Олох биир сиргэ турбат. Сэрии, сут-кураан, баай-дуол былдьаһыыта, ыһыллыы-тоҕуллуу, экэниэмикэ-бэлиитикэ дэгэттэрин түмүгэр, билигин аан дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн киһи сир уларытар, көһөр, кэлэр-барар... Ол барыта эриэ-дэхситик ааспат. Айылҕаттан намыын, холку саха дьоно түөлбэлээн олорор сирбитигэр киһи үөйбэтэх-ахтыбатах дойдуларыттан атын, туора омук дьоно кэлэн олохсуйаллар. Бу дьон бары сайда, биһигини сайыннара кэлэр айыы тыыннаах дьон буолуохтара дуо? Маны тэҥэ, олохтоох сууту-сокуону төһө ытыктыылларый, билинэллэрий?
Бу күннэргэ «В Якутии.ру» интэриниэт-хаһыат эрэдээктэрэ Елена Тихонова Индия бизнесменэ Раджеш Ганди үҥсүүтүнэн суукка эриллэ сылдьарын истэр буолуохтааххыт. Бүгүн ол дьыала ис хоһоонун манна быһаччы кыбыллыбыт Елена Тихоноваттан бэйэтиттэн истэбит.
– Лена, алмааһы кырыылатар киэҥ хоннохтоох бизнесмен эйиэхэ тугун былдьатан таала кырыыланна?
– «Чорон Даймонд» генеральнай дириэктэрэ Раджеш Ганди «В Якутии.ру» интэриниэт-хаһыакка тахсыбыт түөрт матырыйаалтан сылтаан, миигин арбитраж суутугар үҥсэн, уопсайа 30 мөл. солкуобайы көрдөөн эрэр.
– Ок-сиэ, 1 мөлүйүөн дуоллар! Тугун элбээбитэй!
– Бастатан туран, "Чьим флагам служите, "герр" Голубенко? Министр промышленности Якутии лоббирует интересы... иностранного капитала?" (24.04.2010) уонна "Алмазная экспансия". АБК Якутии завоеван иностранным капиталом" (29.05.2011) ыстатыйаларым иһин – 10 мөл. солк. көрдөөбүт. Оттон "Бусы для аборигенов", или Почем грани Родины?" (19.06.2010) диэн ыстатыйа иһин эмиэ 10 мөлүйүөнү ирдэһэр... «Баня для аборигенов", или Почем статьи Кодекса...» диэн быйыл атырдьах ыйын 5 күнүгэр тахсыбыт матырыйаалга сигэнэн, Ганди өссө эбии 10 мөл. суумалаах үҥсүүнү бэлэмнии сылдьарын туһунан кини бэрэстэбиитэлэ «сырдаппыта».
Биллэн турар, аныгы үйэҕэ сиргиттэн-уоккуттан дьону көҥүүрүҥ табыллыбат, кыаллыбат даҕаны. Дьиҥинэн, биһиги көлүөнэ оҕо эрдэхпититтэн Индия киинэлэригэр, ырыаларыгар улааппыт, ол дойдуну уонна кини олохтоохторун барыларын сырдык ыра санаа, кумир оҥостон кэлбит дьон буоллахпыт. Дьэ ол сырдык-ыраас «остуоруйабытын» садаҕалыыр дьон көһүннүлэр. Дьиҥнээх олох киинэттэн атын эбит. Раджеш Ганди, Гоял Кришан Кумар («Рослек» гендириэктэрэ) курдук, биһиги дойдубут суутун-сокуонун аанньа ахтыбат, баппат баайдаах мургун дьон күөрэйэн кэлэн, биһиги олохпутун «иилиир-саҕалыыр» оруолланан эрэллэр.
– Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ алмаас сырьетун туһуттан элбэх киирсии бара турар. Судургутук толкуйдаатахха, Саха сиригэр хостоммут алмаас бастакы уочарат олохтоох тааһы кырыылыыр хампаанньаларга тиксиэн сөп этэ. Ол эбэтэр, олохтоох тэрилтэ ханна да илдьибэккэ-аҕалбакка тааһын манна кырыылыыр, нолуок киллэрэр, үлэ миэстэтин таһаарар...
