Санатан эттэххэ, 1978 сыллаахха тутуллубут 10 киловольтаах подстанция кыаҕын улаатыннарыы соругун «Амма оройуона» муниципальнай тэриллии баһылыга Александр Артемьев уонна «Киин электрическэй ситимнэр» генеральнай директордара Александр Захаров туруорбуттара.
Компания салайааччылара подстанцияны үлэҕэ киллэриигэ «Амматааҕы электрическэй ситимнэр» кылаабынай инженердэрэ Анатолий Иванов уонна электромонтер Иннокентий Могильников улахан өҥөлөөхтөрүн бэлиэтииллэр. Кинилэр чахчы уопуттаах буолан, саҥа оборудованиены таҥан үлэҕэ киллэрдилэр. Ол даҕаны иһин буолуо, кылаабынай инженер Анатолий Леонидовичка Покровка сэлиэнньэтин бочуоттаах аатын иҥэрдилэр.
Саҥа подстанция биир сүрүн уратылаах. Атын нэһилиэктэргэ уот ситимэ алдьаннаҕына, подстанцияттан тахсар ситими арааран кэбиспиттэрин да үрдүнэн Покровкаҕа уот арахсыбат. Ол курдук, алдьаммыт уот линиятын эрэ саба тутан кэбиһэллэр. Ити, биллэн турар, бары өттүнэн тоҕоостоох. Атын нэһилиэккэ уот ситимэ алдьаммыта, атыттарга тугунан даҕаны мэһэйдээбэт.
«Якутскэнерго» пресс-сулууспатыттан Анивера АКИМОВА.