Дьокуускай куорат тэрилтэлэрин салайааччылара эчи элбэх да буолар эбиттэр. Дыбарыас саалатыгар лыык курдук симилиннилэр. Ол үөһээ бырабыыталыстыба чилиэттэрэ, кэмитиэттэр салайааччылара, дьокутааттар… ханна да турар да, хаамар да быыс-хайаҕас суох.
Президент бастаан демократичнай киһи буоларын быһыытынан дьоҥҥо талларда: «бастаан мин кэпсээбитим кэннэ ыйытыыга-хардаҕа киирэбит дуу, эбэтэр тута ыйыталаһан бараҕыт дуу» диэн. Салайааччылар бастакыны таллылар.
Егор Афанасьевич 1,5 сыл президеннээбит кэмигэр туох ситиһиллибитин-ситиһиллэ илигин кэпсээтэ. Быыбар бөҕөтө «тоҕо анньан кэлбитин» - улахан быһаарыылаах күн-дьыл үүммүтүн эттэ. Субъект аата субъект, киин федеральнай былаас ханнык хараҕынан көрөрүттэн улахан тутулуктаахпыт. Президент бу балтараа сыл тухары РФ бырабыыталыстыбатын тутаах миниистирдэрин кытары барыларын көрсөн кэпсэппитин эттэ. Саха сиригэр тахсыахтаах уларыйыыга федеральнай үп кыттыстаҕына эрэ көдьүүһүн, тэтимин билиэхпит. Президент 52 млрд солкуобай Арассыыйа хааһынаттытан субвенция, дотация, субсидия көрүллүбүтүн этэр. Сир баайын хостуурга, социальнай дьиэлэри тутууга омук инвестордара, бааннара кэлэллэригэр федеральнай киин көҥүлүн ылан кэпсэтии бара турарын этэр. Бюджеты, боломуочуйалары тыырсыыга сокуон өттүнэн тула хайынар үлэ барарын кэпсээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ иһигэр муниципалитеттары кытары ханнык-туох үлэ барбытын, барарын сиһилии кэпсээтэ. Нэһилиэктэр икки ардыналарынааҕы суол-иис тутуута, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы, үүтү-эти туттарыы, сүөһүнү элбэтии – элбэх үбү уонна үлэни ирдиирэ биллэр. Муниципальнай тэриллиилэргэ көрүллэр 3 млрд солкуобайы кэнэҕэс бэйэлэрэ тыыралларыгар, тутталларыгар толору быраап бэриллиэҕин эттэ. Биллэн турар, улахан үбү тыырыы, туттуу уустук. Ол да буоллар ити суолу эрэйинэн-муҥунан да буоллар ааһыахтаахпыт диэн президент этэр.
Миэстэтигэр дьоҕус, орто урбаан сайдыахтаах. Оччоҕо нолуок киириитэ элбиэхтээх, бюджеты хаҥатыахтаах, бюджет хаҥаатаҕына – олох тупусуохтаах.
Улахан региональнай суолталаах бырайыактары кэпсээтэ. 2020 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар былаан, тиһик оҥоһулунна. Былааҥҥа-бырайыакка РФ инвестиционнай фондатыттан 7 млрд 200 мөл. солк. көрүллүбүт. Сорохтор ити айылаах үп көрүллүбүтүн кэннэ, бырайыак оҥотторон баран төттөрү түһэн хала сыһалларын эттэ. Ону президент суостаах «боруоста бөрөстүпүлүөнньэ» диэн ааттаата.
Уопсайынан, дьон санаата уларыйыахтааҕын кини тоһоҕолоон бэлиэтиир. Билиҥҥи курдук найыланыы, буоллун-хааллын диэн икки ардынан үлэлээһин, ким эрэ сүүрэн кэлэн суолун солоон биэрэрин кэтэһии үтүөҕэ тиэрпэт. Ол этэр 2020 сайдар тосхолбутун олоххо киллэрэрбит букатын уустук буолуоҕа. Санаа бөҕөх, харах, сүрэх уоттанара, өй-санаа дьэҥкэтэ ирдэнэр. Саха сирин сайдыытыгар, күннээҕи олохпут чэпчииригэр ким туһалаах санааны, былааны, бырайыагы оҥорорун президент сураһар. Хас көрсүһүү аайы. Ол гынан баран, дьон күттүөннээх этиитэ кэмчи быһыылаах ээ. Киһи барыта ыла эрэ сатыыр курдук. Ону биэрбэтэхтэринэ «тугу да оҥорбот былаас» диэхпит турдаҕа.
Президент биир улахан туруорсуута уонна үлэтэ – сир баайа Саха сиригэр туһалыахтаах. Урукку курдук гаас турбата ааһар, аттынааҕы нэһилиэктэр маһынан оттуна олороллоро тохтуохтаах. Ол курдук үрдүк күүрүүлээх уот линията Өлүөхүмэни, Сунтаары, Ньурбаны барытын хабан ааһыахтаах. Икки бастакы улуустарга тардыллыбыта. Билигн ньурбалар уочараттара. Чайыҥда гааһа эмиэ ааһар нэһилиэктэрин таарыччы гаастаан ааһыахтаах. Сотору тохсунньуга-олунньуга «Газпром» тойоно Миллер кэлиэхтээх, кинини кытары кэпсэтиэхтээхпит диэн Егор Афанасьевич этэр.
Президент кэпсээбитин кэннэ тэрилтэ салайааччылара ыйытыы биэрдилэр. Үгэс курдук, эрэй-муҥ үөрэттэҕэ буолуо, тойон-хотун албыннаһыыны, хайҕалы, илин-кэлин түһүүнү олус сөбүлүүр. Ол сиэринэн тэрилтэ салайааччылара президеҥҥэ быһаччы ыйытыы биэрбэккэ, «төрөөбүт президеннэригэр, бырабыыталыстыбаларыгар» махтанан-сүгүрүйэн, «хоолдьуктаах бэйэлэрэ хоҥкуйан» уһуннук-киэҥник тапталга билинэн эрдэхтэринэ, Егор Афанасьевич, быһа түһэн «ыйытыы-ыйытыы, туох ыйытардааххын?!» диэн быһа түһүтэлээн супту кыһалҕаны этиттэ. Сорох дьон кулгааҕар президент тыллара толоостук киирэллэр быһыылаах. Оттон киниэхэ да эмиэ эрэй буоллаҕа, бириэмэ ыгым – бырагыраама киэҥ.
Дьыссааттарга техүлэһиттэр хамнастара аҕыйах диэн туруорустулар. Президент: «Урут ити боппуруоһу киҥнэрэ-наардара холлон биэрэллэр, билигин эрэл кыымнаах ыйыталлар. Эрэниҥ. Эрэлгит туолуоҕа», - диэн буолла. Туох баар кыһалҕаны барытын суулуу тутан биирдэ быһаарар кыаллыбат. Учууталлар, иитээччилэр хамнастарын үрдэттибит. Билигин култуура үлэһиттэрин хамнастарын көрүөхпүт, онтон үөрэхтээһин салаатыгар үлэлиир техүлэһиттэр хамнастарын кытары ылсыахпыт диэн буолла.
Дьокуускайга түргэнник уонна чэпчэкитик тутуллар дьыссааттары тутуохха диэн кэтэх дьыссаат үлэһитэ этии киллэрдэ. Ону президент нэһилиэктэргэ саҕалаабыттара быданнаата. Архитектура көҥүллүүр буоллаҕына куоракка да тутуҥ диир. Ол гынан баран тааһа ордук диир санааҕа кэллэ.
Өлүөнэни туоруур муоста тутуллуор диэри уу тырааныспарынан туһанарбыт дэлэлээх буолуо дуо. Ыраах улуустарга барарга даҕаны «метеор», теплоход солбуга суох. Сергей Соколов кыһалҕатын туруорсан президент өйүгэр хатаммыт быһыылаах, ыраахтан эндэппэккэ биллэ. Соколов бириистэни тутарбар, теплоходтарбын тупсарарбар харчы көрбөккүт диир. Егор Афанасьевич «суол-иис сырыытын сааһылыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааммаҕа киириҥ, харчы ыллыҥ да быһа тутан бэриллибэт, эрдэ былааннанан харчы хамсыыр» диэн тырааныспар миниистиригэр Семен Винокуровка үлэлэһэригэр сорудахтаата. ФАПК «Якутия» тоҥорор установкатын көтүрэллэригэр «Комдрагметалл» салайааччытын Карл Васильевы көрдөстө. Чэ, ситигирдик көрдөһүү аҥаардаах ыйытыыларга президент туһааннаах бырабыыталыстыба чилиэнин булан биэртэлээтэ. Ол гынан баран дьон биирдии дьоҕус кыһалҕалары туруорсарын президент астыммата. Барытын кэлимсэ көрөн быһаарарга этии, идиэйэ биэриҥ дии сатыыр. Ким эрэ биир кыбаартал уутун турбатын президенинэн уларыттара сатыыр, ким эрэ биир уулусса суолун оҥотторо сатыыр. Дьиҥинэн ону мээр, куорат дьокутааттара барытын кэлимсэ көрөн ситимнээн, куорат уутун-хаарын, суолун-ииһин барытын тупсарыахтаахтара.Дьокуускайга – өрөспүүбүлүкэ киин куората буоларын быһыытынан элбэх үп, болҕомто көрүллэр, көрүллүө даҕаны диэн президент этэр.
Мунньахха Юрий Заболев эмиэ баара. Үс ыйынан барар киһи быһыытынан, куорат олоҕор улаханнык кыһаллара көстүбэт дьүһүннээх, ортоку эрээккэ дьон ортотугар холкутук олорор этэ.
\