"Намыһах" уонна "үрдүк" итэҕэл диэн суох

Пятница, 23 Декабря 2011 13:13
Оцените материал
(0 голосов)

default_copyХас көлүөнэ Итэҕэл туһунан умнан, билбэккэ уонна истибэккэ кэллэ?! Тэрис «Кыым» хаһыат бу сыл 32 нүөмэригэр «Күрүө» диэн суруйуутугар «итэҕэллэр икки көрүҥҥэ арахсаллар: намыһах уонна үрдүк диэннэргэ» диэн суруйбут.

 

Итэҕэл «намыһах уонна үрдүк диэннэргэ» арахсыбат. Бу Орто туруу бараан Аан Ийэ дойдуга олох олохтонуоҕуттан, киһи аймах үөскүөҕүттэн сүрүн итэҕэллэринэн:

1.    Анимизм (неоязычество);

2.    Индуизм;

3.    Иудаизм;

4.    Буддизм;

5.    Христианство:

6.    Ислам буолаллар.

Көстөрүн курдук, анимизм а.э. неоязычесво, ол аата, Аар Айылҕаҕа сүгүрүйүү, айылҕаны, тулалыыр эйгэни тыыннааҕымсытан уонна иччилээн көрүү – итэҕэл бастакы таһыма эбит, а.э. Аҕа Итэҕэл.

Ол кэнниттэн бу итэҕэллэртэн силистэнэн-мутуктанан тус-туһунан үөрэхтэр тарҕаммыттар. Холобур, синтоизм, зороастризм, даоцизм, конфуцианство, суннизм, шиизм, католицизм, православие онтон да атыттар.

Киһи аймах үөскүөҕүттэн итэҕэл баар буолан, а.э. Аҕа Итэҕэл баар буолан уонна билиҥҥэ диэри Аҕа Итэҕэлтэн тирэхтэнэн саҥаны, сонуну кэпсиир, тарҕатар итэҕэллэр үөскээн Эдэр Итэҕэл диэннэр бааллар. Билигин итэҕэллэртэн эдэрдэрэ ислам. Исламтан суннизм, шиизм, шиизмтан друизм уонна бахаизм диэн үөрэхтэр арахсаллар. Онон итэҕэл Аҕа Итэҕэл уонна Эдэр Итэҕэл диэннэргэ арахсар.

Православие билигин Аҕа Итэҕэл таһымыгар тахсан дуу, буола сатаан дуу, атын итэҕэллэри бопсон, үөрэтэн эрэр. Ол курдук, бу соторутааҕыта, сэтинньи алтыс күнүгэр ислам итэҕэлэ «курбан-байрам» сиэри-туому ыытыытыгар орооһон турда. Садага сиэригэр туттуллар барааны өлөрөллөрүн бобуста. Сиэр-туом ыытар дьоҥҥо мэһэйи оҥордо.

Онтон кэм-кэрдии кээмэйинэн, бу адьас соторутааҕыта христианство уонна христианствоттан тахсыбыт православие үөрэҕэ садага сиэрин-туомун ыыта сылдьыбыттара. Ол курдук, А. Рублев «Троица» 1422-1427сс. уруһуйдаабыт иконатыгар үс кынаттаах бодону (уобараһы) көрөбүт. Үс бодо эйэ дэмнээхтик олороллор, иһиттэригэр бараан төбөтө сытар. Бу эрэ буолбатах, XV үйэ бүтэһигэр XVI үйэ саҥатыгар уруһуйдаммыт Третьяковскай галереяҕа турар Псков куораттан аҕалыллыбыт «Троица» иконаҕа астаах остуол аттыгар сулардыы бытыктаах киһи барааны хабарҕатын быһаҕынан быһан эрэрэ көстөр. Ойоҕоһуттан, икки өттүттэн Авраам уонна Сарра графиннаах утахтары остуолга ууран эрэллэр. Остуолга күндүлэтэ-маанылата үс кынаттаах бодо олорор.

_____________________________________________________________________

 

Бу маннык быһыыны-майгыны өбүгэлэрбит «кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа арыылаах» диэн өс хоһоонугар эппиттэр. «Алгыс баһа сыаланнын» дии сырыттахпытына, бу сыа хайдах быһыллан, эттэнэн кэлэрэ көстөн кэлэр, син-биир хааннанар. Онон «алгыс баһа арыыланнын»! алгыс ылар, Аар Айыыларга хайыһар кэмҥэ хаан-сиин тохтуо суохтаах.

