Кинини сэргэ күлүүс хаайыытыгар уурулуннулар – Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ, 35 сылы быһа ньиэп-гаас эйгэтигэр үлэлээбит Игорь Алексеевич Чикачев уонна эдэр, кэскиллээх салайааччы – Игорь Иннокентьевич Пахомов. Бу дьону барыларын, ону кытары «Якутгазпром» ААУо (билигин «ЯТЭК») кылаабынай буҕаалтырын Владимир Семенович Рожины, «экэнэмиичэскэй буруйу оҥордулар» диэн кэриэтээтилэр.
Маннык ыарахан күҥҥэ-дьылга, бырааппыт буруйа суоҕар итэҕэйэр, күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбут доҕотторугар, дьокутааттарга, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэригэр, билэр-билбэт дьоммутугар-сэргэбитигэр улаханнык махтаныахпытын баҕарабыт. Кыра да эрэх-турах кыымын саҕар, төһөлөөх абыраллааҕын хаарыйтарбыт эрэ киһи өйдөөн эрдэҕэ.
Афанасий Максимовы уонна кини биир идэлээхтэрин, чуолаан, ким «ыйан-кэрдэн» итинник тыйыс бириигэбэргэ тиэрдибитин билэр, сэрэйэр дьон бааллар. Урукку «Якутгазпром» ААУо, билиҥҥитэ «Якутская топливно-энергетическая компания» бас билээччилэрин интэриэһин көмүскүүр иирбэ-таарба бэлиитикэ содулуттан сойуолаһыы саҕаламмытын эмиэ сэрэйэллэр. Силиэстийэ сиирэ-халты, сокуону толоостук кэһэн туран ыытыллыбыта даҕаны, дьыала эрдэттэн «үлэх быһыытынан» сакаастаммытын туоһулуур.
Дьыала ис дьиҥин иҥэн-тоҥон билэр киһи аҕыйаҕых. Дьон үксэ үһү-таамах быһыытынан бу дьыаланы истэллэр. Ол иһин дьоммутугар-норуоппутугар дьыала-куолу ис хоһоонун кылгастык билиһиннэрэргэ сананныбыт.
Афанасий 1964 сыллаахха Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр элбэх оҕолоох учууталлар дьиэ кэргэннэригэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа аҕабыт төрөөбүт сиригэр Таатта улууһугар Уус Тааттаҕа ааспыта.
Оскуола кэнниттэн Афанасий кыра эрдэҕиттэн ыра гыммыт санаатын толорон, Кременчуктааҕы (Украина) летнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Училищены туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн өр кэмҥэ летчигынан үлэлээбитэ, үксүн хоту улуустарга көтөрө. 1996 сыллаахха Киевтээҕи гражданскай авиация университетын бүтэрэр уонна «инженер-экономист» диэн специальноһы ылар.
Уларыйыы-тэлэрийии сылларыгар, Афанасий бэйэтин үбүнэн «Якол» диэн ааттаах хампаанньа бөлөҕүн тэрийэр. Онно «Якол» ньиэп тэрилтэтэ, «ЯколСтройСервис» тутуу фирмата, «Илин» авиахампаанньа, «Илин-Тур» туристическай фирма киирэллэр. Үлэ, хамнас кырыымчык кэмигэр «Якол» сүүһүнэн киһини (үксүлэрэ ыччаттар этэ) үлэнэн хааччыйар, дьиэ кэргэттэрин иитэр кыах биэрэр. Бырааппыт өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҕус урбаан атаҕар турарыгар, сайдарыгар туох баар сыратын-сылбатын, сатабылын ууран, көлөһүнүн тоҕон туран үлүгэрдээхтик үлэлээбитэ. Кини тэрийбит тэрилтэлэрэ («Саханефтегаз ААУо ННГК салайыан иннинэ) дойду хааһынатыгар нолуок быһыытынан билигин ити туох да дакаастабыла суох сыһыарар «таһаарбыт хоромньуларыттан» итэҕэһэ суох сууманы киллэрбитэ. «Буруйу оҥорор тэриллиилээх бөлөх» буолан «Талакаан-Витим» ньиэп-гаас турбатын тутуутугар 500 мөл. солкуобайы «уордулар» диэтилэр. Оттон 500 мөлүйүөн диэн кыра сума буолбатаҕын бары өйдүүр буолуохтаахпыт...
Ийэлээх аҕабыт - Пелагея Афанасьевна уонна Николай Николаевич Максимовтар аҕыс оҕону төрөтөн киһи-хара оҥорбуттара, ону таһынан үс балыстарын ииппиттэрэ. 40 сылы быһа тыа оскуолаларынан – Дьааҥынан, Горнайынан, Тааттанан көһө сылдьан үлэлээбиттэрэ. Бэйэлэрин оҕолорун, үөрэтэр оҕолорун үтүө үлэһит, амарах санаалаах, чиэһинэй, суобастаах буоларга ииппиттэрэ. Аҕабыт Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, ийэбит – тыыл бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара» диэн үрдүкү ааттаах.