– Саха сиригэр алмааһы кырыылыыр тэрилтэ наһаа элбэҕэ суох. Дьиҥнээх «олохтоохторунан» «Комдрагмет» ГУТ, «ЭПЛ Даймонд» хампаанньатын бөлөҕө, «Кристалл-99», «Якутская алмазная компания», «Покровский гранильный завод», «Севералмазтехнологии» ХЭТтэр ааҕыллыахтарын сөп.
Оттон «Саха Даймонд» ХЭТ – дьоппуоннар, «Чороон Даймонд» – индиялар, «ДДК» («DDC») ХЭТ – эмиэ индиялар, «Туналгы» ХЭТ – израиллар, «Сата» ХЭТ – Армения уонна Бельгия гражданнарын бас билиитэ. Ааттара сахалыытын көрүмэҥ...
Көстөрүн курдук, өрөспүүбүлүкэбит стратегическай суолталаах экэниэмикэтин салаатыгар 11 тэрилтэттэн 5-гэр (45,5%), быһа холоон аҥаарыгар, туора омук гражданнарын, чааhынай тэрилтэлэрин бас билиитэ эргийэр.
– «Чороон Даймонд» тэрилтэни Саха сиригэр уонна Владивостокка алмааһы кырыылыыр собуоттаах дииллэр. Дьокуускайдааҕы собуоттара ханна баарын уонна онно төһө киһи үлэлиирин ким эмэ билэр дуо?
– Дьэ, ол ону билэр киһи кэмчи, суох даҕаны. Ол «собуоттарын» Дьокуускайдааҕы аадырыһыгар киһи, үлэһит баар сибикитэ биллибэт. Хата, дөрүн-дөрүн, сири-буору аннынан, «Чорон Даймонд», Раджеш Ганди кыбартыыраларыгар ханна да учуокка ылыллыбатах мөһөөччүктээх алмаастары булалларын туһунан истэбит. Ону туһааннаах ис дьыала уорганнара «бэрэбиэркэлии сылдьаллар» диэн буолар да, дьыала-куолу тиhэҕэр тиэрдиллибэт, улахан айдаан-куйдаан, суут-силиэстийэ барбат... Барыта ханна эрэ, ким эрэ остуолун анныгар «көмүллэн» иhэр...
Былдьаһыктаах алмаас сырьетугар тииһиммит туора омук бизнесменнэрэ, аатыгар эрэ «Арассыыйаҕа собуоттаахпыт» диэн кэпсэнэллэрэ сэрэйиллэр. Манна кырыылаан эрэйдэммэттэр, үлэһит тутан, социальнай пакет төлөөн бадьыыстаспаттар, судургутук кыраныысса таһыгар таһааран атыылаан эбэтэр кырыылатан кэбиһэллэр. «Сокуон, киһилии сиэр быһыытынан да буолбакка, ханнык эрэ кистэлэҥ албастарынан кыраныыссаны туоратар буолуохтарын сөп», – диэн сылыктыыбыт. Холобур, Владивосток куораттан уу аннынан устар оҥочонон контрабанда таһалларын туһунан элбэхтик суруйаллар. Туох да пошлината, нолуога суох буор босхо Арассыыйа баайа күрэтилиннэҕэ ол. Арай, ол уоруллан тахсар күндү таас биһиги тэрилтэлэрбитигэр тиксибит буоллун? Төһө элбэх киһи үлэлэниэ-хамнастаныа, бүддьүөккэ төһө нолуок киириэ этэй! Бары сүүйүүлээх хаалыах этибит буоллаҕа. Ити курдук, Саха сириттэн хостоммут баай олохтоох дьону тумнан, тас дойдулар ханнык эрэ саарбах тэрилтэлэрин илиитигэр киирэн сүтэр-оһор, уоруллар, түмүгэр кими эрэ байытар.
