Хайдах баһылыгы талабыт?

Пятница, 20 Января 2012 09:30
Оцените материал
(1 Голосовать)

85662f188364Дьокуускай аан дойдуга суох уникальнай куорат: ирбэт тоҥ үрдүгэр турарынан, ханна да суох тымныы кыһынынан, салыннарар өҥүрүк куйаас сайынынан, Арассыыйа биэс гыммыт биирин ылар республика киин куората – тэбэр сүрэҕэ буоларынан!

Биһиги – хоту  сир олохтоохторо киин куораппыт курдук эмиэ аан дойдуга суох культуралаахпыт, искусстволаахпыт, итэҕэллээхпит, сиэрдээхпит-туомнаахпыт. Олохтоох киһи  уонна кини олорор киин куората – биир тыыннаах, биир салгыннаах буоланнар дьылҕалара, майгылара-сигилилэрэ эмиэ маарыҥнаһар дииллэр. Ол курдук американецтары уонна Вашингтону, парижаннары уонна Париһы, москвичтары уонна Москваны, чехтэри уонна Праганы, дьоппуоннары уонна Токионы о.д.а. сабыта быраҕан тэҥнээн көрдөххө, олохтоохтор уонна кинилэр киин куораттара атылыы майгылаахтар диэн бэлиэтииллэр.

Кулун тутар 4 күнүгэр киин куораппыт мээрин талар быыбарга  кыттыахпыт турдаҕа. Олоътоохтор Дьокуускай инники сайдыытыгар  эппиэтинэһи өйдөөн туран салалтабытын талыахтаахпытын бары билэн олордохпут. Мээри талыы – инники сайдыыбытын түстэнии буолар. Хандьытааттарбыт бары даҕаны Дьокуускай курдук элбэх нэһилиэнньэлээх куораты салайар кыахтаахпыт дэнэн быыбарга турдахтара. Онон, хаһааҥҥытааҕар даҕаны талыыттан талыыны талар кыахтанныбыт буоллаҕа.

Билигин, Дьокуускай хас биирдии олохтооҕо, салайааччыбытын таларга санаатын этэр бырааптаах дии саныыбын. Ол бырааппынан туһанан бүгүн ааҕааччылары кытары туох санаалаахпын үллэстиэхпин баҕарабын.

Киин куораппыт салайааччыта үрдүк таһымнаах буолуохтаах. Хас эмэ үйэ тухары   Дьокуускай Уһук Хоту сиргэ суос-соҕотоҕун куорат аатыран турбута. Ол да иһин, обществоҕа буолар  дьалхааннаах мөҥүрүөн мөккүөрдэр кинини тумнубатахтар, төттөрүтүн Дьокуускай кинилэр кииннэринэн буолбут. Ыраахтааҕылаах Арассыыйа, онтон Сэбиэскэй Сойуус Сибиири, Хоту дойдуну чинчийтэрбит хаһаахтара, айанньыттара, учуонайдара Дьокуускайтан тирэнэн сөҕүмэр арыйыылары онорбуттара. Ыраахтааҕы 19-с үйэҕэ киин сиргэ баппатах буруйдаах холуобунньуктары сэргэ, кини былааһын утарбыт сыылынайдары эрэһиэҥкэтэ суох хаайыы дойдутугар – Саха  сиригэр ыыппыта. Ол олохтоохторго  үтүөнэн уонна  мөкүнэн дьайбытын билэбит. Сэбиэскэй кэмҥэ сиртэн хостонор баай эргийэр киинэ эмиэ Сахабыт сирэ этэ.  Ол курдук, хас үйэ ахсын, куораппыт эмиэ киһи кэриэтэ хатарыллан, буһан-хатан, аҕыйах самнархай дьиэлэрдээх түөлбэттэн улахан куоракка кубулуйан истэҕэ.  Онон да буолуо, билигин даҕаны Саха сиригэр атын куораттар баалларын үрдүнэн үгүспүт «куорат» диэн Дьокуускайбытын эрэ билинэбит.

21-с үйэҕэ баай устуоруйалаах куораппыт аан дойду сайдыытын эргииригэр киирбитэ балай эмэ буолла. «Азия оҕолорун оонньууларын» 5 төгүлүн ыытар тэрээһин, онно олук буолара саарбахтаммат. Ону таһынан, Фэрбенкс (АХШ), Дармштадт Германия), Мураяма (Япония), Чханвон (Корея), Харбин (Китай), Олимпия (Греция)  куораттары кытары «бырааттыы куорат» буоларынан сибээстэнэр.  Бу маннык  сайдыылаах куораттары кытары сибээстэһии Дьокуускайбыт инники сайдыытыгар улахан оруоллааҕа чахчы.  Онуоха өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа эрэ таһымынан буолбакка, омуктары кытары атах тэпсэн олорон тэҥҥэ кэпсэтэр, үлэлиир таһымнаах мээр  наадата – олох  ирдэбилэ буолла.