Биһигиттэн барыбытыттан Афонябыт саамай тэһиккэй өйдөөхтөрө, саамай кырдьыксыппыт, үтүө санаалаах, көнө, аһаҕас дууһалаах киһибит. Максимовтартан биир да киһи атын дьон баайын-дуолун уорбут хара аньыыбыт суох. Ама, Афонябыт кэлэн уоруо үһү дуо?! Суох буоллаҕа! Кини судаарыстыбаттан буор босхо ылбыта диэн хаһан да суоҕа. Мерзлотка ороуйуонугар баар Дьоккуускайдааҕы дьиэтин өссө «Саханефтегазка» киириэн иннинэ туттубута. Москубатааҕы квартиратын былыр үйэҕэ бэйэтин кэтэх тэрилтэлэрин нөҥүө төлөөн бүтэрбит дьыалата этэ.
Биһиги аҕыс бииргэ төрөөбүттэртэн биирбит эрэ судаарыстыбаттан өр үлэлээбитин иһин дьиэ ылбыта. Ону даҕаны суобаһырҕыы-суобаһырҕыы. Дьиэ биэрэр күннээх да буоллахтарына, дьиҥинэн, Афанасийга биэриэхтэрин сөбө. Тыйыс усулуобуйалаах хоту улуустарынан өр көппүт, үлэлээбит киһиэхэ.
Бырааппыт хаһан да киһини омугунан көрөн араарбат. Кими баҕарар бастатан туран киһи быһыытынан сыаналыыр. Ол иһин доҕотторун ортолоругар араас омук дьоно барыта бааллар. Кини олус аламаҕай майгылаах. Көмөҕө наадыйбыт киһиэхэ өрүү кыаҕа баарынан көмөлөһөр, хаһан да кимиэхэ да акаастаабат, аантан ынтах үүрбүтэ диэн суох. Бизнесмен быһыытынан дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүн өйдүүр дьон баһаам буолуохтарыгар бүк эрэнэбит. Айар дьоҥҥо, спортсменнарга, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар тэриллэр тэрээһиннэргэ элбэхтик көмөлөспүтэ.
Үөрэҕирии сылын түмүгүнэн, Афанасий Николаевич Максимов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта, «Үөрэхтээһин мецената» диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Саха сирин элбэх оскуолаларын Попечителлэрин сүбэтин чилиэнэ. Авиация сайдыытыгар кылаатын иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин авиациятын үтүөлээх үлэһитэ. Бырааппыт көмөлөспүт биирдиилээн дьоно, социальнай тэрилтэлэр махтаммыт суруктарын, кырааматаларын ааҕан сиппэккин.
Төрөөбүт Тааттата халаан уутугар былдьаммытыгар аан бастааҥҥынан кини көмөҕө ыстаммыта. «Илин» авиахампаанньатын бөртөлүөттэрэ төһөлөөх киһини быыһаабыттара буолуой. Оттон баһаардары умуруорууга төһөтө көппүттэрэ этэй...
Афанасий төрөөбүт норуотун духуобунай баайа сөргүтүллэригэр бэйэтин кылаатын эмиэ дьоһуннаахтык киллэрдэ дии саныыбыт. Өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар, аатыгар-суолугар улахан өҥөлөөх дьон үлэтин үйэтитэн элбэх кинигэни бэйэтэ үбүлээн таһааттарда. Холобурга диэн аҕыйаҕы аҕыннахха -- «Русское сердце Арктики» диэн кыраайы үөрэтэр учуонай, хотугу нууччалар култуулараларын чинчийбит А.Г.Чикачев туһунан; Русское Устье, Походское сэлиэнньэлэргэ олорор олохтоох нууччалар уус-уран айымньыларын кинигэтэ: эмчит, Айыы ойууна Владимир Кондаков «Религия Аар Айыы» кинигэтэ...
Ама да буолтун иһин, итини барытын туора сотон, умнан кэбиһиэх муҥмут дуо?..
Афанасий Николаевич Максимов Ил Түмэн II, III уонна IV ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата. Өрөспүүбүлүкэ парламенын билиҥҥи мунньаҕар 2008 сыллаахха Чурапчы-Таатта 31-с № -дээх биир мандаттаах быыбардыыр уокуругуттан талыллыбыта.
Киэн туттар, иннибитигэр уктар тумус туттар бырааппытын 4 сылы быһа соһо сылдьан эккирэтистилэр. Хаһан эрэ көҥүлбүтүн, бырааппытын мэктиэлиибин диэн саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар андаҕайбыт үрдүк сололоох киһи сорудаҕынан сойуолаһыы түмүгэр, билигин, хаайыыга харайдылар. Уонна кимиэхэ итэҕэйиэхпитий, кими күн-ый гыныахпытый?! Сатаан тобулбаппыт…
Түөрт сылы быһа өһөөн туран биһиги дьиэ кэргэммит аатын-суолун киһи иилэн ылбат гына алдьаттылар. Саха норуотун интеллигенциятын сорҕото буолбут төрөппүттэрбит туһунан үтүө өйдөбүллэри сиргэ-буорга тэбистилэр.
