Саҥа дьыл сүпсүлгэнигэр буолан, дьон миитиннии тахсыа суоҕа диэн сабаҕалааһын баара да, хартыына букатын атыннык эргийэн таҕыста. Оппозиция миитинин кэмигэр былаас диэкилэр эмиэ түмсэ сырыттылар. Ол гынан баран, онно сүүсчэкэлии эрэ киһи тахсыбыт. Дойду президенин быыбара чугаһаан, Госдумаҕа оппозиция партиялара «ньыгыллары» кытары тэҥ-тэҥҥэ киирсэр кыахтаммыттарыттан эрдийэн, билиҥҥи былааһы утарааччылар улахан аймалҕаны тардар кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Владимир Путин хаалбыт үс ыйга «норуот сүрэҕин сүүйэр» курдук тиритэ-хорута үлэлиэн наада буолсу. Ол «тиритии-хорутуу» содулланар дуу, дьайыыланар дуу, биллибэт. Миитиҥҥэ хомуньуустар, националистар, антифашистар, «яблокалар», «демократтарбыт» дэнэр араас баартыйалар, бэл Пираттар баартыйалара кытары кыттыбыттар. Дьон кыыл мааскатын иилинэн баран көхсүлэригэр «Мы не бараны!» диэн суруммуттар. Ол – Вл. Путин аһаҕас эфиргэ олорон оппозициялары: «Бараны, вперед!» - диэн курдук луоһуннаах миитиннии тахсаллар диэн эппитин өһүргэс оҥостубуттар. Хас да эдэр киһи «Чуров, не колдуй!» диэн суруктаах аккырыыккалары тарҕаппыттар. Ол эмиэ, Дм. Медведев Киин быыбардыыр хамыыһыйа салайааччытын Владимир Чуровы Госдума быыбарын кэнниттэн «аптаах киһи» диэн ааттаабытыгар туһааннаах. Оппозиция миитинигэр элбэх биллиилээх дьон, артыыстар кыттыбыттар. Артемий Троицкай «миитин арҕааттан үбүлэнэр» диэччилэри элэктээн: «Где мои деньги, Хилари?» - диэн сураспыта буолбут. Музыка кириитигэ «презерватив көстүүмүн» кэтэн таҕыстым диэн миитиннээччилэри эмиэ саатаппыт. Күлүү күлүүнэн, элэк элэгинэн, Ол гынан баран оонньообуттара оҕус буолаарай. Дойду олоҕун аймалҕанынан түүрэйдээн туран дьалкытар, биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах норуокка тугунан диэлийэн тахсыа биллибэт. РФ үбүн миниистиринэн өр сылга үлэлээбит Алексей Кудрин, Чуровы астаапкаҕа ыытары өйөөбүт. «Необходимо принять закон о партиях, провести регистрацию, предвыборную кампанию, и только после этого мы сможем провести выборы. Решение нужно принять до 4 марта, иначе возникнет угроза революции», – диэн тойоннообут. Тойотторбут даҕаны дьүһүн кубулуйаллара түргэнин диэтэҕиҥ. Бээһээ Путинныын, бүгүн Рыжковтыын. Владимир Рыжков үйэ саас тухары Путины утарарынан биллэр. «Парнас» диэн баартыйалаах. Миитиҥҥэ националистары кытары антифашистар хапсыбыттарыгар, Рыжков: «Россия для всех!» – диэн сыанаттан хаһыытыы сатаабыт. Былаас дьонун компроматынан тамныыр блогер А.Навальнай: «Здесь достаточно людей, чтобы взять Кремль прямо сейчас. Но мы мирная сила, мы не сделаем этого… пока», - диэччи буолбут. Миитиннээччилэр «аны да кэлиэхпит!» диэн Кириэмилгэ суоһурҕаммыттар. Тугу-тугу оҥорон эрэллэрэ буолла…
***
Аартык.ру
Комментарии