Аркадий Алексеев Тикси баһылыга буолбата

Вторник, 11 Октября 2011 08:58
Оцените материал
(0 голосов)

Алтынньы 9 күнүгэр Тикси бөһүөлэгин мээригэр быыбар буолан ааста. Быыбарга 4 киһи кытынна. Эрдэ биллэриллибитин курдук, «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйа быыбарга урукку Тикси баһылыгын – Аркадий Алексеевы өйүүбүн диэн биллэрбитэ.  

Алексеев икки президент тухары сүгүн үлэлээбэтэх киһи.  Хабараан тымныы кэмигэр бөһүөлэгин тоҥорон кэбиһэн хаста да араллааны тарда сылдьыбыттааҕа. Бастаан В.Штыров, онтон Путин кэлэригэр бөһүөлэгин «тупсарбатаҕар» Е.Борисов үлэтиттэн устубуттара. Олохтоохторго Алексеев өйөммөт. Бу киһи бастаан «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа чилиэнэ этэ. Онтон үлэтиттэн ууратыллан баран, арай, кини «сиэрдээхтэргэ» күөрэйэн тахсыбыта. Сорох киһи бэрчээккэтин да итинник түргэнник уларыппат.

Тикси олохтоохторо быыбарга, киин улуустарга тэҥнээтэххэ, көҕө суохтук кытталлар. Бөһүөлэктэрин баһылыгын быыбарыгар 31% нэһилиэнньэ куоластаата диэн хамыыһыйа биллэрэр. Инньэ гынан, баһылык эбээһинэһин толорон олорбут Сергей Лиджиев 308 куолаһы ылан кыайбыт. Лиджиев бэйэтин баҕатынан быыбарга кыттыбыт диэн буолар.

 

Добавить комментарий

Защитный код
Обновить

Aartyk.ru