Бу орто дойдуга тыынар тыыннаахтан ураты абааһы эрэ баарыгар итэҕэйээһин, Айыылар суохтар диэн, Айыылардыын алтыһар, алгыс ылар, илдьит тутар, этитии суруйар сайдыылаах дьоммутун киһиттэн итэҕэс курдук ылыныы баар суол.
Интэриэһинэй дьоннуун алтыһан, мин дьиктиргиирим күн аайы эбиллэн иһэр.
Сүүс киһиттэн улахан аҥара абааһы туһунан итэҕэйэрэ саарбаҕа суох. Онтон Сырдык суруйууларыгар аһаҕастык АЙЫЫЛАР тустарынан кэпсиирин кураанах дойҕох диэччи баһаам. Бэйэм да бастааҥҥыттан барытын ылынар этим диэтэхпинэ баһааҕырдыы буолар. Киһилээх хайатыгар бастакы айаҥҥа хонон турбуппут кэннэ, Алексей Иванович «бүгүн биһигини Айыылар арыаллыыллар…» диэн түүлүн туһунан кэпсээбитин кулгааҕым таһынан истибитим. Аара суолга икки аһаҕас эттээх, көрөр-истэр дьон былыты одуулаһан кэпсэтэ туралларын көрөн баран, интэриэһиргээн ыйыталаспыппытыгар – «… ол улахан кырдьаҕас кэлэн турар…» диэбиттэрин нэһиилэ дьүөгэбинээн өйдөөн көрбүппүт, кырдьык, сүүнэ улахан киһи дүҥүрү охсор хамсаныылаах күлүгэ халлааҥҥа көстөрө… Троица күн хайаны дабайбыт биэс уонча киһи халлааҥҥа Айыылары – дьиктини көрбүттэрин туһунан Яна Угарова «Журфикс» сурунаалга «…атын киһи кэпсээбитэ буоллар итэҕэйиэм суоҕа…» диэн суруйан турардаах. Алтайга хайалаах сиргэ сылдьан дүҥүр тыаһын сахалар эрэ истэрбит эмиэ дьикти этэ.
«Сарсыарда эрдэ уһугуннахпына суруй диэн кэлэр» диэччи харандааһынан биир да буукубаны, тылы көннөрбөккө алгыс суруйар. Айдарыылаах дьоҥҥо этиттэрэн аат аныыр дьикти киһи баар. Урут суруйан холонон да көрбөтөх киһи этиттэриинэн үс олоҥхо суруйан, өссө да салгыы суруйа сылдьар. Айан иннигэр хайдах сырыы буоларын суруйар киһи баар. Холобура, Калифорнияҕа мээнэ хаар түспэт сиригэр, Сырдык бөлөҕө барыан иннинэ этитиигэ «…халыҥ хаар…» эҥин диэн баарын алҕас буолуо диэн суруйбут да киһи улахаҥҥа уурбатаҕа. Онтубут Шаста хайа тэллэҕинэн халыҥ хаарынан хааман сылдьыбыттаахпыт. Нууччалыы-сахалыы хааһылаан, бутуйан саҥарар киһи, күннээҕи олоҕор туттубат тылларынан сахалыы суруйан субурутар буолуута. Бу барыта дьикти…
Санаан суруйа сатаатахха Айыылар көстүүлэрин туһунан былыр да, билигин да туоһу элбэх.
____________________________________________________________________
Онон күндү ааҕааччыбар этиэхпин баҕарабын. Итэҕэй-итэҕэйимэ – чараас эйгэ баар. Абааһы баар. Айыылар бааллар. Ону учуутал, учуонай, ойуун... (ким да буоллун) семинардарга, кинигэҕэ… (ханна да буоллун) бэйэлэрин таһымнарынан быһаараллар. Тугу онтон ылынарыҥ-ылымматыҥ, туохха, кимиэхэ итэҕэйэриҥ-итэҕэйбэтин, дьэ кырдьык, бэйэҥ дьыалаҥ.
____________________________________________________________________
Олоххо туох барыта буолуон сөп. Онон, ааҕааччым, биир үтүө күн түүлгэр дуу, илэ дуу Айыылар кэлэн алтыстахтарына, саҥаны сипсийдэхтэринэ, сүбэлээтэхтэринэ соһуйумаар, куттанымаар дуу. Төттөрүтүн болҕомтоҕор хатаа, наадаҕын сурас, ыйытыахтааххын ыһыктыма, түгэни мүччү көтүмэ…
Итэҕэйбэт дьоҥҥо биллэн туран, Айыылар көстүбэттэр. Кинилэр олоххо куһаҕан өрүтүн эрэ ылынар буоланнар, абааһылар илэ батыһа сылдьыахтарын сөп.
Онон Айыылар биэрбит бэлэхтэрин бэйэҕэр биһирээ. Билбит, кэлбит информацияны сэргээччилэрдиин үллэһиҥ. Толору иһиккэ уу таһынан тохторун курдук бэйэм эрэ билиэм диэн хаһааннаххына, биитэр өйдүөхтэрэ суоҕа диэн саараан сонуну сабыннаххына, саҥа кэлбэт, киирбэт. Хайдах толоруга кутуллуой? Толору сүөккэннэҕинэ, үллэһиннэххинэ, тарҕаттаххына быһаҕастанар. Дьэ, оччоҕо өссө саҥаттан саҥа дьиктилэр буолуохтара….
Хомпорууна.
"Кистэлэҥ күүс" хаһыат.