Бу түмүгэ көстүбэт кыґал±аны туоратарга, дьон санаатын истээри баґылык солбуйааччыта В.И.Авксентьев мунньа±ы саҕалаата. Кини этэринэн, саас оптуобус суоппардарыгар саІа куонкурус биллэриллиэхтээх. Онно нэґилиэнньэ санаата, сайаапката, туруорсуута учуоттаныллыа±а, киирбит этиилэр µірэтиллиэхтэрэ, ураты бол±омтону айаннааччылар куттала суох буолууларыгар ууруохпут диэтэ.
Дьокуускайга кµннэтэ 650-чэ оптуобус рейскэ тахсар, кинилэр айаннарын икки ардын, графигын биир кэлим диспетчерскэй сулууспа хонтуруоллуур. Кілі каартата туттуллуо±уттан сэтинньи ыйга диэри 13.000 кэриІэ каарта атыыламмыт.
Бу кµн кэлбит дьон санаатын аґа±астык уонна туруорсуулаахтык эттэ. Урукку Јктііп ірібілµµссµйэтин кµнэ буолан эбитэ дуу, дьон µксэ Сэбиэскэй кэми а±ынна, тіліннііх тыллары этитэлээтэ, оччолорго айаннааччы бµгµІІµ кыґал±алары кірсµбэт этэ диэтэ. Кµн бµгµн чааґынай айаннааччыларга 69 µІсµµ сайаапката киирбит. Суоппардар култууралара намыґа±а, рациянан салону биир гына кэпсэтэллэрэ, куґа±ан тылынан аґа±астык µіхсэллэрэ, табахтыыллара, кілі каартатын былдьыыр да тµбэлтэлэрэ баара ыйылынна.
Кэнники сылларга оптуобус суоппара кыттыгастаах суол быґылаана элбээбитин ГАИ бэрэстэбиитэлэ иґитиннэрдэ. Дьон эчэйиилээх 11 суол саахала тахсыбыт. Манна суол туруга, суоппардар бэйэлэрэ да аралдьыйаллара тірµіт буолбут. Бэйэ-бэйэлэрин кытары эккирэтиґэллэр, ыксыыллар, уулусса±а баар суол бэлиэлэрэ уларыйбытын кірбіттір. Элбэх сиргэ суол саІалыы оІоґуллар, онно турбут бэлиэлэри сорох тµгэІІэ сарсыныгар суох оІорон кэбиґэллэр. Ханна барбыта, ким ылбыта биллибэт. Јссі биир тірµітµнэн оптуобустарга µксµн кэлии дьон µлэлииллэрэ буолар. Кинилэр куораты билбэттэр, маршруттарын быґаарбаттар. «СоюзАвто» тэрилтэ дьону µлэ±э ыларыгар уруккутун ымпыктаан-чымпыктаан кірбіт. Бу киґи ба±ар урут суол быраабылатын кэспитэ, быґылааІІа тµбэспитэ буолуо дуо диэн бэрэбиэркэ, хонтуруол ыытыллыбат. Онон дьону µлэ±э ылалларыгар каадыр боппуруоґа кытаанахтык кірµллµіхтээ±ин эттилэр.
Нэґилиэнньэ аатыттан тыл эппиттэри истиэ±иІ. Анатолий: «Итэ±эс элбэх, маршруттар толкуйдаммакка оІоґуллубуттар. Сэбиэскэй кэм са±ана айаннааччы хайдах сылдьарын быланнаан оІороллоро. Билигин биир ЕДДС дааннайынан 650-ча оптуобус тахсар дииллэр. Тиґэх тохтобулларыгар тіґі ір тураллара биллибэт. Атыттар ірімµіІІэ, сынньалаІІа сылдьар кэмнэригэр оптуобус ахсаанын а±ыйатан 500-чэ гынар сіп. СНГ-тан кэлбит дьон биир сыл кондуктордаан баран, эґиилигэр суоппар бырааптаах кэлэн биґиги куораппытыгар µлэлииллэр. Кинилэргэ бастатан туран харчы, экэнэмиичэскэй интэриэс турар. Дьону тиэйиигэ эппиэтинэс, µлэ хаачыстыбата кэнники миэстэ±э тэбиллэр. Сааскы куонкуруґу ыытыах иннинэ олохтоох администрация кілі±і отдела атын куораттартан уопут ылыан наада. Тохтобулларга 6-7 оптуобус кэлэн ыга анньыґан тураллар, манна туох да миэрэ ылыллыбат. Оптуобус а±ыйыыра буоллар эппиэтинэс да µрдµі этэ».