_____________________________________________________________________

 

Бу маны Аҕа Итэҕэллэр билэллэр. Христианствоттан, исламтан Аҕа индуизм уонна буддизм итэҕэллэрэ сири-уоту, хамсыыр-харамайы хайдах курдук харыстыылларый?

Ити курдук, христианство бу сиэртэн-туомтан (садага) аккаастанан ислам итэҕэлэ сиэр-туом ыытарыгар хаан-сиин таһаарарын сэмэлээн эрэр. Бу сөп. Аҕа эдэри үөрэтэр. Ол аата, христианство киниттэн өссө Аҕа Итэҕэлтэн үчүгэйгэ үөрэммит, хаан-сиин таһаарартан аккаастаммыт. Ырааһырбыт. Кэм-кэрдии хаамыытынан аны ислам итэҕэлэ хааннаах садагаттан аккаастанара күүтүллэр. Үүнүү-сайдыы сиэринэн, майгытынан.

«Троица» икона Аҕа Итэҕэл, Эдэр Итэҕэл уонна Итэҕэйээччи бары биирдэр, биир Аҕа Итэҕэлтэн силистээхтэр-мутуктаахтар, Аҕа Итэҕэл тула түмсэллэр диэн кэпсиир.

Аар Айылҕаны тыыннааҕымсытан, иччилээн көрүү, итэҕэйии бары омуктарга баар. Айылҕаны чинчийээччи, бөлүһүөк Масару Эмото ууну иһиккэ кутан тапталга, табыллыыга, айылҕаны харыстааһыҥҥа 1-3 чаас устата мантра (алгыс) ааҕан баран, ууну тоҥорон көрдөҕүнэ, бу уу араас дьикти сарадахтанан, суһумнуу оонньоон, туох-ханнык мантра (алгыс) ылбытынан тоҥор. Уу истэр, билэр, тугу истибитин-билбитин, информацияны хайдах ылыммытын, өйдөөбүтүн эппиэттэһэр өйдөөх эбит. Онон Масару Эмото анимист, а.э. неоязычник, айылҕаны тыыннааҕымсытан көрөр Аҕа Итэҕэли тарҕатааччы буолан тахсар. Аны туран, Германия олохтооҕо, Саха сиригэр үстэ кэлэн барбыт Герберт Вагнер эмиэ саҥа көлүөнэ анимист, а.э. Аҕа Итэҕэли хомус, дорҕоон уонна айылҕа көмөтүнэн тарҕатааччы, үөрэтээччи ойууммун дэнэр.

Хомус дьүрүһүйэр тыаһын, айылҕа хатыламмат кэрэ көстүүтүн, музыкатын дьүһүйэр уонна үрдүккэ, Куйаарга көтүтэр дорҕооннооҕун, хомус Куйаары кытары быстыспат ситимин билэн, И.Н. Готовцев – Хоһуун Уус 2000 с. «Куйаар хомуһун» – космическай хомуһу оҥорбута. Бу барыта Аар Айылҕаны тыыннааҕымсытан көрөр Аҕа Итэҕэли истээччилэргэ хомус нөҥүө тиэрдэр. Ол иһин, хомус дьүрүһүйэр алыптаах дорҕоонун истээри хомус тула элбэх киһи мустар. Хомус нөҥүө Үрүҥ Аар Тойон, Бүппэт Улуу Куйаар, Аар Айылҕа – Айыы хаан аймаҕар, Күн Өркөн дьонугар (человечество) илдьиттэрин, кистэлэҥ кэпсэллэрин сахалар илдьэ сылдьабыт.

____________________________________________________________________

 

Эдэр Итэҕэллэр сайыннахтарына (монотеизм – биир Таҥара) Аҕа Итэҕэл таһымыгар тахсаллар. Ону «Троица» икона кэпсии сылдьар: «Бог отец – Аҕа Итэҕэл, бог сын – Эдэр Итэҕэл эбэтэр үөрэтээччи, и дух святой – Итэҕэйээччи», а.э. Аҕа Итэҕэл, Эдэр Итэҕэл уонна Итэҕэйээччи биир Айыы аартыгынан айанныыллар, биир өйдөбүлгэ, биир санааҕа кэлэллэр, биир итэҕэлгэ силбэһэллэр. Ол иһин арахсыспаттар, бииргэ сылдьаллар.

____________________________________________________________________

 

Эн-мин дэһиспэккэ,

Атарах-сатарах сыльыбакка,

Ийэ Айылҕабытын чэлгитиэххэ,

Или-Эйэни олохтуохха,

Ийэ Сирбитин туругурдуохха!

 

           Домм! Домм! Домм!

Харысхан, Үөһээ Бүлүү

     

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru