Төрдүс ыҥырыылаах мунньах дьокутааттарын испииһэгэр 74 киһи аата ахтыллар. Мантан аҥаардара биир мандаттаах быыбардыыр уокуруктан, аҥаардара баартыйа ипсииһэгинэн парламеҥҥа киирэн олороллор. Субу кэмҥэ үлэлии сылдьар дьокутааттар – 69-тар, сорохтор судаарыстыба сулууспатыгар көһөн, сорохтор олохтон туораан боломуочуйалара уһуллубута. Парламеммыт төрдүс ыҥырыылаах мунньаҕар олорор диэтибит. Дьэ, бу түөрт мунньах тухары кур бэйэлэрэ кубулуйбат, 18 сылы быһа дьокутаат мандаатыттан арахсыбатах дьоннордоохпут. Александр Жирков – Бороҕон быыбардыыр уокуругуттан дьокутааттаабыта 18 сыл буолла. Андрей Кривошапкин – хотугу улуустар бэрэстэбиитэллэр, Александр Уаров Бүлүү сүнньүн биир улахан түөлбэтин дьокутаата.(Николай Соломов төрдүс да болдьоҕор барыахтааҕын, атын тэрилтэ харалтатыгар киирбитэ тохтоппута). Ама, бу улуустартан, уокуруктартан кинилэри солбуйар ыччат тахсыбат бэйэтэ эбитэ дуу, уус алданнар, сунтаардар оннук айылаах туйах хатараччыларынан татымырбыттара эбитэ дуу. Биллэн турар, бу дьон бэйэлэрин кэмнэригэр элбэҕи, үтүөнү оҥордохторо, дьайдахтара, ол гынан баран, үөһээ ахтыллыбытын курдук, хайа да бэйэлээҕи биир дуоһунас, биир үлэ 20-ччэ сыл тухары сэниэни, күүрээни өһүлэн эрдэҕэ. Салайааччы – бастатан туран, саҥаттан саҥаны киллэрээччи, инники күөҥҥэ сылдьааччы, түргэн тэтимнээх аныгы олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылааччы буолуохтаах этэ.
Түөрт мунньах тухары дьокутааттаабыт дьоннор кэннилэриттэн, сырыһыннара үс болдьох дьокутааттаабыт дьон ахсаана эмиэ балайда. Сэрэйдэххэ, кинилэр даҕаны 2013 сылга төрдүһүн парламеҥҥа силис тардар санаалаахтар: Георгий Артемьев – хомуньуус, Александр Гаврильев – хомуньуус, Александр Ким-Кимэн – «биир ньыгыл», Зоя Корнилова – «сиэрдээх», Афанасий Максимов – Чурапчы – Таатта уокуруга, Альбина Поисеева – «аграрий». Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ – Виталий Басыгысов бу иннинэ икки болдьох тухары Госдумаҕа олорбута. Дьокутаат чэпчэтиитинэн туһаммыта эмиэ 20-ччэ сыл буолла.
Оттон иккис болдьоххо мунньахтыыр дьокутааттар ахсааннара – 30. Ол аата билиҥҥи парламеммытыгар 69 дьокутааттан саҥа дьон 30-тар эрэ. Уоннааҕылар дьарҕа буолан Ил Түмэн кириэһилэтигэр өрөөбүттэрэ кырата уонча сылга тэҥнэстэ.
Ааттыыр, ыҥырырар, ыраланар «Көлүөнэ солбуһуга», «Эдэрдэргэ – суолу!» ханна баарый?
Дьокутааттарбыт үлэлэриттэн астынар-дуоһуйар киһи баара дуу: «Барахсаттарбыт абыраатылар» диэччилэр төһө элбэхтэрий? Бэйэлэрин үлэлиир эйгэлэригэр, бизнестэригэр, урбааннарыгар сөп түбэһэр сууту-сокуону ылынаары эрэ дьокутааттыыр курдуктар. 70 киһиттэн улахан аҥаара промышленниктар, онтон өссө хаалбыт аҥаара бизнес ханнык эрэ салаатыгар үлэлииллэр. Оттон сахалар промышленноска төһө элбэхтэрий, промышленностан төһө абыранан олоробутуй?
Өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар саҥа дьон быстар аҕыйахтар. Миниистирдээн бүттэхтэринэ Ил Түмэҥҥэ көһөллөр, онтон «үүннэхтэринэ» миниистирдии бараллар. Александр Ким-Кимэн, бырастыы гыныҥ, дьиҥ тугу оҥорбутун ким эмэ кэпсиир кыахтаах буолаарай? Семен Олесов икки болдьох тухары тугу оҥордо? Сорох-сорохтор итинник ааттаах чаччыыналаахпытын билбэт да инилэр. Айсен Николаев 2-с, 3-с мунньахтарга дьокутааттаан баран правительствоҕа барбыта, Александр Подголов эмиэ дьокутааттаан баран миниистирдии барда, Иван Слепцов – «Калмыкия аптарытыата» тыабыт хаһаайыстыбатын тилиннэриэхтээх, Эрнст Березкин 28-гар миниистирдээн соһутан баран дьокутаат буолан симэлийдэ, Төлөннөөх Артур билигин тимир суолу тутар А.Дудников кэтит көхсүгэр бүктэ. Онто эмиэ дьокутаат. Тимир суолун госхонтуруолга туттарда да хаана үөс сиргэ тардар буолуохтаах. Юрий Заболев дьокутааттыы сатаан баран мээрдээбитэ буолар.
Дьокутааттарбыт иһиттэх аайы «бу сокуоҥҥа уларытыы киллэрдилэр», «ити сокуону тупсардылар, быһаардылар» диэн буолар. Оттон сахалыы санаан көрдөххө,биир дьүөгэм эппитинии – үчүгэйдик тигиллибит ырбаахы көтүрүллүбэт, көннөрүллүбэт буоллаҕа. Уларыппат-тэлэриппэт гына киһилии сокуону ыллыннар ээ. Бэйэлэрин итэҕэстэрин көннөрөллөрө үөрүү буоллаҕай. «Онно сырыттылар», «манна сырыттылар» – босхо бырайыаска, аска-таҥаска сылдьымына, ама ким сириэй.
Дьокуттааттарга санатар эбит буоллахха, 1827 сыллаахха тэриллибит Степной Дума ылыммыт «Сибиир омуктарын салалтата» устааптара («Устав об управлении инородцев Сибири») Сэбиэскэй былаас атаҕар туруор диэри уларытыллыбакка үлэлээбитэ. Сокуон оннук чиҥник, олохтоохтук оҥоһуллуохтаах!
Билигин Ил Түмэн сессиятын көрдөххө киһи утуктуур. 1922 сыллаахха умайа-умайа, тиллэ-тиллэ туруулаһан Саха сиригэр автономияны аҕалбыт дьокутааттар буолбатахтар.1992 сылга Төрүт Сокуону, Суверенитет Декларациятын ылынар, толкуйдуур, туруорсар чаҕылыҥнас харахтар суохтар... Ким эрэ бэйэтин дьыалатын саныыр, ким эрэ дьиэтигэр Москубаҕа бараары чаһытын көрүнэр.
Комментарии
Мин санаам: 35-45 саастаах дьон наадалар! Ейдерун туппут дьон
Аны туран, 19 уйэтээ5и сокуон-устаап уларытыллыбакка улэлээбитэ биллэр буолла5а дии, оччотоо5у олоххо олоруоххутун ба5арар буоллаххытына - баьаалыста! Билинни уйэ5э сокуон олох ирдэбилигэр хоруйдуохтаах буолла5а дии, ол иьин уларытыллар. Буддьуеккэ эбии уп киириитин уларыппатахха, ол харчыны таах хаалларабыт дуо?