Суоппардар µлэлэрин чааґын ырытыы буолла. Кинилэр чаастарын 1-1,5 тігµл элбэ±инэн µлэлииллэр. Маны аІаардаатахха, сынньалаІнарыгар да бириэмэ ордуо этэ диэтилэр. Уруулга 55 сыл олорбут ыстаастаах кырдьа±ас: «Урут оптуобустар бары графигынан сылдьар этилэр. Мин Сэргэлээх суолун 2-с километрыгар олоробун. Урут 7-с муниципальнай оптуобус сылдьар эрдэ±инэ киґи эрэйдэммэт этэ. БилиІІи суоппардар маатыралара, µіхсэллэрэ, киґи туох эмит диэн саІараары гынна±ына тыла суох ыытан кэбиґэллэр. Тохтобулга со±отох кырдьа±ас турар буолла±ына ылбакка бараллар. Мин 75 саастаахпын, устудьуоннары µірэтэбин. Миигин кµн аайы 65-70 о±о кµµтэр. 2-с нµімэрдээх оптуобус сарсыарда алтаттан сылдьара уонна икки симиэнэнэн µлэлиирэ буоллар».
Элбэх µІсµµ 25-с маршруттаах оптуобуска киирдэ. Субуота кµн сарсыарда 8-тан эрэ тахсаллар (бу да кµн µлэлиир киґи элбэх эбээт!), киэґэтин 8 кэнниттэн оптуобуґу кэтэґэн тоІор аакка бара±ын. 25-с маршруту уґатарга туруорустулар, сайыІІы режимІэ кіґірі буоллар диэтилэр. АІаардас ааспыт ірібµллээ±и бырааґынньыктарга 1,5 чаас хойутаабытын эттилэр. 2, 5, 16 нµімэрдээх оптуобустар олус кирдээхтэрин, олорор сирдэрин ылаттаан баран барыларын туруору симэн айанныылларын ыйдылар. Аны тохтобулларга олус уґуннук туран рацияынан кэпсэтэллэрин этэ да барбаккын. Покровскай тыраагар тохтобуллар ханна бааллара биллибэт, хабыс-хараІа, лаампа тыкпат дииллэр. 18 маршруту «Три лимона» ма±аґыыІІа диэри уґатыахха наада диэн туруорустулар. Марха олохтоо±о элбэх чааґынай дьиэ тутуллан олохтоох элбээбитин эттэ. Хас да килэмиэтири сатыы хааман «Каспер» ма±аґыыІІа тахсабыт. 104 №-дээх эрэ маршрут чааска биирдэ сылдьар, онон о±олор сатыы хабыс-хараІа трасса устун хаамаллара кутталлаах, ааґан иґэр массыыналар тохтоон олордо сатаабыт да тµбэлтэлэрэ µгµс диэтэ.
Лонгинов уулусса±а 8-с эрэ оптуобус эргийэн киирэн тахсар, манна 2, 3, 5 сырытыннарыахха наада диэн этии киирдэ. Аны оптуобуска олус элбэх уоруйах сылдьарын, кинилэр 60 бырыґыаннара суоппары кытары биир сибээстээхтэр диэтилэр. Ол курдук хаста да маннык тµбэлтэ±э суоппар милииссийэни ыІырыан оннугар аанын арыйан дьону таґаартаан кэбиґэр эбит. Оптуобустар кэлиІІи ааннарын арыйбаттар, кондуктор кµнµ быґа сарыысса курдук олорор, тохтобулу биллэрбэт. «Киин» киинэ театрын таґыгар турар тимир олбуор дьон сылдьарын олус мэґэйдиир. Кырдьык да±аны алта-сэттэ оптуобус кэлэн тохтоото±уна наадалаах нµімэргэр киирээри кибис-кирдээх оптуобуска аалыІнаан, кыбылла-кыбылла бара±ын. Оптуобус суоппардарыттан санитарнай киниискэни ирдиэххэ наада диэтилэр.
Кэпсэтии кэлин итийэн-кутуйан барда. Чахчы да±аны, сылын аайы сыаната µрдµµ турар айаммытыгар ким холкутук, чуумпутук, эрэллээхтик наадалаах сиригэр тииийэн ба±арбат буолуой. Киирбит этиилэри, санаалары, туруорсуулары олус бол±омтолоохтук истэн куорат салалтата аны саас ыытыллыахтаах куонкуруска барытын µірэтэн, сібµлэґэн ылынара буоллар бу кэпсэтии, санаа атастаґыыта мээнэ±э буолбата, кураанах куолуга, кумаа±ыга хаалбата диэн µірµіххэ эрэ сіп.
Наталья КЫЧКИНА - КЫНАТ.