Киин хаһыаттар, тэлэбиидэнньэлэр дьокутаат Максимовы суоһарар ыстатыйалара хараана суох тахсаллар...
Үс сылы быһа өрөөн көрбөккө, кыра оҕо баар диэн туттуммакка, бырааппыт дьиэтин истэри-тастары дьэҥдьийдилэр. Туох да сууттан-сокуонтан көҥүлэ суох төлөпүөннэрин истэ олороллор (бэл, факска кытары «жучок» хатана сытарын булабыт), ол кэннэ саҥаны-иҥэни үнтү эргитэн бэчээккэ биэрэллэрэ абалаах...
Суут бириигэбэрэ тахсар түүнүгэр диэри дьиэтин таһыгар хара массыына күлүгүрэн турбута… Бу сыллары быһа бырааппыт туһугар төһөлөөх түрүлүөн түүнү, ыарахан чааһы аһарбыппыт буолуой?! Төһөлөөх уу көппүтэ, ас аҕырбыта буолуой?! Ааҕар кыаллыбат...
Дьоммут-сэргэбит, истиҥ эрэ! Туох ааттаах бас баттах бардылар?! Хайдах сиргэ, хайдах судаарыстыбаҕа олоробутуй?!
…Үөһээ «Якол» хампаанньаҕа киирэр тэрилтэлэр ааттарын ааттаталаабыппыт: «Якол» ньиэп хампаанньата, «ЯколСтройСервис» тутуу фирмата, «Илин» авиахампаанньа, «Илин-Тур» турфирма... Билигин бу тэрилтэлэртэн биирэ эмэ, ити саатар «Якол» диэн суруктаах уматык ыстаансыйаларыттан биирэ эмэ дьокутаат Максимовка хаалбыта буолуо дуо? Тугу да ордорботулар! Туура барытын былдьаан ыллылар! …Дьокуускайдааҕы дьиэтэ уонна Москубатааҕы аарыстаммыт дьиэтэ, аарыстаммыт массыыната эрэ хааллылар. Бу айылаах сүүрэн-көтөн, үлэлээн-түбүгүрэн тэрийбит тэрилтэлэриттэн үс сыл иһигэр ньылбыччы ытыс соттон хаалла…
Холуобунай эккирэтиини сакаастаабыт дьон бизнеһин эрэ былдьаабатылар, доруобуйатын, ньиэрбэтин эмиэ олорчу сиэтилэр. Онно сөп буолбакка, аны билигин, хаһан иккистээн өнүйбэтин диэн, 30-с сылларга курдук, хаайыы сирэйдиир соруктаахтар!!!
Туох инниттэн?! Оччолорго былааһы тутан олорбут киһини утары барбытыттан, Сахатын сирин экономикатын интэриэһин аһаҕастык, хорсуннук турууласпытыттан…
Бу айылаах эккирэтиһиини, муннукка хаайыыны, ыгыыны-түүрүүнү бырааппыт барахсан булгуруйбат санаатын күүһүнэн, охтон-бүдүрүйэн биэрбэт үс кутун бөҕөтүнэн, Сокуон уонна Кырдьык хайаан да кыайыахтаах диэн ис сүрэҕиттэн эрэнэриттэн эрэ тулуйан, кыайан сылдьар.
Биһиги бииргэ төрөөбүттэр кини саамай истиҥ, чугас дьоно буоларбыт быһыытынан, киниэхэ итэҕэлбит сүдү, туруулаһар буоллахха, киһи быраабын араҥаччылыыр Европа да суутугар тиийэн кырдьыгы таһаарыахпыт диэн чиҥ санаалаахпыт.
Кыларыйар кырдьык тахсарын туһугар, Афанасий Максимов уонна кини доҕотторун, биир идэлээхтэрин Игорь Чикачеву, Игорь Пахомовы уонна Владимир Рожины үтүө ааттарын сымыйа буруйтан босхолуур туһугар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрин, биир идэлээхтэрин дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар туһаайбыт сурукпутун өйөөн илии баттыыргытыгар көрдөһөбүт. Тылбытын ылыныаххыт, көрдөһүүбүтүн быүа гыныаххыт суоҕа диэн эрэнэбит.
Ытыктабылы кытта Ил Түмэн дьокутаатын Афанасий Максимов бииргэ төрөөбүттэрэ: Владимир, Надежда, Виктор, Николай, Нина, Федор, Андрей.
Билсиһэр төлөппүөн: 8-964-418-7999.
Ахсынньы 20 күнэ, 2011 сыл, Дьокуускай куорат.