Билигин оччотооҕу ыґыллыылаах-тоҕуллуулаах кэмнэр ааґаннар, Россия регионнара атахтарыгар туран сайдыы суолугар үктэннилэр. Регионнарга, субъектарга инвестиционнай программа чэрчитинэн араас бырайыактар үлэҕэ киирэн эрэллэр. Биґиги республикабытыгар уонунан сыллар тухары тохтоон турбут тимир суол тутуута оннуттан хамсаан, аҕыйах сыл иґигэр тутааччылар бүтүн хара тыаны солоон, сүүґүнэн километр уґуннаах тимир суол рельсэлэрин уурдулар, маны сэргэ нефть-газ саппаастаах сири-уоту туґаҕа таґаарыы күүскэ ыытыллан эрэр. Баараҕай суолталаах бырайыактар кумааҕыга эрэ хаалбаттарын туґугар үлүгэрдээх үп-харчы, элбэх киґи сыралаах үлэтэ ирдэнэр. БилиІІитэ араас таґымнаах тутууга республика таґыттан 30-ча тыґыынча кэриІэ киґи кэлэн үлэлии сылдьар. Јссі бу кырата. Чиэппэрэ эрэ диэххэ сіп. Республика 2020 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын торумугар сурулларынан, чугастааҕы сылларга 150 тыґыынча омук дьоно кэлэн үлэлиирэ былааннанар. Онон инники сайдыыбыт тастан кэлэр норуот илиититтэн быґаччы тутулуктаахха дылы.
Билигин тас дойдулар экспертнэй хамыыґыйаларын, биирдиилээн аналитиктарын кірүүлэринэн эрэ буолбакка, оннооҕор боростуой дьон да санаатынан Уґук Хоту дойду үп-харчы эргийэр киининэн буолла. Били, сахсырҕа саахарга мустарын курдук, кэлиІІи сылларга сэбиэскэй сойуус урукку государстволарыттан Саха сиригэр анаан-минээн харчыны батыґан кэлээччилэр элбээтилэр.
Федеральнай миграционнай сулууспа Саха сиринээҕи управлениетын чахчыларынан, сыллата государственнай кыраныыссаны туорааччылар ахсааннара улаатан иґэрэ кістір. ДьиІэр, РФ Правительствотын ыйааҕынан квота ахсаана аҕыйаабыта эрээри, тіттірүтүн улааппыта кістір. Холобур, 2006 сыллаахха биґиги республикабытыгар тас дойдулартан 22375 омук киґитэ кэлбит эбит буоллаҕына, бу сыл сэттэ ыйдааҕы туругунан 29144 киґи миграционнай учуокка ылыллыбыт. Мантан 73 %-на «үлэґит күүс» быґыытынан анаан-минээн Саха сиригэр кэлбиттэр. Эмиэ тэІнээн кірдіххі, «уґун» харчыны батыґан 2004 сыллаахха – 4730, 2005 сыллаахха – 8161, 2006 сыллаахха – 7283 омук дьоно үлэлии кэлбиттэр.
Эмиэ урукку сылларга курдук ордук элбэх киґи Арменияттан (23,6 %), Таджикистантан (19,2 %), Узбекистантан (18,8 %), Кыргызстантан (18,7 %) кэлбит. Визанан кэлбит дьон аІардарын кытайдар (46, 6 %), 23,6 %-рын Сербия гражданнара ылаллар. Бу дьонтон бачча ыраах сиргэ туох санааттан кэлэҕит диэн ыйыттахха, үгүс іттүгэр дойдуларыгар социальнай-экономическай туруктара мілтіҕүгэр, үлэ, үп-харчы суоҕугар сигэнэллэр.
Ол эрээри, биґиги республикабытыгар даҕаны үлэ миэстэтэ хас биирдии киґиэхэ күндү «бэлэх» кэриэтэ. Ґлэтэ суохтар сылы сыллаан уочараттаан үлэнэн хааччыллаллар. Эбиитин хамнас кээмэйэ намыґах буолан, эбии ыарахаттары үіскэтэр. Тіґі даҕаны биирдиилээн салаалар сайдыбыттарын үрдүнэн, үлэтэ суох ахсаана элбэх. Арай тыа дьоно кэтэх хаґаайыстыбаланан, оІорон таґаарбыт бородууксуйаларынан эргинэн дохуот аахсаллар.
