай ититии ситимнэрэ ууруллуохтара.

Бу сыл устата Дьокуускайдааҕы ГРЭС, Бүлүүтээҕи ГЭС касакадын уонна Дьокуускайдааҕы ТЭЦ  гидроагрегаттара, хочуоллара өрөмүөннэниэхтэрэ. Уопсайа энергетическэй компания өрөмүөн үлэтин хампаанньатыгар 1 млрд 219,7 мөл. солк. үбү-харчыны тыырыаҕа.

«Якутскэнерго» ААУо пресс-сулууспата.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru