«Ньыгыллар» урукку улахан мунньахтарыгар «ураа» тыл этиилэр, ытыс таһыныылар иһиллэр эбит буоллахтарына, бу сырыыга бэйэ-бэйэлэрин кэриэтээһиннэрэ балайда иһилиннэ. Ол курдук, Юлия Песковская эмиэ да «ньыгыллар» олохтоох салалталарын инники уктар киэн туттар киһилэрэ, Норуот фронун иһинэн оҥоһуллубут региональнай «Норуот программата» ситэтэ суох суруллубутун дьэ өйдөөн көрөн «бэлиэтээтэ». «Уларытыахха, ситэриэххэ наада» диэн этиитин урбаан миниистирэ Кормилицына утарда. Песковская эмиэ да «дьаарай» «ньыгыл» баартыйа эрээри, Госдумаҕа киирсэр испииһэккэ общественниктары баһылыыр кандидат курдук көстө сатыыра мөлтөхтүк суруллубут сценарийы санатар. Хайдах да эргит ГД испииһэгэр бары «ньыгыллар» киирэр санаалаахтара өтө көстө сытар. Дьиҥнээх общественник хабыллара саарбах.
Гордума бэрэссэдээтэлэ Александр Саввинов улахан парламеҥҥа дураһыйара илэ көстөр. «Праймеризкэ дьиҥнээх, кытаанах киирсии буолла» диэн тыл этиитин саҕалаабытын, өрөспүүбүлүкэ «ньыгылларын» салайааччыта Д.Глушко эмиэ тириитин таһынан иһиттэ. Сан Саныч түмүгэр «сарын-сарыммытыттан өйөнсөн, силлиһии-холбоһуу (единение, объединение) барда» диэн Глушко кулгааҕын сымнатта.
«Ньыгыллар» маннык дьоҕус быыбардара хас биирдии кэнэҕэс ыытыллар быыбардарга туттуллар буолуо диэн эттилэр. Праймеризкэ төһө харчы бараммытын ким да эппэтэ. Сэрэйдэххэ, улахан суума орускуоттаммыт буолуохтаах. Хас быыбар ахсын үчүгэй ый ыһыаҕа ыһыллар эбит.
Олег Тарасов («Якутскэнерго») уезд мунньахтарыгар делегаттары талыы былыргы ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕаттан бара, онон «праймериз» өйдөбүлэ бүгүҥҥү күнтэн эрэ саҕаламмата диир. Саха сиригэр, атын регионнарга холоотоххо, дьоҕус быыбар хайа сатанарынан чиэһинэйдик уонна кырдьыктаахтык барда диэтэ.
Петр Андреев праймериз ыытыллыбытыгар санаата атын буолла. Андреев ГД дьокутаата Михаил Эверстов «саллаата» буоларын киһи барыта билэр, сэрэйэр. Онон «генералын» санаатын мунньахха тиэртэ. Баартыйа туһугар ыалдьарын, баартыйа иһинээҕи өйдөспөт буолуу, бөлөхтөһүү көстүүтүн тохтотуохха диэн тыл көтөхтө.
Михаил Эверстов «норуот куоластааһыныгар» уон иһигэр улахан туруорсуунан киирбитин сайтар суруйан тураллар. Михаил Ильич, бэл, «эрдэттэн оҥоһуллубут испииһэгинэн праймериз» ыытыллар диэн суруналыыстарга интервью биэрэн турардаах. Глушко Андреевы «дакаастабылыҥ ханна баарый?!» диэн ыххайда. Биирэ дакаастабыла суох буолла, онон микрофоҥҥа тиксибэтэ. Атын баартыйалаахтар бэйэлэрин истэригэр суугунаан-сааҕынаан баран ылы-чып бардылар.
Ити да буоллар, Москуба5а ыытыллыахтаах сийиэстэригэр делегаттары таллылар, конференцияларын быһаарыытыгар бары куоластаатылар. Биир пууҥҥа биир эрэ киһи утарда.