Ити курдук уоруу схемаларын суруйбуппуттан Раджеш Ганди улаханнык өһүргэнэн, миигин бэйэлээх бэйэбит судаарыстыбабыт суутунан дьарыйтарарга холонон эрэр. Дьиҥинэн, мин чопчу кинини уонна кини бас билэр тэрилтэлэрин туох да диэн куһаҕаннык саҥарбатаҕым, туохха да балыйбатаҕым, «Арассыыйа сокуонун кэһэллэр, буруйу оҥордулар» диэбэтэҕим. «Маннык быһыы-майгы тахсыбатын» эрэ диэн сылыктаабытым, сабаҕалаабытым, сэрэппитим. Онно өһүргэнэн сууттаһарга туох да төрүөт суох дии саныыбын.
– ...Лена, соҕотоҕун үс оҕоҕун иитэҕин, аймахтаргар көмөлөһөҕүн... Аны суутунан соскойдууллар, сойуолаһаллар, сааналлар... Эйиэхэ ол туохха нааданый? Сапсыйан баран хаалларан кэбиһэр кыах суох дуо?
– Арай, бу курдук олохпут омсолорун саралаан, аһаҕастык көрдөрөн-биллэрэн биир да суруналыыс суруйбат, эппэт-тыыммат буоллун? Төһө элбэх саарбах дьыала хорсун суруналыыстар көмөлөрүнэн бар дьон билиитигэр тахсыбытай, салгыы дириҥээбэккэ кэмигэр тохтотулллубутай! Туох да саҥата суох «ээҕи» кытта кэҕиҥнэһэ олордохпутуна ханна тиийэбитий? Сиэн баран кэҕэрдэн да көрүөхтэрэ суоҕа. Оннук буолбатах дуо?
– Бэйэлээх бэйэбит дойдубутугар, сирбитигэр-уоппутугар илдьи тэпсэн ааһыахтара диэ... Арба, СӨ Үрдүкү суутун уопсастыбаннай хамыыһыйатыгар чилиэн буоллуҥ этэ дии. Туох санаа баар?
– Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү суутун үтүө тылынан аҕыннахпына сатанар. Тоҕо диэтэххэ, Уһук Илиҥҥэ аан бастакынан (Арассыыйаҕа эмиэ ахсааннаах)Уопсастыбаннай хамыыһыйа тэрийдилэр. Бу хамыыһыйаҕа 15 суруналыыс киирдэ. Дьэ, биирдэ баҕас, суруналыыстары «судаарыстыбаннай-чааһынай» диэн араарбакка киллэрдилэр. Ити – биһиги идэбит, үлэбит аатын-суолун, эппиэтинэһин үрдэтэр суолталаах дьаһал. Иккиһинэн, чааһынай уонна интэриниэт хаһыаттар уопсастыбаҕа дьайар оруолларын-суолталарын билинии буоллаҕа.
– Эн 2005 сылтан саҕалаан «В Якутии.ру» интэриниэт-хаһыат таһааран үлэлэтэҕин. Бу үлэ дэгэтин барытын нойосуус билэн эрдэҕиҥ. Ол гынан баран, эн санааҕар, билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбит медиа-ырыынагар бэчээт бородууксуйатын ханнык көрүҥэ тииийбэтий?
– Мин саныахпар, билигин өрөспүүбүлүкэбит медиа-ырыынага харан, иҥнэн турар курдук, кэлин туох да сонун көстүү-дьайыы суох. Ханнык хаһыат, хаһан уонна тугу суруйуохтааҕа барыта эрдэттэн биллэр, сэрэйиллэр да курдук... Мин нуучча тыллаах суруналыыс буоларым быһыытынан, ити нууччалыы хаһыаттары этэбин.
Холобур, өрөспүүбүлүкэбит интэриэһин, биhиги, сахалар, уонна олохтоох хотугу норуоттар интэриэстэрин туруулаһар биир да нууччалыы тыллаах хаһыат суоҕа – биһиги улахан итэҕэспит! Биһиэхэ, муҥ саатар, нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар «кумааҕы» хаһыат хайаан да наада.
Тоҕо диэтэххэ, төрөөбүт тылларын билэр эрээри, кыайан аахпат-суруйбат, нууччалыы иитиилээх саха да, хотугу омук дьоно да элбэхтэр. Бу дьон тус бэйэлэрин баҕаларын, интэриэстэрин толуйар, наадыйар хаһыаттара суох.