Үп-харчы эргиирин муоһатын таба туппут хаһаайыстыбанньык буолуохтаах. Киин куораппытын, байыаннай остуруок быһыытынан, 1632 с. нуучча хаһаактара төрүттээбиттэрэ. Устуоруйаны  ылан көрдөххө, кинилэр тойонноро – воеводалар  былаастара муҥура суох эбит. Кыраай муҥур ыраахтааҕыта воевода, кэлин губернатор, онтон партийнай босс о.д.а. – бастаан уобаласка, ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ айбардааһыннарын кэмигэр, куораппытын эҥинэ бэйэлээх кулубалар, бургомистрдар, ратманнар, судьуйалар, бэрэссэдээтэллэр, сэбиэттэр о.д.а. салайбыттара. Өскөтүн бастакы быыбарынай кулуба кыраай воеводатыгар бас бэринэр эбит буоллаҕына,  Сэбиэскэй кэмтэн ол баччааҥҥа диэри уларыйбатах. Ол, биир өттүнэн, тыйыс айылҕабыт (ордук кыһыммыт обургу) Икки Атахха бэриммэт сокуонуттан итинник дьаһанан олордохпут.  Уһук Хоту сир куоратын кыһалҕатын быһаарыы – итии дойду куоратын кыһалҕатыттан букатын атын буоллаҕа.

17-с үйэ иккис аҥаарыгар кыраай воеводатыгар бас бэринэр быыбарынай кулуба, оччотооҕу куорат эргиэмсиктэрин, промышленнай дьонун  олохторун-дьаһахтарын эрэ көрөр эбит. Анараа  дойдуларыттан үтүрүллэн-үүрүллэн  кэлбит албын-көлдьүн дьону, суут-сокуон иһигэр киллэрэн үлэлэтии-хамсатыы кулубаны  сыанан аҕаабатаҕа чахчы. Онтон, сэбиэскэй кэмнэргэ, куорат салайааччыта бастатан туран, хомуньуус баартыйа эрэллээх саллаата буолуохтааҕа. Оччотооҕу кэминэн туох-баар үлэ-хамнас барыта «өлбөт-сүппэт идеяҕа» тирэҕирэн ыытыллара. 90-с сылларга – уларыта  тутуу кэмигэр үп-ас бэриллиитэ үөһэттэн мөлтөөн, куорат кыһалҕаларын инники күөнүгэр – олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата тахсар. Хомойуох иһин, бу  ыыс туман тыыннаах кыһын обургу кыһалҕалара билигин да бааллара мэлдьэһиллибэт. 90-с сылларга сэбиэскэй кэм кураанах идиэйэлэриттэн, үп-ас кырыымчыгыттан сылайбыт олохтоохторго,  куорат мээринэн хайаан да хаһаайыстыбанньык киһи олоруохтаах диэн өйдөбүл күүскэ киирбитэ. Онтон номнуо, 20-чэ сыл ааста. Кэм-кэрдии тохтообокко, атын өйдөбүллэргэ тирэҕирэн сайдар, бэйэтин кэмин ирдэбиллэрин туруорар. Онон билигин талыллыахтаах мээргэ – ирдэбил  эмиэ уларыйда дии саныыбын.  Билигин хас биирдии тэрилтэ, кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох, үлэтэ-хамнаһа үптэн-харчыттан быһаччы тутулуктаах буолла. Сэбиэскэй кэмҥэ хомуньуус баартыйа идиэйэтэ – общество олоҕун хамсатар  күүс эбит буоллаҕына, билигин хамсатар күүһүнэн суос-соҕотох – Харчы Тойон буолла.  Үп-харчы эргиирин билбэт, ону муоһалаабат буоллаххына, мээр буолбатаҕын да ордук. Биир холобуру аҕалабын. Былырыын, сыл бүтүүтэ, НТВ-га федеральнай былаас регионнарга суолу тутууга аналлаах үбү-харчыны алтынньыга эрэ биэрбитин туһунан киһи итэҕэйиэ суох курдук биэриини көрөн сөхпүттээхпин. Ол да иһин, Дьокуускай олохтоохторо алтынньыга хаар түһэ турдаҕына, суолу оҥоро сылдьыбыттарын соһуйа, сүөлүргүү көрдөхтөрө.  Бу маннык анекдокка тэҥнээх үбүлээһин сыыһатын «үөһээлэргэ» дакаастыыр инниттэн, куорат хаһаайына үп-ас боппуруоһун эҥкилэ суох билэр анал үөрэхтээх, билиилээх-көрүүлээх, таһымнаах буолара ирдэнэр. Үп-ас баар буоллаҕына хаһан баҕарар үлэ, хаһаайыстыба да баар буолара өйдөнөр.

