Куосдуумабыт быыбара чугаһаабыт бадахтаах. Икки ыйтан ордук бириэмэ баар дииллэр. Ол эрээри, номнуо киин сирбитигэр дьон куолаһын ылаары хатыһыы, айдаан саҕаламмытын туһунан, хас ханаал аайы кэпсээн үллэҥнэтии. Мэлийэрдиэр Буруохарап диэн киһи, «Быраабайа дьыала» диэн баартыйа салалтатыттан уһуллубут айдаана ааспыт нэдиэлэ саамай «амтаннаах куһуоҕа» буолла быһыылаах. Хата, диэбиккэ дылы, бу киһи барар араллаана «быыбар хаамыытыгар син балай эмэ интэриэһи тарта» дэһэллэр. Тэлэбиисэргэ хас ханаал аайы Буруохарап туһунан кэпсээн кэҕийии бөҕөлөрө. Ыалым Маарыйа киирбитигэр саҥаны билбиччэ-көрбүччэ кэпсээри гыммыппар таҥнары сапсыйда. «Ол, өллөхпүнэ мин быарбын сиэбит суор тиийбэт да Москубатыгар буолбуту лахсыйыма! Хата, оҕонньор биэнсийэбит үрдүүр үһү дуо? Ону эт, миэхэ. Тэлэбиисэриҥ туох диирий?» -- диэтэҕэ үһү. Мин, сонуну-нуомаһы син балай эмэ, удумаҕалатар буоламмын, биэнсийэм үрдүүрүн кэтэспэт да буолбутум ыраатта. Үөһээ олорор салалта биһиэхэ -- биэнсийэлээхтэргэ эрэ наада буолбат, атын кыһалҕалаах дьон ини.
Москубаттан ыраах сытар Дьокуускайбытыгар даҕаны, ол-бу сурах-садьык элбэҕэ сүрдээх дииллэр. Ыалым Дэбдэкэ Ньукуу сиэнэ Миитэрээс миэхэ холооно суох үөрэхтээх-билиилээх киһи буоллаҕа. Сулумах, үлэтэ суох да буолан, сүөһүтүн көрдө да, туос иллэҥ. Онон Интэриниэттээн саатыыр, хаһыаты да балай ааҕар быһыылаах. Ийэтэ – Хаһыылаах Хаача биэнсийэтэ баарын тухары оттон оннук олорон эрдэҕэ.
Миитэрээс кэпсээнинэн, Дьокуускайга баар ханнык эрэ баартыйалар аччыгый тэрилтэлэрэ, быыбар хампаанньата саҕаланан, биилбэр (билборд - редакция) былдьаһан сууттаһаллар үһү. Ол биилбэр аайы сууттаһан баран хайа сирэйдэринэн кэлин көрсөллөр? Сахалар бэйэбит да аҕыйахпыт бэрт ээ. Быыбардара бүтүө дии, үйэ тухары салҕанар үһүө. Хас үйэҕэ бараары ол буолар-буолбат быыбар аайы сууттаһан туһэннэр диэх курдук. Аны, Миитэрээс үнүрүүн «биир баартыйа Саха сиринээҕи салаатын тойонугар анньыһан, сорох-сорохтор бэйэ-бэйэлэрин кэриэтэһэллэр үһү» диэн кэпсээтэ. Ол ханнык эрэ баартыйа тойоно буолар инниттэн, аматын дуу, үөрэхтээх-хаардаах эдэр дьон эйэ-дэмнээхтик быһаарсаллар ини. Аата, биһиги курдук түгэх дэриэбинэ дьоно буоллахтарай.
«Түгэх», диэбиккэ дылы, биһиги дэриэбинэҕэ бастакы дэмикирээттии быыбар ыытыллыбытын санаан кэллим. Арыый ама тойотторбут – оскуола дириэктэрэ уонна дьаһалтабыт баһылыга, хайа эрэ баартыйа дэһэ-дэһэ, тылларын былас түһэрэн баран, түүннэри-күнүстэри сүүрэкэлэһии! Ол саҕана маҕаһыыҥҥа көрсөн баран уолуктаспыттара дии-дии, өргөө диэри дьон бэркиһээбитэ баара. Быыбар бүппүтэ, ханнык да баартыйа «бу баарбын» диэн биллибэтэҕэ. Арай, кэлин баһылыкпыт уонна дириэктэрбит бииргэ «аһаан» баран «хайа да баартыйа буоллун, аны киирсибэппит» диэн уулуссаҕа куустуһан баран сылдьаллар диэн күлсэн эрэллэрэ. Оннук ээ, быыбар диэн быыбар. Бүгүн баар, сарсын суох. Онтон биир күөлтэн аһаан олорор дьон, ол аайы өстөспөтөхпүтүнэ сатанар буоллаҕа дии.
Көр, аны, үнүр Миитэрээс маннык кэпсээннээх буолла (былыргы эһэтин Дэбдэкэ курдук омуннаабата ини): «Биир Куосдуума дьокутаатынан олорбут киьи баартыйа кылаабынай «испииһэгэр» киирбэккэ соҕуруу «унсэ» барбыт диэн суруйбуттар» диир. Кырдьыгы кэпсиир буоллаҕына, ол муҥнаах эмиэ тоҕо да Москубаҕа үнсэ бараахтаабыта буолла диэх курдук. Ама, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр дьаһаллыбат боппуруос буолаахтаатаҕа дуу. Онтон мин бирисидьиэннээх энин, син «тос» курдук омукпун диэн сананан сылдьар оҕонньор этим ээ...
Миитэрээс этэринэн, аны саас кулун тутарга диэри быыбарынан «оонньуур» үһүбүт. Киһи курдук үлэлиир-хамсыыр эрдэххэ, быыбар диэни баардыылаабат да этим: «Тугу гынаары сахсарыҥнаһаллар» -- диэн буолара. Билигин биэнсийэлээх иллэҥ оҕонньор саатыырым суох буолан, хата быыбар диэни иһиттэхпинэ үөрэбин. Син, кимиэхэ эрэ наадалаах курдук туттабын. «Ону гыныахпыт, маны кыайыахпыт» дииллэрин истэн да манньыйаарыбын. Төһөлөөх элбэх быыбар ааста да, олохпут оннук тупсан кэлбитэ көстүбэккэ дылы. Баартыйаларбыт халлааны эрдэн, «ону-маны оноруохпут» диэн халытыы ааҥаардаах кэпсээн да кубарытталлар, кинилэр сиикэрик сэһэннэриттэн, аата халлаан сууллуо буоллаҕай, сэһэргээтиннэр. Саатар, истэн кулгаахпын сынньатыам.
Бүөтүр АРЫЫЛААХАП.