– «Ситим» медиа-бөлөх үлэтин-хамнаһын хайдах сыаналыыгын?
– Мин бастаан өйдөөбөт этим, «Ситим» дириэктэрэ Мария Христофорова бу туох айылаах элбэх сахалыы хаһыат, сурунаал бөҕөтүн таһаарарый? Тоҕо барыта сахалыы тылынан тахсарый?» дии саныырым. Билигин ол тоҕотун өйдүүбүн. Ити биһиги, сахалар, көмүскэнэр, норуот быһыытынан салгыы сайдар тирэхпит эбит. Ити барыта биhиги төрөөбүт тылбыт, духуобунаспыт, ис куппут самныбакка сайдарыгар үлэлиир.
– Сууппутугар төннүөххэ... Өрөспүүбүлүкэбит дьонун-сэргэтин интэриэһин көмүскээн бу курдук айдааннаах, уустук тиэмэҕэ киирсэр суруналыыстары көмүскүүр туох да...
-- ...Туох да көмүскэлбит суох. Хараҥаҕа балыйтаран киэһэ уулуссаҕа ханна баҕарар... (остуолу үстэ тоҥсуйар). Ол гынан баран, хоруупсуйаны, экэнэмиичэскэй буруйу оҥорууну саралыыр, тас күүстэр хараҥа дьайыыларын арыйар матырыйаалларбын тохтотор былааным суох.
Тоҕо диэтэххэ, бу – биhиги сирбит-дойдубут, дьоммут-норуоппут интэриэһэ. Биhиги ыччаппыт Индияҕа, Японияҕа, Арменияҕа баран олоруо дии саныыгын дуо? Тиийэр да күннээх буоллаҕына, бу биhиги бүгүҥҥү «ыар ыалдьыттарбыт» курдук аҥаардастыы айбардаан, «былааһы ылан» сылдьыа дуо?
Тойон Гандины, мистер Кумары өһүргэппит матырыйаалларым сүрүн сыаллара-соруктара – бүгүҥҥү-сарсыҥҥы саха, эбээн, эбэҥки, юкагир, чукча, долган оҕолорун кэлэр дьылҕалара. Мин төрөөбүт Сахам сирин дьоно-сэргэтэ соҕурууттан-арҕааттан манна араас кирдээх ньыманан харчы өлөрө, байа-тайа, аҥаардастыы айбардыы кэлбит дьоҥҥо кулут-чаҕар, хамначчыт, үүрбэ сүөһүтэ буолбатын, бэйэтэ сайдар суолун бэйэтэ тобулунан үүнэрин, уһун буруону унаарытарын туһугар үлэлиибин дии сананабын. Ол туһугар хайдах кыайарбынан-сатыырбынан охсуһабын.
Эрэдээксийэттэн: Манна үөһэ ахтыллар «Чороон Даймонд» хампаанньа «Якутия» футбол кулуубун кытта биэс сыллаах сөбүлэһии түһэрсэн үбүнэн көмөлөһөр буолбутун билэбит.
Өрөспүүбүлүкэбит кулууба бу курдук кимнэрэ-туохтара биллибэт омук фирмаларын кытта дуогабар-хантыраак түһэрсэрэ төһө сөбүй? Ама, бэйэбит кыракый кулууппутун бэйэбит испититтэн өйүүр-үбүлүүр дьон тиийбэт, көстүбэт дуо? Бу "көмөлөспүттэрин" улахан былаах оҥостон "ыалдьыттар" өрө баран, иһирдьэ киирэн иһиэхтэрэ суоҕа дуо?
Бу матырыйаал оҥоһуллан тахсыан иннинэ, боппуруос төрдүн-төбөтүн чуолкайдаары «Чороон Даймонд», Раджеш Ганди суукка тус бэрэстэбиитэллэрэ Андрей Добрынины кытта төлөпүөннэһэ сатаабыппытыгар, «туох да кэмэнтээрий бэриллибэт» диэн мастыы батынан кэбистэ.
Kyym.ru
Комментарии