Саха сирин киин куоратын олохтоох киһи салайыахтаах.

Төрүт олохтоох омуктартан уонна олохсуйбут кэлии дьонтон «Дьокуускай куорат олохтоохторо» диэн туспа менталитет үөскээтэ дии саныыбын.   Өбүгэлэрбит ааспыт үйэлэргэ куорат диэни билбэт буоллахтарына, 19-с үйэттэн саҕалаан, төрүт олохтоох омук дьоно куораты сөбүлээн олохсуйан барбыттара.  Нэһилиэнньэ ахсаанын ылан көрөр эбит буоллахха, 1856 сыллаахха Дьокуускай куоракка 2 800 киһи баар эбит. Онтон 1913 с. – 10 300  киһи буолбут. 1962 с. нэһилиэнньэ ахсаана 79 000 киһиэхэ тиийбит.  Оттон 1970 сс. – 100 000 тахсыбыт. Кэнники 2010 с. биэрэпис түмүгүнэн, киин куораппытыгар 268 600 киһи олороро бэлиэтэммит. Уларыта тутуу кэмигэр сахалар дэриэбинэлэриттэн хото көһөн киирэн, Дьокуускайга олохсуйбуттарын биэрэпис түмүктэрэ эмиэ көрдөрөллөр. Ол кэмҥэ, Арассыыйа киин сирдэрин олохтоохторо Дьокуускайтан дойдуларыгар төннүбүттэрэ.  Онон олохтоох норуот ахсаана куоракка элбээбититтэн,  киин куораппыт дьиҥ сахалыы тыына элбээбитин үгүстэр бэлиэтииллэр. Ол да буоллар, харсыыта суох туох да сайдыбат. Ханна баҕарар былыр даҕаны, быйыл даҕаны «кэлии дьон» диэн олохтоохторго өйдөбүл баар буолар.

Аны туран, «кэлии дьон» диэн өйдөбүл общество сайдыытыттан, кэмиттэн-кэрдииһиттэн эмиэ уларыйар эбит. Былыр, Дьокуускай эргиэмсиктэр куораттара буолан турдаҕына, эрдэ көһөн кэлбит атыыһыттар хойут кэлээччи атыыһыттары «кэлии дьон» диэн туоратан, сирдэригэр-уоттарыгар чугаһаппат үлэни ыытан, үгүс үҥсүүнү-харсыыны суруйбуттарын устуоруйа кэпсиир. Оттон сэбиэскэй кэм саҕана «кэлии дьон» уонна олохтоохтор атааннаһыылара  устудьуоннар хамсааһыннарын нөҥүө көстүбүтэ диэн этиэххэ эмиэ сөп.  Кэлин 90-с сылларга «кэлии дьон» диэн өйдөбүлгэ «тыаттан киирбиттэр»  диэн өйдөбүл чугаһаабытын ааҕыахха сөп. Ол курдук  омугуттан тутулуга суох нууччалыы тыллаах куорат олохтоохторун ортотугар «тыалар» («деребас, мамбет») диэн өй-санаа баар буола сылдьыбытын үгүстэр өйдүүргүт буолуо. Онтон  билигин, ордук кэлиҥҥи сылларга, сахалыы, нууччаллыы саҥабытыттан тутулуга суох,  куорат олохтоохторо бары кэриэтэ Кытайтан, Орто Азияттан кэлбиттэри «кэлии дьонтон»  атыннык ааттаабат буоллубут. Мин саныахпар, бу барыта омугуттан тутулуга суох – Дьокуускай  куорат олохтооҕо диэн менталитет баар буолбутун туоһута.