Тастан кэлбит дьон аІардастыы Дьокуускай куораты эрэ буулаабакка, оннооҕор тыа сиригэр эмиэ кимэн киирдилэр. Биир киґи кэлээтин кытары, убайдара-бырааттара, эдьиийдэрэ дэнээччилэр бүтүн дьиэ кэргэнинэн кіґін кэлэр идэлэннилэр. Ол халыІ аймахтар транспорт, тутуу, атыы-эргиэн, общепит салаатын баґылаатылар. Дьокуускай куорат маршрутнай автобустарыгар нуучча, саха сирэйдээх киґи тарбахха баттанан ааҕыллар ахсааннанна.
Аны кэлиІІи кэмІэ олохтоох кафелар оннуларыгар узбекскай, киргизкэй, кытай куукуналара элбээтилэр. «Крытай», «Столичнай», «Сайсары» ырыынактарыгар эрэ буолбакка, куорат хабыллар хаба ортотугар бааллар. Холобур, Дьокуускай куорат аатырбыт «Сайсары» ырыынагын хара ааныттан омук дьоно фрукта, оҕуруот аґын арааґын дэлэйдик атыылыылларын таґынан, манты, чахохбили, люля-кебаб (сорох бүлүүдэлэр ааттарын киґи тыла іҕүллэ-іҕүллэ саІарар) курдук илиІІи норуоттар национальнай астарынан күндүлүүр кафелары үлэлэтэллэр. Онтон «Якутская кухня» диэн сахалыы аґы-үілү атыылыыр кафе ырыынак ойоҕоґугар, дьон-сэргэ улаханнык аалыстыбат сиринэн саґан турар. Омуктар гиэннэрэ ырыынак мааны дьиэтин бастакы уонна үґүс мэндиэмэннэригэр бааллар. Дьэ, бу хайдаҕый? Кэлии норуоту санныбытыгар ытыннаран олоробут. Кэм биґиги эмиэ ат іріҕітүгэр сылдьабыт. Олохтоох аґынан-үілүнэн эргиниэхтээх собус-соҕотох сирбитин кэлии дьон ырыынагар кубулуттубут.
Кафеларыгар биирдэ эмиэ аґыы киирдэххэ, кир-хох, сыт-сымар амырыын буолар. Шашлыгы, аґы-үілү астыыр аатырар үлэґиттэр таґырдьаттан киирээт тутатына луугу кырбаан, аґы-үілү тарҕатар түгэннэригэр элбэхтик кірін турабын. Дьэ, маннык кирдээх-хохтоох, санитарнай іттүнэн быста мілтіх усулуобуйалаах тэрилтэлэри Роспортребнадзор тоҕо кыраҕы хараҕар ылбат?
РФ Правительствота 2006 сыллаахха («Об установлении на 2007 год допустимой доли иностранных работников, используемых хозяйствующими субъектами, осуществляющими деятельность в сфере розничной торговли на территории Российской Федерации») атыы-эргиэн эйгэтигэр — пиибэнэн, итирдэр утахтарынан, эминэн-томунан эргиниигэ биир да омук киґитэ үлэлиэ суохтаах диэн сүрдээх тыйыс уурааҕы ылына сылдьыбыта. Уураах олоххо киириитэ іті кістүбэккэ, тутатына сылынан быысаґан атын уураах тахсыбыта. Онно сурулларынан омук дьоно рестораннарга, кафеларга, бардарга, остолобуойдарга үлэлиир толору бырааптаахтар. Биллэн турар, саІа сокуон, бэрээдэк иґинэн кіІүллээх буоллахтарына. Ол эрээри уураах, сокуон ылыныыта ситэтэ суоҕа, били нууччалар этэллэринии «палка о двух концах» диэбит курдук буолан тахсар. Онон биґиэхэ оІоґуллар сокуоннар наар ситэтэ суохтара, ураҕаґынан ууга суруйбукка тэІнээхтэрэ хомотор.
Сокуон быґыытынан тастан кэлбит дьон ханна үлэлииллэрэ хааччахтанарый? Омук дьоно атыыґыт, кассир, эргиэн агена, провизор (аптекаларга), фармацевт, контролер-кассир быґыытынан үлэлиэ суохтаахтар, онтон атын идэлэри баґылыылларын сокуон бопсубат.
Јскітүн инникитин маннык быґыы-майгы кіммітіҕүнэ, олохтоох дьон үлэлэриттэн матар чинчилээхтэр. Холобур, статистика сыыпараларын сыымайдаан кірдіххі, республикаҕа уонтан тахса тыґыынча киґи үлэтэ суох диэн. Ол эрээри бу учуокка турбут эрэ дьон. Бу барыта олохтоох дьон.
Анивера АКИМОВА