Сир ийэбитигэр кэм-кэрдии хардыыта түргэтээбитинэн олохтоохтор менталитеттара сырыы ахсын уларыйа турара – олох  кырдьыга. Онон,  билиҥҥи кэмҥэ, омугуттан тутулуга суох, Дьокуускай куораттан ханна да барар-кэлэр санаата суох олохтоох киһини мээринэн талыахтаахпыт дии саныыбын. Манна байан-тайан, эргинэн баран Москваҕа түһэн хаалбат киһини талыахтаахпыт. Куорат урукку салайааччылара үгүстэрэ киин сиргэ олохсуйбуттарын көрө-билэ олоробут. Икки кэнники болдьоххо олорбут И.Михальчук, Ю.Заболев эмиэ кинилэри батыһан Москвалаабыттарын кэннилэриттэн эрэ көрөн хааллыбыт. Биһиги эрэ куораппыт сайдарыгар наадыйбат, байан-тайан баран «сус» гынан хаалар дьоннор салайаннар, куораппыт итэҕэһэ-быһаҕаһа олус элбэх. Ол иһин олохтоох толкуйдаах киһи салайааччы буолуохтаах.

Харизмалаах, кыахтаах  салайааччыны бу быыбарга талыаҕыҥ.

Киин куораты салайыы диэн биир-икки фирманы салайыы буолбатах. Бу стратегическай, киэҥ ыллыктаах толкуйу эрэйэр үлэ. Куораппыт барахсан бу күҥҥэ диэри атын куораттартан ураты сирэйэ-хараҕа, тутуута  суоҕа киһини хомотор. Ону ордук атын сиртэн кэлбит дьон бэлиэтии көрөллөр. Соторутааҕыта кэлэн барбыт ыалдьыппыт, урут «Мисс Вселенная» диэн ааты ыла сылдьыбыт, телеведущай Оксана Федорова Дьокуускай «туох даҕаны национальнай уратыта суоҕун» көрөн аһыммытын дуу, кэлэйбитин дуу  туһунан сорох хаһыаттарбыт «үөрэ-көтө» суруйбуттара.  Кырдьык даҕаны, Дьокуускайбыт төһө да түөрт үйэ курдук сайдыбытын иһин, Хоту сир куората буоларын кэпсиир тутуу сыта да суох. Төһө да кэннэки сылларга араас дьиэлэри дьэндэппиппитин иһин, туох да ураты архитектуралаах тутуу суоҕа чахчы. Биир бэйэбэр онон-манан ойута тардыбыт курдук тутуулардаах куораппыт, кыһалҕа быһа сиэбит абырахтаах ырбаахытын кистии сатыыр түбүктээх саастаах дааманы  санатар.  Таптыыр, ытыктыыр куораппыт маннык дьүһүннээх-бодолоох буолан турара үгүспүтүн хомотон эрдэҕэ… Аһыммыппыт иһин хайыыр да кыахпыт суоҕа бэрт буоллаҕа. Арай дьиҥ-чахчы куораппытын  өрө тардар хаһаайын эрэ кэллэҕинэ, Дьокуускайбыт тупсар ини диэн эрэниэхпин баҕарабын.

Ааспыт 17-18 үйэлэргэ Дьокуускай аҥаардас атыыһыттар, чунуобунньуктар, мещаннар эрэ куораттара эбит буоллаҕына, билигин, общество сайдыытынан, нэһилиэнньэтин састааба улаханнык уларыйдаҕа. Манна 90-с сыллардааҕы общество уларыйыытын эбэн кэбиһиҥ. Онон, киин куорат – бэйэтэ  туспа ирдэбиллээх, обществоҕа көрүүлээх, онтун хайа баҕарар олоххо киллэрэр кыахтаах, нэһилиэнньэ инники күөҥҥэ сылдьар араҥалара түмсүбүт киин куораттара буолла. Аныгы Дьокуускайга – араас общественнай тэрилтэлэр, хамсааһыннар, культурнай сабыытыйалар үлэлэрэ-хамнастара улахан оруолу ылар. Манна куорат таһынааҕы тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэнньэлээх пууннар кыһалҕаларын быһаарыыны  эбэн кэбиһиҥ. Бу эҥин-араас таһымнаах нэһилиэнньэ көрдөбүлүгэр эппиэттиир, кинилэри хайа эрэ өттүнэн иилиир-саҕалыыр дьоҥҥо, тылын-өһүн тириэрдэн көҕүлүүр, салайар мээр наада. Араас таһымнаах, сайдыылаах омуктартан турар  куорат олохтоохторун салайарга, кинилэр кыһалҕаларын быһаарарга, Сахабыт эрэ сиригэр буолбакка, Кииҥҥэ эмиэ дьыаланы быһаарсар кыахтаах үрдүк таһымнаах буолуохтаах.

Надежда Никанорова.

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru